Итинник үтүө өйдөбүлү саха хомуһун аҕатын Л. Н. Турнин туһунан Мария Алексеевна Афанасьева, төһө да сааһырдар, баччааҥҥа дылы өйдүү сылдьар. Кини Таатта улууһун олохтооҕо, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, уус-уран самодятельность актыыбынай кыттыылааҕа, Л. Н. Турнин тэрийбит хомуһун ансаамбылын кыттыылааҕа. Кэлин М. С. Андросова салайааччылаах бэтэрээннэр хуордарыгар уонна хомус ансаамбылыгар өр сылларга актыыбынайдык кыттан ыллаабыта, хомустаабыта. Ол барыта эдэр ыччакка үтүө холобур буолар. Кини билигин даҕаны бэрт хорсун. 1957 сыллаахха (65 сыл анараа өттүгэр) Москубаҕа Саха сирин литэрэтиирэтин уонна ускуустубатын күннэригэр Таатта ыччата кыттыыны ылбытын олоҕун биир кэрэ бэлиэ күнүнэн ааҕар, өйүгэр-санаатыгар сылаастык илдьэ сылдьар.
Ытык кырдьаҕас Лука Турнин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан, бэйэтин кэпсээнин маннык саҕалыыр: «1934 сыллаахха муус устар 25 күнүгэр Таатта Тыараһатыгар төрөөбүтүм. 88 сааспын туолаары олоробун. Лука Николаевич Турнин наһаа үчүгэйдик хомуска үөрэтэрэ-такайара. Кини хайдах тардарын курдук тардан, 28 киһи бииргэ хомуска оонньуурбут. Мин 1957 сыллаахха сайын ырыа бэстибээлигэр лауреат буолбутум. Онтон Ытык Күөлтэн биирдии-иккилии ыччаты хомуйан, онно кыттыһан, Лука Турнин хомуска үөрэппитэ. Лука Турнин ыллыыра, ону биһиги биир тыынынан доҕуһуоллаан биэрэр этибит. Ырыа-хомус тэбис-тэҥҥэ биир тыынынан тахсара. Наһаа чэпчэкитин хамсанара. Һээдьэ ырыатын ыллыыра. Пьесаҕа оонньуура, ырыаҕа-тойукка, туохха барытыгар кыттар артыыс этэ. Ыччаттар һээдьэлиибит даҕаны, оһуохайдыыбыт даҕаны. Биһигини дэгиттэр гына үөрэтэн таһаарбыта.
Москубаҕа Чайковскай аатынан саалаҕа Коммунистическая партия Киин кэмитиэтин чилиэнин Климент Ефремович Ворошиловы илэ харахпынан көрбүтүм. Уун утары туран бары тэбис-тэҥҥэ хомустаабыппытыгар кини ытыһын таһыммытын көрбүтүм. Бырабыыталыстыба атын чилиэннэрин өйдөөн көрбөтөҕүм. Лука Турнин хомуска сыыйа тардыы диэҥҥэ үөрэппитэ. Бэйэтэ илиитин хамсатан, оонньоон көрдөрөрө. Кини ыллыыр кэмигэр тэбис-тэҥҥэ оонньооммут, доҕуһуоллаан биэрэр этибит. Лука Турнин төрөөбүтэ 105 сылынан урукку ансаамбылын кыттыылаахтарын уонна билиҥҥи ыччаттары эҕэрдэлиибин, айхаллыыбын. Кини хомуһун тыаһын билигин даҕаны кулгаахпар истэн олоробун», — диэн ытык кырдьаҕас, төһө да сааһырдар, эдэрдии эрчимнээх куолаһынан учууталын Л. Н. Турнин туһунан ахсан-санаан ааста.
Мария Алексеевна төрөппүт уола Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Арассыыйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Афанасий Афанасьев ийэтин ахтыыны устан, эдэр эрдээҕинээҕи хаартыскаларын куйаар ситиминэн үөрэ-көтө ыытта, биһигини кытта үллэһиннэ.
Чыпчылыйыах түгэнэ сэлэспэ нөҥүө ааспыт үйэ 50-60-с сылларынааҕы хаартыскалар биир-биир киирэн истилэр. Хас да хаартыскаттан биир хаартыскаҕа хараҕым хатана түстэ: кырса дуу, куобах дуу түүтэ буодьулаах, кэрдиис-кэридьиис оһуордаах, оноолоох, сырдык дьүһүннээх сахалыы ырбаахыны сайбаччы кэппит, былыргылыы уһуктаах оройдоох оҕуруонан симэммит бастыҥа кэтэн, таҥара табатын курдук саха кэрэ кыысчаана сэмэйдик туттан турар. Бу — Мария Алексеевна 23 сааһыгар түспүт хаартыската эбит. Эчи эдэрин, эчи кыраһыабайын! Чахчы таҥара табатын курдук!
Оттон атын хаартыскалар Лука Турнин хомуһун ансаамбылын кыттыылаахтара 1957 сыллаахха дойду тэбэр сүрэҕэр сырыыларын кэпсиир сүппэт-оспот кэрэһиттэрэ буола туруохтара.
Слепцова Е. П., Хомус түмэлин үлэһитэ
11.02.2022 с.