Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин уонна тус бэйэм ааппыттан 90 Ытык сааскар үктэммиккинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Ытык саас диэн икки атахтаахха дэбигис тиксибэт саас. Ону Дьылҕа Хаан өлүүтүн-чааһын курдук ылынан, сиэрдээхтик, дьоллоохтук олоруу диэн өйдөбүл баар. 90 саас диэн муҥур саас буолбатаҕын эн олоххо дьулууруҥ, олох сиэрин тутуһууҥ туоһулуур. Биһиэхэ, эн суолгун солуур биир идэлээхтэргэр, эн муудараһыҥ, ытык сааскынан киэн туттууҥ куруук холобур буолар.
Гаврил Григорьевич, эн саха норуотун култуурата чэчирии сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрбитиҥ. 1956 сыллаахтан Саккырыыр оройуонун култууратын отделын сэбиэдиссэйинэн үлэҕин саҕалыаххыттан 52 сыл устата тэппит атаххын кубулуппакка, өйгүн-санааҕын, билиигин-көрүүгүн, салайар дьоҕуруҥ мыыдараһын ыччаты кэрэҕэ уһуйууга, саха норуотун дириҥ култууратын үйэтитэр туһугар диэн санаанан салайтаран, бэйэҥ этэргинии «култуураҕа аналы сокуон курдук ылынан» үлүһүйэ үлэлээн-хамсаан, айан-тутан кэлбитиҥ. Үлэлээбит кэмнэргэр култуура эйгэтигэр да уустуктар бааллара. Ону эн салайааччы быһыытынан чиэстээхтик уонна муударайдык быһааран туораталаабытыҥ. Ол курдук олоххо уопутуҥ, сүбэҥ-амаҥ биһигини үрдүккэ кынаттыыр, олох көнө суолун тутуһарга эбээһинэстиир.
Хомус дьүрүскэнэ Туймаада туонатыгар чугдаара кутулларыгар, Гиннесс өрөкүөрдүн кинигэтигэр көмүс буукубанан суруллуутугар, хомус тыаһа куйаартан кутулларыгар эн үлэлээбит үлэҥ олук буолбуттара.
Сүрэҕи сылаанньытар «Үөрүүнү-кэрэни этээри» диэн лирическэй хоһоонноруҥ кинигэтэ, «Сахам хомуһа үйэлэргэ дьүрүһүйэ туруохтун» диэн ахтыыҥ дьон-сэргэ сэҥээриитин ылаллар, олох олуктара уонна саха хомуһун устуоруйатын биир кэрэһиттэрэ буолаллар.
Билигин, төһө да чанчыгыҥ кырыардар, эн бэйэҥ олоххо дьулуургунан ыччакка холобур буоларгар сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэбит, хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйабыт. Доруобуйаҥ өссө да тулуктаһан, биһиги кэккэбитигэр бииргэ сылдьар сүүстээх сүбэһит буол, аартыктаах суолга арчылыыр алгысчыт буол диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.
Туругуҥ тулустун, олоххо дьулууруҥ өссө да күөдүпчэлэнэ умайдын, чугас дьонуҥ итии сыһыанынан үөрдэ-көтүтэ турдуннар, сүрэҕи сылаанньытар элбэх үөрүүнү-көтүүнү, олохтон дьолу баҕарабыт. Хас биирдии күн-дьыл эйиэхэ орто дойду олоҕуттан дуоһуйууну уонна дьолу эрэ аҕаллын!
Эйиэхэ Саха алмааһыныы кытаанах доруобуйаны, чэгиэн-чэбдик туругу, дьиэ кэргэҥҥэр, чугас дьоҥҥор нус-хас олоҕу баҕарабын!
Источник: https://minkult.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3305132