Саха норуотун курдук хомуһу өрө тутар, хомуһу «ытыс ымыыта” оҥостон олоҕун тухары илдьэ сылдьар атын омук суох. Ити туоһутунан, сэтинньи 30 күнугэр – Хомус түмэлэ тэриллибит күнүгэр — Хомус күнэ диэн бэлиэтиир үгэс 2011 сыллаахтан олохтоммута.

Хомус аан дойдутааҕы киинигэр билиҥҥи туругунан 1692 хомус хараллан сытар. Ити сыаната биллибэт баай-дуол 47 омук дойдутун, 200 араас норуот устуоруйатын туһунан сиһилии кэпсиир кыахтаах. Ити барыта Саха Өрөспүүбүлүкэтэ аан дойду таһымыгар тахсарыгар үктэл буолаллар.

Саха хомуһа аан дойду үрдүнэн «саамай бастыҥ хомус” аатырыан аатырар. Саха уустара тэҥнээхтэрин була иликтэр. Саха хомусчуттара: Хомус Уйбаан, Бүөтүр Оҕотоойоп, Спиридон Шишигин, Федора Гоголева, Альбина Дегтярева, Дьүрүйээнэ, Ким Борисов — ааттарын Бүтүн Аан дойду дьоно-сэргэтэ билэр.

Инники да кэмнэргэ саха хомуhа Аан дойдуга киэҥ далааһыннаахтык сайда, саха омук аатын ааттата туруохтун! Хомус Күнүнэн!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Ю.С. Куприянов

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *