Аан дойдутааҕы Хомус түмэлин уонна киинин аатыттан Эйигин, саха хомуһа сайдарын туһугар туруулаһааччылартан биирдэстэрин, 75 сааскын туолар өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн эҕэрдэлиибит!
Дьылҕа Хаан, Одун Хаан, Чыҥыс Хаан, Билгэ Хаан, Уйгулаан Хаан – бу урааҥхай саха Орто дойдуга айыллан кэлэр олоҕун оҥорон, дьылҕатын ыйан, олугун ууран ыытар айыылар. Кинилэр диэтэх «дьон» уурбуттара-анаабыттара көтүллүбэт уураах, сотуллубат сокуон буоллаҕа.
Ол курдук, Үрүҥ Аар Тойонуҥ эйиэхэ тыл иччитин ымыы чыычаах гынан тылгар сыһыарбыт, саҥаҥ дуорааныгар холбообут бадахтаах.
Одун Хааныҥ хомус дьүрүскэн ырыатын кэнчээри ыччакка тарҕатар аналлаах оҥорбут бадахтаах.
Дьылҕа Хааныҥ хомус лыҥкынас ырыатынан дьон-сэргэ санаатын дьэгдьитэр аналлаах ыйбыт бадахтаах.
Аны туран, самаан сайын барахсан салаллан кэллэҕинэ, Дьаам күөх унаар урсунугар уйдаран турар «Турудьун утумун» лааҕырын оҕолоругар саргыларын салайсарыҥ, хомус лыҥкынас тыаһынан ырыаларын ыллыктыырыҥ, хоҥкунас тыаһынан хоһооннорун холбооттууруҥ, кэҕэ-чуораан тойуктарын кэккэлэтэриҥ кэпсээҥҥэ сылдьар.
Үрдүк Айыылартан айдарыллан айыллаҥҥын, саха төрүт дьарыгын сөргүтэҕин, таатталыы «бэйбэрэ» ньыматын үйэтитэҕин, кэнчээри ыччаты хомуска уһуйаҕын, «Алгыс», «Бэйбэрэ», «Дэгэрэҥ» хомус ансаамбылларын аар-саарга аатырдаҕын.
Хомус уһуйааччыларыгар аналлаах «Бэйбэрэлэтэн» уонна «туотан» хомуска тардыыга үлэ уопутуттан» тэрээһиниҥ, «Лука Турнин «бэйбэрэ» уонна «тэтим тардыы» ньымата» методическай босуобуйаҥ улуу хомусчут ытык аатын үйэтитиигэ ахсаабакка ыытар үлэҥ түмүктэрдээҕин көрдөрөр.
Дьэ ити курдук Айбыт Айыыларыҥ хохуоралаах тыллаах хоҥкунас куоластаах хомус барахсаны Эн илиигэр туттаран ыыппытарын сиэрдээхтик тутан сылдьаргын ыһыктыма, өссө да хомус эйгэтин сайыннара тур диэн алгыыбыт.
Күндү Лидия Михайловна, саха хомуһун сарсыҥҥытын туһугар туруулаһар үтүөҕүн үрдүктүк сыаналыыбыт, дьоһуннук ытыктыыбыт, хомус хомуһуннаах тыаһынан уруйдуубут-айхаллыыбыт!
Тус бэйэҕэр чэгиэн доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэр или-эйэни, дьолу-соргуну баҕарабыт!