Бастакы маннык куонкурус 1991 сыллаахха Саха Сиригэр ыытыллыбыта. Иккис – 20 сылынан, 2011 сыллаахха. Оттон билигин, 11 сыл ааспытын кэннэ, үһүс буолар. Бу куонкурус тоҕо маннык кэрдиис кэминэн ыытылларын уонна IV куонкурус хаһан буолуоҕун Аан дойду норуоттарын хомуһун түмэлин уонна киинин төрүттээччитэ, ХИФУ бэрэпиэссэрэ Иван Егорович Алексеев-Хомус Уйбаан эттэ:
– 11 сыл диэн ытык чыыһыла. Аныгыскы куонкурус өссө 11 сылынан тэриллиэн сөп этэ. Оччотугар маннык кэрдиис үгэскэ кубулуйан, хас 11 сыл ахсын хомус дьүрүскэнэ хайдах уларыйбытын, сайдыбытын истэн билиэ этибит. Онон бу куйаар ураты чыыһылатын тутуһуохха баара.
Онуоха Аан дойду норуоттарын хомуһун түмэлин уонна киинин дириэктэрэ Дмитрий Бястинов эбии быһаарда:
– Бу иннинэ куонкурус Норуоттар икки ардыларынааҕы кэнгириэс-бэстибээл чэрчитинэн ыытыллыбыта. Оттон быйыл, кыттааччы элбээбит буолан, биһиги бу үгэстэн туораан, куонкуруһу туспа тэрийэн эрэбит. Уонна, биллэн турар, бу күннэргэ бырайыак инникитин дьүүллэһиэхпит.
Санатан эттэххэ, бастакы куонкуруска 21 киһи кыттыбыта, иккис куонкуруска – 27 киһи, оттон үһүс куонкуруспут уруккутунааҕар 11 киһинэн элбээн, 38 кыттааччылаах буолар. Онон, 11 чыыһыла, чахчы даҕаны, бу куонкуруска дьикти, ураты суолталаах эбит.
Источник: https://www.sakhaparliament.ru/spetsproekty/11612-11-ytyk-chyy-yla#.YqnYxrCYD6s.whatsapp