Атырдьах ыйын тиһэх күннэригэр саха биллэр ырыаһыта Лэгэнтэй ийэтэ Марина Христофоровна Васильева Хомус аан дойдутааҕы мусуойугар Дьааҥы ырыаларын толорон уһултарда. Дьааҥылыы норуот ырыаларын Марина Христофоровна эбэтиттэн Кустуй Маарыйаттан – Слепцова Мария Николаевнаттан истэн хаалбыт. Хабарҕа, мурун ырыалара ураты тыыннаахтар, балартан “Кымыс ырыата” режиссер Никита Аржаков устубут “Тыгын Дархан” киинэҕэ саундтрек быһыытынан киирбитэ. Бу ырыаҕа сылгыны хоһуйуу нөҥүө ыһыах ыһыы, алгыс көстүүлэрэ ураты кэрэтик бэриллибиттэр. “Туллуктар”, “Кыыс ырыата” дьиҥ сахалыы аллитерационнай тутуллаахтарын таһынан, хос ырыа быһыытынан киирбит тыллара, холобура «Ньээҥи-ньээҥи мыыччах”, хотугу тыыны угаллар. Маны тэҥэ П.Е.Слепцов “Дьааҥыбын туойабын” диэн тойуга киирдэ.

Кустуй Маарыйа – Слепцова М.Н. 1906 с. Дьааҥы улууһун Барылас нэһилиэгиттэн 70 көстөөх Байҕаҕа эбээн дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. 6 сааһыгар ийэтэ өлөн эрдэ дьиэ ис-тас үлэтигэр эриллибитэ, тирии имитэн тигэ үөрэммитэ. Оччолортон Дьааҥы эмээхситтэриттэн истэн мурун, таҥалай, хабарҕа ырыаларын ыллыырга, туойарга үөрэммитэ. Аҕа дойду сэриитин саҕана колхозка ыанньыксыттаан Килбиэннээх үлэтин иһин мэтээлинэн наҕараадаламмыта, үлэ бэтэрээнэ буолбута, иккитэ сельсовет депутатынан талыллыбыта. Сартаҥ нэһилиэгэр өр сылларга  араас үлэҕэ үлэлээн уһун олоҕу олорон ааспыт үтүө-мааны майгылаах ытыктанар кырдьаҕас этэ. Бэйэтин биэс оҕотуттан ураты түөрт тулаайах оҕону иитэн сүһүөхтэригэр туруорбута. 14 сиэннээх, 9 хос сиэннээх, бары дьоҕурдаах дьон.

Кустуй Маарыйа ырыалара француженка Эмили Мэй, американка профессор Маржори Мандельштам үлэлэригэр киирбиттэрэ. М.Н.Слепцова сиэнэ Дьааҥы улууһугар культура эйгэтигэр 21 сыл үлэлээбит М.Х.Васильева бу ырыалары араас таһымнаах күрэхтэргэ толорор.