В.В.Левочкин, замминистра МКиДР: По положению конкурса, в нем могут принимать участие претенденты в возрасте старше 25 лет. В этой связи на этот раз не смогли принять участие некоторые молодые и уже известные исполнители игры на хомусе.

По уровню участников отборочного тура можно предположить, что борьба будет сильной, и по результатам конкурса у нас появятся новые громкие имена.

Жюри отдельно оценивало импровизацию исполнителей по конкурсным заданиям, которые были написаны в билетах. Например, «Ленские волны», «Мой северный край», «Езда на старом коне», «Мои думы» и т.д. Думаю в большей степени пройти отборочный тур смогли те, кто мог свободно и оригинально импровизировать.

А.М.Дегтярева, аан дойду виртуоз хомусчута: Быйылгы күрэххэ кыттааччылар таһымнара араа-бараа соҕус, бары да үчүгэйдик бэлэмнэнэн кэлбиттэр. Кыттааччылар үксүлэрэ сүрүн болҕомтолорун сахалыы традиционнай тардыыга уурбуттар. Бэйэ ураты толоруута, туспа иэйиилээх дорҕооно диэн олох аҕыйах киһиэхэ баар диэххэ сөп. Тардыы техникатын бары да үчүгэйдик баһылыыллар гынан баран, бары да композиция, айымньы оҥоруутун ыарырҕаталлар эбит. Онон үгүс киһи тута бэриллэр сорудахха ыарырҕаттылар, тута хоһуйууга син биир бастакы бэйэлэрэ оонньообут айымньыларын хабаанынан бардылар. Сорохтор киэннэрэ бэриллибит сорудах тематыгар сөп түбэһэр гынан баран аһары кылгастык оонньооннор ситэри арыйбатылар. Онон үгүс үчүгэй толорооччулар ити этапка бааллара көҕүрээтэ быһыылаах.

Түмүктүүр түһүмэххэ киирбит кыттааччыларга барыларыгар ситиһиини баҕарабын! Аан дойду чулуу хомусчуттарын кытары киирсиигэ кыайыылаах тахсаннар Саха Сирин ааттатыахтара диэн эрэнэбин! Ситиһиини, үрдэли дабайыыны, кыайыы кынатын!

А. С. Жиркова, хомуска уһуйааччы педагог, “Этигэн хомус” народнай ансамбль салайааччта: Тэрээһиннээх конкурс буолан ааста. 18 киһи кыттыылаах, 7 киһиттэн турар дьүүллүүр сүбэ 2 сорудахтаах хомуска тардыыны көрөн түмүк таһаарда. Биирдиилээн толорооччулар таһымнара балайда үрдээбитин бэлиэтиибин. Эрдэ бэлэмнэнэн кэлбит сорудахтарын үгүс кыттааччы ситиһиилээхтик толордо, 2-с сорудах арыыйда уустуктардаах буолла,талан ылбыт тематыгар тута хоһуйуу.

 2 көрүҥ түмүгүнэн 9  хомусчут талыллан «Аан дойду виртуоз — хомусчута» конкурска кыттар быраабы ыллылар

Спиридон Шишигин, аан дойду виртуоз хомусчута: Аан дойду виртуоз хомусчутун талар күрэххэ  саха сирин хомусчуттарын сүүмэрдээһиҥҥэ сүнньүнэн бары даҕаны хомус тардыытын эргиччи баһылаабыт хомусчуттарбыт кытыннылар. Мин санаабар бары даҕаны саха омук төрүт култууратын сүрүн көрүҥүн-хомус тардыытын хайа да дойдуга дьоһуннук көрдөрөр кыахтаахтарын иһиттибит.

Ол гынан баран хомус тардыытын бары ньымаларын баһылыыр эрээри тута айымньы айан тардыыны кыттааччыларбыт үксүлэрэ ситэ көрдөрбөтүлэр. Онон бүтэһик түһүмэххэ итиннэ болҕомтолорун ууруохтарын наада дии санаатым.  Талыллыбыт хомусчуттарбыт Аан дойдутааҕы дьүүллүүр сүбэ иннигэр өссө күүскэ бэлэмнэнэн тахсан саха хомуһун муҥура суох кыаҕын, уратытын, музыката баайын, дириҥин илэ чахчы көрдөрөн Саха сиригэр саҥа виртуозтар ааттарын аҕалыахтара диэн эрэнэбин. Ситиһиини баҕарабын.

И.Е.Алексеев-Хомус Уйбаан: Аан дойду виртуоз хомусчутун талар күрэххэ саха толорооччуларыттан сүүмэрдиир этап буолан ааста. Кыттааччы элбэх, улуустартан даҕаны, бэл, атын дойдуларыттан холбонон бэйэлэрин хомус тардар маастарыстыбаларын көрдөрдүлэр. Сүрдээх долгутуулаах түгэннэр буолан аастылар, ону жюри чилиэннэрэ бары өйдүүбүт, 9 киһи талыллан салгыы ааһыахтааҕын быһыытынан. Уопсайынан виртуоз хомусчут буолар кыахтаах дьоннор бааллар, ол гынан баран куонкуруска бэлэмнэнии үлэтэ өссө күүһүрдэҕинэ табыллыыһы. Толорооччу музыкаҕа сыһыана, уопута, толору маастарыстыбата биир кэлимсэ сылдьар. Ньыманы баһылааһын, таһым хомусчуттарга баар, эрээри айымньыны оҥорор, санааны сайа этэр кыах чочуйуллуон наада. Саха хомуһун тембрин, этигэнин көрдөрөргө дьулуһуохха наада. Табыгастаах 10 бааллаах сыанабылынан көрдүбүт, жюри чилиэннэрэ бары биир санаанан объективнайдык түмүк оҥордубут диэххэ наада.