Орто дойду олоҕун сүүнньүн тутан турар уоттаах таптал туһунан хоһооннору хайа поэт айбатаҕа баарай?! Таптал баар буолан, уйулҕаны хамсатар хоһооннор айыллан эрдэхтэрэ…
Хомус түмэлин пуондатыгар Абыйтан төрүттээх Екатерина Прокопьевна Черемкина аҕатын Прокопий Егорович Слепцов – Ойуун Борокуоппай туһунан «Ураты талаан умсулҕана» диэн кинигэтэ баар. Бу кинигэни 2014 сыллаахха П. Е. Слепцов төрөөбүтэ 95 сылыгар анаан, кыыһа Екатерина бэчээттэтэн таһаартарбыта. Кинигэ алта түһүмэхтэн турар: «Дьиэ кэргэн, аймах-билэ дьон», «Сүгүрүйээччилэрин, доҕотторун сылаас эйгэтэ», «Биир дойдулаахтара», «Прокопий Егорович архыыбыттан», «Ырыалара, айымньылара», «Аатын үйэтитиэххэ». Балартан «Ырыалара, айымньылара» түһүмэххэ ааптар 16 хоһооно, саха норуодунай суруйааччыта Күннүк Уурастыырап «Кыайыы күнэ», «Үөрбүччэ ыллаатым», «Сибэкки» хоһоонноругар матыып айбыта киирбиттэр. Бу ыстатыйаны бэлэмнээри Екатеринаны кытта көрсөн кэпсэтэрбэр аҕатын хоһооно элбэҕин, хоһоонноро барыта ырыа буолбуттарын, сорох айымньылар сюжеттара дьиҥнээх олохтон ылыллыбыттарын ахтан аһарбыта.
П. Е. Слепцов лирическэй хоһоонноругар «Уол ырыата», «Ат симэҕин ырыата», «Отчут уол ырыата», «Уол кэлэйбит ырыата», «Кыыс кутурҕанын ырыата», «Сүбэлиэххит буолаарай?» диэн айымньылары киллэртиэххэ сөп. Бу хоһооннор сахалыы ырыа киэбинэн суруллубаттар. Тэттик хоһооннорго санаа өрө көтөҕүллүүтэ икки, санаа түһүүтэ икки тэҥҥэ алтыһа сылдьаллар. Мантан аллара айымньылар сюжеттара, сүрүн этэр санаалара, күүрээннэрэ (кульминация) тапталлаахтар сыһыаннарын тула сайдарын биир биир көрүөххэйиҥ.
«Уол ырыата» хоһооҥҥо сүрүн уобарас – кыыһы таптаабыт Хоту дойду эр хоһууна. Ааптар сүрүн дьоруой таптыыр кыыһын көрүөн баҕарара бэрдин күүстээх метафораларынан, тэҥнэбиллэринэн хоһоон этэр санаатын күүһүрдэн биэрэр. Холобур, «чаккырыастай харахтаах куска» кубулунан, Харба оттоох Билиигэ көтөн тиийэн, «араҕас соһо хаанынан кутуллубут имнээх» Матырыаната балаҕанын иннигэр хаамыталыы сылдьарын чахчы көрөн кэлэр баҕалаах, аны «улар көтөр буолан кубулунан» Уулаах Билии тумулугар ойон тиийэн, Уранчаанын оҕотун (Матырыанатын) чэйиттэн «оччугуйдук иһэн, утаҕын ханнаран, уоскуйан» кэлиэн баҕарарын этэр.
Баҕалаах маска ыттар. Онуоха дылы таптал таарымтатыгар ылларбыт уол барахсан чахчы да араас көтөр буолан кубулунарыгар тиийэр. Биричиинэтэ биир — уол тапталын кыыска билинэрин кыбыстар, ол иһин ыраахтан чуҥнаан көрдөҕүнэ эрэ уоскуйар, салгыы олорор кыахтанар. Тапталлааҕа, тыһы кус курдук, кыра да тыастан дуу, сыыһа-халты туттууттан дуу, «халы-мааргы» тылтан дуу үргэн, күрэнэн хаалыан сөптөөх курдук балаһыанньа үөскүүр.
Таптал уотугар умайбыт сүрүн дьоруойбут Матырыанатын «уранчаанын оҕотуттан» атыннык ааттаабат. Матырыаната кыыс оҕо кылааннааҕа, кини эмиэ кыбыстан имэ кэйитэлиир. Уол тапталлааҕар уратытык сыһыаннаһыан, сирэй көрсөрө буоллар манньыйыан, таптыан, атаахтатыан баҕарарын көрдөрөн, тыл олоҕор — аахтаа сыһыарыыны эбэн туттара хоһоон этэр санаатын күүһүрдэн биэрэр. Матырыаната чэйин «оргутар» буолбатах – «оргутаахтыыр» (оргут+аахтаа+ыыр). Уол Матырыанатыгар таптала күүстээҕиттэн бэйэтин аһынар курдук туттар, аналлааҕын чэйиттэн иһэн, утаҕын ханнаран «уоскуйаахтаан» кэлэр баҕалаах. «Уоскуйан» буолбатах — «уоскуйаахтаан» (уоскуй+аахтаа+аан). Хоһоон санаа көтөҕүллүүлээхтик түмүктэммититтэн көрдөххө, уол баҕа санаата туолан, кыыстыын олохторун холбоон, иллээх-эйэлээх олох сүнньүн туппуттара буолуо диэн итэҕэйэбит.
Хоһоон уобарастара прототиптаахтар. Кыыһа Екатерина кэпсииринэн, хоһооҥҥо хоһуйуллар эдэр уол – бу Прокопий Егорович, оттон Матырыана – ийэлэрэ эбит. Кинилэр ааспыт үйэ 50-с сылларыгар билсэн, ыал буолан, 41 сыл устата эйэлээх баҕайытык олорон, 7 оҕону төрөтөн, атахпытыгар туруорбуттара. «Аҕабыт 1991 сыллаахха, ийэбит кини кэнниттэн балтараа эрэ сыл буолан баран, орто дойду олоҕуттан туораабыттара. Аҕабыт ийэбитин кэргэн кэпсэтэ диэн маҥан ырбаахылаах, хара ыстааннаах, хоромуой саппыкылаах, төбөтүгэр хортуустаах Харба оттоох Билиитин учаастагар тиийбит. Хас да күн эр дьон олорор балаҕаннарыгар хоммут. Күн аайы ырыа бөҕөнү ыллаан, кэпсээн бөҕөнү кэпсээн, онно үлэлиир дьону наһаа сэргэхсиппит. Учаастакка үрүҥ аһы астыы сылдьар ийэбитигэр тиийэн, «Уол ырыатын» ыллаабыт. Кэлин ийэбит: «Ити ырыаны миэхэ анаан суруйбута», — диэн ахтара. Аҕам ырыаларын сүрдээх холкутук, бытааннык мастарыскыайыгар тугу эрэ уһана олорон ыллыыра. «Чэ, Катя, уһанар мастарыскыайбытыгар тахсыахха», — диирэ. Оччоҕо мин сурунар тэтэрээппин кыбыммытынан, уруучукабын туппутунан тахсыһарым. Мин соругум диэн аҕам ырыатын тэтэрээккэ эбэтэр лиискэ суруйуохтаахпын. Ыллыы олордоҕуна суруйар уустук буолара. Сорох тылын ситэн суруйбаппын, оччоҕо көтүтэбин. Аҕам ырыатын иккистээн-үһүстээн төхтүрүйэн хатылыыра. Оччоҕуна мин көтүппүт тылларбын ситэрэн, суруйан биэрэр этим. Кэлин үөрэнэммин, хас да лииһи эрдэ бэлэмнээн кэбиһэр идэлэммитим. Ыллыы олордоҕуна, тугу да ыйыппакка, лииспэр суруйан эрэ иһэр гына. Тохсус кылааска үөрэнэ сырыттахпына, «Ойуунун алгыһын» суруйтарбыта. Аҕам ойууннааһыҥҥа туох сыһыаннааҕын ыйыппыппар, сытыы уоттаах хараҕынан супту көрөн баран: «Ону-маны ыйытыма, ол эйиэхэ наадата суох, суруйан ис!» — диэн сөбүлээбэтэҕин биллэрбитэ. Аҕабар бэһис кылаастан оскуоланы бүтэрэн, оройуон киинигэр Дружинаҕа биир сыл дикторынан уонна сибээскэ телеграмма таһааччынан үлэлиир кэмнэрбэр дылы суруксуттаабытым. Сэттэ оҕоттон талан, миигин суруксут гыммыт эбит. Кэлин чугастык аҕам архыыбынан дьарыктанабын. Эдэр эрдэхпиттэн аҕам туһунан матырыйаалы мунньабын. Онтукайым туспа архыып буолла. Аҕабыт, ийэбит ханна эмэ бардаҕына, кутар чэйин наһаа суохтуура. Биһиги, кыргыттар, чэйин кутан биэрдэхпитинэ, астыммат этэ. Оннук өйөһөн-өйдөһөн, наһаа иллээхтик, эйэлээхтик олорбуппут», — диэн кэпсиир.
«Ат симэҕин ырыата» — бу хабарҕа ырыатын матыыбынан толоруллар гына суруллубут айымньы. Хоһоон сюжета, дьиҥинэн, дьэрэкээн ат симэҕин симээн тикпит кыыс-дьахтар талааннаах тарбаҕар, тобуллаҕас өйүгэр, айар-тутар ис кутугар сүгүрүйүү быһыытынан сөҕөн-махтайан суруллубут. Ол эрээри дьахтар аймахха туһаайан, «кыыс киһи+м», «дьахтар киһи+м», «эмээхсинчэй киһи+ккэм» диэн этэрэ туспа уратылаах уонна дириҥ суолталаах. Манна «бэйэм гиэнэ», «миэнэ» суолтаҕа туттуллар — м диэн саха тылын тардыылаах сыһыарыытын тыл олоҕор сыһыаран туттуута, ааптар кыыс аймаҕы олус күндүргэтэрин, дьахтар киһини үрдүктүк тутарын, аҕам саастаах эмээхсини дириҥник ытыктыырын көрдөрөр.
Кыыс киһи кычымын оһуора сиэдэрэйиттэн, дьахтар киһи чаппарааҕын сарбынньаҕыттан, эмээхсин киһи (б)эрэбэдэйэ кэрэтиттэн суруйааччы астынарын «кэрэтиэн», «кэрэкэтин эбитин» диэн көмө тыллары туттарыттан көстөр.
Ат симэҕин сиэрин ситэрэрэ ыҥыыра буолар. Маны удьурҕай силистэн кыһан кыччыйан оҥорбут уус оҕонньор талаанын сөҕөн, «оҥоһуута уопсайыан» диэн тыл ситиминэн уруйдаан этэн, айымньыны түмүктээн кэбиһэр.
«Отчут уол ырыата». Бу айымньыны ааптар тылыттан Никулин Константин Николаевич диэн Абый олохтооҕо, талааннаах суруналыыс 1984 сыллаахха кулун тутар 27 күнүгэр суруйбут. Айымньы киириитэ отчут уол, сопхуос түһээнин толороору, «уолугунан оонньуур» улан атын миинэн, уолбут күөл оннугар от охсо киирэртэн саҕаланар. Күүстээх үлэҕэ эриллэн улаппыт уол санаата күүстээх: сопхуос түһээнин толорору улахан үлэ курдук санаабат. Кини өйө-санаата атын – күөгэлдьийэр-хаҥкылдьыйар Маарыйата кини күөх оту охсорун хараҕын кырыытынан көрө түһэн ааһыан, уоттаах куйаастан уҥуохтара итийбитин уоскутардыы уоһуттан уураамахтаан ааһыан, сылаатын таһааран сыллаппахтаан ааһыан баҕарар. Манна «ааспаккыан» диэн таптыыр доҕоруттан хоруй ылбатын билэр эрээри хаста да төхтүрүйэн ыйытар. Ол эрээри хоһоон түмүгэр отчут уол тапталлааҕын «бииргэ холбоһон, иллээх олоҕу олорорго» ыҥырар. Отчут уол – хоһуун үлэһит, тапталлааҕа – туруу үлэһит. Бүгүн отчут уол аттыгар таптыыр кыыһа суох, ол эрээри кини чугастааҕы ходуһаҕа оттуу сылдьара хоһоон ис хоһоонуттан сэрэйиллэр. Айымньы санаа өрө көтөҕүллүүлээхтик суруллубутуттан сылыктаатахха, сүрүн уобараспыт Маарыйатынаан холбоһон, сопхуос үлэтин өрө туппут биир сэбиэскэй ыал олоҕо түстэммитигэр эрэнэбит.
«Уол кэлэйбит ырыата». Бу ырыа иһэ истээх эбит. Кинигэҕэ киирбит хос быһаарыыга маннык суруллубут: «Иван Дьяконов таптыыр кыыһа Күтүнэ Матырыана ыт аатынан хос ааттаах Кэрэмэс Баһыкааҥҥа ойох тахсыбытыгар кэлэйэн ыллаабыта үһү. Бу Иван Дьяконов уонна Василий Слепцов оҕонньоттору оҕо сылдьан, Прокопий да, мин да көрөр этибит. Онон, мин Кэрэмэһи – Слепцову ордук билэр оҕонньорум буолан, бу ырыаҕа эбэн биэриэх санаам тулуппакка, «б» буукубаттан наардаан, кэлин 16 устуруоканы бэйэм айдым» диэн Константин Николаевич Никулин бэлиэтээбит. Кини бу ырыаны ааспыт үйэ 40-с сылларыгар ырыаһыт Иван Дьяконовтан Прокопий Егорович Слепцов истибитин ыллаан иһитиннэрбитин Абыйга олорон, 1984 сыллаахха тохсунньу 11 күнүгэр суруйан ылбыт.
Биһиги айымньы бастакы 17 устуруокатын ырытан көрүөхпүт. Бу устуруокалары Иван Дьяконов бэйэтэ айан ыллаабыт. Хоһооҥҥо үс уобарас боростуойа суох дьылҕалара тыктарыллан көрдөрүллэр: ыллыыр киһи (Иван Дьяконов), кини таптаабыт дьахтара (Күтүнэ Матырыана) уонна Кэрэмэс Баһыкаан (Василий Слепцов).
Былыр да, быйыл да таптыыр киһи таҥнарыытыттан кэлэйии баар суол буоллаҕа. Маннык быһыыны «таптал үс муннуга» диэн ааттыыллар. Бу «кырыыстаах» муннук элбэх дьон олоҕун огдолуттаҕа…
Хоһоон саҕаланыытыгар сүрүн уобарас тапталлааҕын (Күтүнэ Матырыананы таптыыра бэрдиттэн буолуо) хайҕаан хоһуйар: «күндү сиидэс ырбаахылаах, күлүү-салыы майгылаах, күөрчэх күндүлээх, күөсчүт-асчыт бастыҥа» диэн. Онтон кэлэр устуруокаларга хоһоон кыһалҕата күүрээннэнэр, «атын киһилиин чугастык бодоруспутуҥ, күндүргэппитиҥ» диэн кэлэйии тыллара этиллэллэр. Сүрүн уобарас (ыллыыр киһи) дьахтар быһыытыттан санаата оонньоон, «күн сирин көҥдөйүнэн көҥүл барарга, күрэнэргэ» сананар. Кэрэмэс Баһыкааны «кыыл таба кэлин чаҥкытын кэймээн аһаахтыыр, кэрийдэни салаахтыыр кэрэмэстэй ыт» диэн кытаанах тылларынан ааттыыр. Манна эмиэ, били, үөһэ этэн аһарбыт сыһыарыыбыт быһаарар суолтаны ылар: «аһаа+аахтаа+тыыр», «салаа+аахтаа+тыыр» диэн бу сырыыга киһи туһун намтатар, түһэрэр суолтаҕа туттуллар. Бу икки тыл хоһоон этэр санаатын (лейтмотив) сүнньүн тута сылдьаллар.
«Кыыс кутурҕанын ырыата». «Кутурҕан» диэн тыл суолтата Саха тылын быһаарыылаах тылдьытыгар «олус дириҥ, улахан санаа түһүүтэ, санаарҕабыл, эрэйдэнии, муҥ-сор саамай улахана» диэн ыйыллар. Кутурҕан ырыата санаа тууйулуннаҕына, барар сир баҕана үүтэ, кэлэр сир кэлии үүтэ буоллаҕына ылланар буолуохтаах. Хоһооҥҥо кэрэ кыыс таптыыр киһитигэр туһаайан, риторическай хабааннаах ыйытар этии тутулунан суруллубут: «…Хаймаахтыыра сүрэҕиҥ хамнаан ылыа этэ дуо?» диэн.
Айымньы сүрүн уобараһа – кутурҕаҥҥа ылларбыт кэрэ кыыс. Кини туохтан санаата түстэ, дууһата айманна? Айымньы туруорар кыһалҕата – «Дьааҥы хайатыгар босхо сылдьан үөскээбит үөҥэс табалаах», «Иргичээн тааһыгар элик сылдьан үөскээбит эриэн тыһы табалаах» Хоту дойду хоһуунун тула сайдар. Айымньы ис хоһоонун арыйар метафора көмөтүнэн сүрүн уобарас (кыыс) «таба муоһугар хобо-чуораан» буола эриллэн, кутурҕанын туойан аастаҕына», «кэҕэ кыыл буолан, илбистээх тылынан этэн биэрдэҕинэ», «бастыҥ сэргэ үрдүгэр барыллыа кэриэтэ багдаллаахтан олорон кутурҕанын тиэртэҕинэ», табаһыт уол нохтолоох сүрэҕэ, хайҕахтаах хара быара хамсыа дуо? диэн уол болҕомтотун тардар ыйытыы туруорар. Этиллэр тыллар көннөрү тыллар буолбатахтар – кинилэр иччилээхтэр. Ол аата уол сүрэҕин уулларар кыахтаахтар.
«Сүбэлиэххит буолаарай?». Көр-күлүү (юмор) нуотата иһиллэр ньыматынан суруллубут тэттик хоһоон сюжета дьиҥнээх олохтон ылыллыбытын туһунан Екатерина Черемкина маннык кэпсиир: «Дойду сириттэн кэлбит уолу олохтоох эдьиийдии-балыстыы кыргыттар таптаан кэбиспиттэр. Дойду уола барахсан ыксаан, мин аҕабыттан сүбэ-соргу көрдөһө кэлэ сылдьан кэпсээбит. Уол кэлин, хайаларын да кэргэн ылбакка, дойдулаабыт».
Хоһоон эппиэт эрэйбэт эрээри ыйытыы туруорар (риторическай) киэптээхтик суруллубут. Сүрүн уобарастар – эдьиийдии балыстыы кыргыттар уонна кинилэр тапталларыттан харааччы муммут эдэркээн уол. Таптал ыйааһынын хараҕа тэҥ: «кыргыттар тэҥҥэ тиийэн кэлэллэр», «биирэ үөрэ аттаныа, биирэ ытыы хаалыыһы», «иккиэн миигин таптыыллар» диэн уол судургутук быһаарылла охсубат уустук балаһыанньаҕа түбэһэр. «…Ити хайаан сатаныай?» диэн дьикти тапталга тиксибититтэн чахчы мунаарар. «Хайаларын сирэммин, хайаларын сөбүлээммин…» диэн саха саарбахтыыр. «Хаһан, хайдах буоларбын адьас өрүү билбэтим» диэн уустук суолга түбэспититтэн ыксыыр, барыах-кэлиэх сирин булбат. «Оо, дьэ. Итинтэн хайыыбын?» диэн уустук балаһыанньаттан тахсар суолун тобула сатыыр. «Эдьиий-балыс тапталын үллэһигэ гынымаҥ» диэн көрдөһөр-ааттаһар, элэ-была тылын этэр уонна «…бар дьонум, сүбэлиэххит буолаарай?» диэн сүбэ көрдүүр. Чахчы моһуокка ылларбыт уол дьылҕата быһаарыллыбакка аһаҕас хаалбыт.
Айымньы түмүгүн аһаҕас хаалларыы – бу эмиэ биир туспа поэтическай ньыма буолар. Ааптар бу ньыманы сатабыллаахтык туттан, ааҕааччы айымньы түмүгүн бэйэтэ тобулан таһаарарыгар кыах биэрэр.
Тэттик хоһооҥҥо дириҥ суолтаны аҕыйах тылынан чаҕылхайдык уонна дириҥник этии – поэтическай ньымалартан саамай уустуктара буолар. Нуучча улуу суруйааччыта А. П. Чехов «Краткость – сестра таланта» диэн өһүн номоҕо Прокопий Егорович Слепцов айан хаалларбыт хоһоонноругар эмиэ сыһыаннаах. Кини тэттик, ол эрээри дириҥ суолталаах хоһоонноро дьиҥ олохтон ылыллыбыт сюжеттарга олоҕураллар, олоххо көстүтэлиир кыһалҕалары: киһи киһиэхэ, эр киһи дьахтарга, дьахтар эр киһиэхэ, сиэр-майгы тиэмэлэри таарыйталыыр.
Прокопий Егоровиһы тыл маастара диэххэ сөп. Кини саха тылын дэгэтин дэгиттэрдик туттар. Хоһоонноругар саха тылын биир дьикти – аахтаа диэн тылы үөскэтэр сыһыарыытын табатык туттан, хоһооннорун уобарастарын халлааҥҥа өрө көтүтэр эбэтэр сиргэ-буорга тэпсэр чаҕылхай холобурдарын көрөбүт. Итиннэ сытар саха тылын дэгэтэ-кэрэтэ, ууһа-урана!
П. Е. Слепцов кинигэҕэ киирбит хоһооннорун, ырыаларын, остуоруйаларын уонна итэҕэлгэ сыһыаннаах суруйууларын «Ойуун алгыһа», «Үөргэ сүгүрүйүү», «Ойуун түүлэ» идэлээх дьон олохтоохтук ырыталлара буоллар, Прокопий Егорович айылҕаттан бэриллибит талаанын сөптөөхтүк сыаналыырга кыах биэриэ этэ.
Слепцова Евдокия Павловна,
Хомус түмэлин билимҥэ уонна сырдатар үлэҕэ мэтэдииһэ
03.10.2024 с.