Саха Республикатын норуотун маастара, II Аан дойдутааҕы кэнгириэс «Чыпчаал хомус» күрэҕин (1991), Аҕа дойду сэриитин 50 сылыгар аналлаах хомус күрэҕин (1995), Хомус уустарын өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕин (1996), I, II «Биһик аттыгар хомус тыаһа дьүрүһүйэр» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээллэргэ дьиэ кэргэнинэн кыттыы (2000, 2003), Норвегияҕа ыытыллыбыт IV Хомус аан дойдутааҕы кэнгириэһигэр «Хомуска уратытык тардыы» аат хаһаайына (2002), «Амынньыкы мичээрэ» Аан дойдутааҕы интерактивнай күрэх (2013) кылаан кыайыылаахтара, ытыктыыр ууспут Петр Федотович Осипов-Төлөн Уус биһиги кэккэбититтэн хомолтолоохтук туораабытынан, чугас дьонугар, оҕолоругар, сиэннэригэр дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит. Хомус түмэлигэр турар хомустара кини аатын үйэлэргэ үйэтитиэхтэрэ.
Аан дойдутааҕы Хомус түмэлин уонна киинин кэллэктиибэ