Ахтар Айыыһыта Прокопий Егорович Слепцовка уон тарбах иһигэр баппат үтүмэн талааны өлүүлээн-чаастаан биэрбитин сөҕөҕүн. Арааһата, Дьылҕа Хаана киниэхэ:  «Айыыһытыҥ бэлэҕин чиэстээхтик толор!» – диэн баран, «кэннигэр уот кыбытан баран» орто дойдуга утааран кэбиспит бадахтаах. Ол да иһин кини айан-тутан хаалларбыт муусукатын үнүстүрүмүөннэрэ, ойуунун таҥаһа, хомустара түмэллэргэ көрдөрүүгэ тураллар, ырыалара-хоһоонноро, айымньылара кинигэҕэ киирэн үйэтийбиттэр.

Болокунуот сэһэнэ

Бу күннэргэ Хомус түмэлигэр П.Е. Слепцов архыыбын кыыһа Екатерина Черемкина хаалларбытын көрүтэлии олороммун, Прокопий Егорович болокунуотун булан ыллым. Лиистэрин биир-биир арыйталыы олороммун, хомуска майгылыыр ойууга уонна «хомус», «көлүөскэ» эҥин диэн адаархай буочарынан суруллубут тылларга хараҕым хатана түстэ. Бастаан утаа бэрт эрэйинэн быһыта-орута аахтым, ис хоһоонун соччо-бачча өйдөөбөтүм. Онтон сорох тыллары хомус уустарыттан чуолкайдаһан аахпытым баара – Прокопий Егорович хомус кутуутун ньыматын туһунан бэлиэтэммит суруга эбит. Ааптар тылын таба суруйуутун уонна сурук бэлиэтин көннөрбөккө биэрдэххэ маннык: «Хомус киэбин 8 сиринэн иннэннэн тэһиллэр. Хомус уһуна 9 сэнтимет. Киэп буора хаттаҕына тардар аччыыр буоллар көлүөскэ ойуутун оҥорорго үрдүттэн охсуллар ойуланар эбит араас төбөлөрдөөх күлүүскэ ойуутун уопсайын кэмэйдиир ылтаһын тимир баар луом тимир маннык дүһүннээх (түөрт муннук уруһуйдаммыт) кыраппикка уулларар матыр-ы ыкксары хаалаан уулларар сыыһа биһилэх сырайа хомус тэгиригэ» (диэн баран хаҥас өттүгэр хомус кутар киэби, уҥа өттүгэр биэс үүттээх хомус тиэрбэһин кутар киэби ойуулаабыт).

Тиэкиһи сааһылаан уонна өйдөммөт тыллары быһааран биэрдэххэ маннык буолар: «Хомус киэбин 8 сиринэн иннэнэн тэһиллэр. Хомус уһуна 9 сантиметр. Киэп буора хаттаҕына, тардар, аччыыр буолар. Көлүөскэ (хомус тиэрбэһэ) ойуутун оҥорорго үрдүттэн охсуллар, ойууланар эбит. Араас төбөлөрдөөх көлүөскэ ойуутун түһэрэр ылтаһын тимир баар. Луом тимир маннык быһыылаах (тимиргэ ойуу түһэрэр штемпель диэн үнүстүрүмүөнү ойуулаабыт). Кыраппыкка (графитовай тигелгэ) уулларар матырыйаалы ыксары хаалаан уулларар сыыһа. Биһилэх сирэйэ. Хомус төгүрүгэ».  

Прокопий Егорович ааспыт үйэ 80-с сылларыгар Бүлүүгэ хаста да кэнсиэрдии бара сылдьыбыт. Иван Федорович Захаровка (Кылыадьы ууска) түһэр эбит. Хонор-өрүүр кэмигэр, бука, элбэҕи түөһэн кэпсэттэхтэрэ, хомуһу кутан оҥоруу ньыматыгар араас сүбэни-аманы ылбытыгар эмиэ сөп. Эдэр уустары кытта көрсүспүттэр, бииргэ хаартыскаҕа түспүттэр, Прокопий Егорович баяҥҥа оонньоон иһитиннэрбит. Кылыадьы уус Абыйга тиийэн, Анна Анисимова диэн дьахтардыын ыал буолан олоро сылдьыбыт кэмигэр биир идэлээхтэр хардарыта сылдьыспыт, ылсыбыт-бэрсибит, чугастык билсибит буолуохтаахтар. Ахтыылартан аахтахха, хаартыскалартан көрдөххө, бэрт иллээхтик-эйэлээхтик доҕордоспуттар. Ону Кылыадьы ууска кэлэ сылдьан түспүт хаартыскалара туоһулууллар.

Болокунуокка суруллубуттан көрдөххө, Прокопий Егорович кутуу ньыматын элбэхтэ боруобалаабыт, буспут-хаппыт көрүҥнээх. Санаан да көрдөххө, кутуу сатабылын  баһылыыр диэн элбэх сыраттан, үтүмэн көлөһүнтэн тахсан эрдэҕэ. Этэргэ дылы, сүүһүн көлөһүнүн тилэҕэр аҕаан, тилэҕин көлөһүнүн сүүһүгэр аҕаан, бу уустук идэни баһылаабыт буолуохтаах. Онуоха Кылыадьы уус сүбэтэ-амата тыынар салгынын кэриэтэ буолбут буолуохтаах. «Ураты талаан умсулҕана» кинигэҕэ (2014) Борокуоппай хомус уһаныытыгар хайдах ылларбытын туһунан биир дойдулааҕа Т. Слепцова маннык ахтыбыт: «…Кэлин хомуһу оҥоруунан дьарыктаммыта… ханна да сырыттын, тыастаах тимири көрдөөн булан, эмиэ чапчынан киирэн барара… ол саҕана ити уран үлэҕэ сөптөөх инструмент суоҕа, үксүн бэйэтэ оҥосторо дииллэрэ…» диэн. Оттон кини хомуска чугаһаппыт киһитэ П.П. Черев «…Хомус хайдах оҥоһулларын, ханнык тимиртэн оҥоруохха сөбүн элбэҕи кэпсээбитэ…» диэн суруйбут.

Хомус түмэлигэр Прокопий Егорович сэттэ хомуһа хараллан сыталлар. Олор чэпчэки баҕайы ыйааһыннаахтар, сырдык дьүһүннээх тимир булкадаһыгыттан оҥоһуллубуттар (кутан буолуон сөп). Сороҕор хомуһун лотуунтан кутарын туһунан болокунуотугар бэлиэтэммитэ эмиэ баар. Хомус тылын хотуур тимириттэн быһан, таптайан, аалан олордор эбит. Бэйэтэ ахтыбытынан, бастакы хомуһун 12 саастааҕар оҥорон боруобалаабыт. «Тыаһа олох мөлтөх этэ», — диэн билинэр. Онтон «син тыаһыыр» хомуһун 15 саастааҕар охсубут уонна дьиэтин иһинээҕи дьонугар тардан иһитиннэрбит. Кэлин элбэх хомуһу охсубутуттан үксүн дьоҥҥо бэлэх биэрэрин туһунан ахтар. Дьоно-сэргэтэ кини хомуһун «тыаһа этигэн» диэн сөбүлүүллэрин ыйбыт. Оҕолорго диэн анаан туспа оҥорор эбит. «Бэйэлэрин саастарыгар сөптөөх гына оҥоробун, улахан киһиэхэ оҥоһуллубут хомуска кыра оҕо сатаан оонньообот. Үчүгэй, этигэн хомуска иэйэн-куойан оонньоотохторуна, киһи дуоһуйа истэр» диэн хомуска тардыы сатабылын эмиэ бэлиэтээн аһарбыт. «Күн уотугар, итиигэ тутуллуо суохтаах, тылын уҥа-хаҥас, туора-маары тардыллыа суохтаах, тылын туругун хамсатар эмиэ сатаммат. Оонньоон бүтэн баран, сиигин сымнаҕас таҥаһынан сотон баран ууруллуохтаах. Хомус – күндү үнүстүрүмүөн, онон харыстаан, хаатыгар уган, түөһүҥ сиэбигэр уга сылдьаҕын» диэн хомуһу хайдах харайдахха уһун үйэлэнэрин ыйбыт, бастыҥ сүбэлэри биэрбит. «Былыр Атаман Постников, Семен Хабаров диэн тимир уустара бааллара. Хомуһу охсорго үөрэппиттэрэ», – диэн сатабыллаах уустарга уһуйуллубутунан киэн туттан ааттарын ааттаталаабыт. Хомусчуттарга дьоһуннаах сүбэлэрэ билигин даҕаны суолталаахтар: «Хомуска үчүгэйдик оонньоотоххо, туора киһи дуоһуйа истээччи. Араас көтөрдөр саҥаларын – күөрэгэй, хаас, ээмиллэ, сылгы айхаллаан сиэлиитин, бөтөрөҥүн, кыыс ырыатын, эбээн сээдьэтин дьүрүһүттэхтэринэ, дуоһуйа астынаҕын».

Болокунуот иккис лииһигэр көмүс оҥоһуктарга уонна хомуска сакаас сыаналара ыйыллыбыттар. Лотуун хомус хаалыын 35 солкуобайга,  сакаасчыт бэйэтин матырыйаалыттан үрүҥ көмүс биһилэх 25 солкуобайга, кыһыл көмүстэн илбирҕэстээх ытарҕа 40 солкуобайга тураллар эбит. Оччотооҕуга да хомус оҥорторор сыаналаах буолан, олус харыстаан илдьэ сылдьаллара. Этэргэ дылы, өрбөххө суулаан-суулаан баран, хоппо түгэҕэр кистии ууран, дууһалара иэйдэҕинэ, санаалара кэллэҕинэ хостоон таһааран, ыанньыйбыт санааларын тоҕо тэбээн, хомустаан баран, төттөрү ууран эрдэхтэрэ.   

Хомус ууһун мэтириэтэ  

            Ким эмэ Прокопий Егоровиһы хомус ууһун быһыытынан анаан-минээн ырытан суруйбутун булан  ааҕа иликпин. Кинини ордук сахалыы муусука үнүстүрүмүөннэрин оҥорооччу, артыыс, ырыа айааччы о. да а. элбэх талаанын туһунан суруйуулар бааллар. «Ураты талаан умсулҕана» кинигэҕэ кинини кытта алтыспыт дьонун-сэргэтин ахтыыларыттан кини хомуска сыһыанын, дэгиттэр хомусчутун уонна хомус ууһун быһыытынан мэтириэтэ арыллан кэлэр.

Былыргыны сөргүтээччи. «…Талаана батарбакка, музыкальнай инструменнары оҥорууга балачча таһаарыылаахтык үлэлээбит. Ол курдук «Ый Куону», аарыктаах күпсүүрү, «Дьахтар ымыытын» уонна хомус курдук музыкальнай инструменнары оҥорон, саха национальнай оркестрын тэрийиигэ кыттыспыт» (В.В. Илларионов), «…Саха төрүт уус инструменнарын – хомуһу, дүҥүрү, күпсүүрү тупсарарга кыһанар, өйүттэн тобулан атаара, «Дьахтар ымыыта», «Ый Куо» курдук саҥа инструменнары оҥордо…» (А.Н. Семенов), «…умнуллубут былыргы инструменнары сөргүтүөхпүн баҕарар этим… ол иһин бу фестивальга анаан алта инструмены оҥордум «Ый Куону», дүҥүрү, аарыктаах күпсүүрү, «Дьахтар ымыытын», хомуһу уонна атаараны…» (А.И. Чахов).

Хомуска сүгүрүйүүтэ. «.. Ийэлэрэ… кырачаан хомуһун таһааран хомустуура… Борокуопай … «аны миигин үөрэт» диэн хаайара, дьаныһан туран үөрэнэн, ийэтиттэн хайҕанара…, …хомустара биир эрэ буолан, харах харатын курдук харыстыыллара, уочаратынан уларса сылдьан оонньууллара…» (Т. Слепцова), «… хомуһу олус үтүө тылынан ахтара, ийэтиттэн хомуска уһуйуллубута, хомус ууһа буолбута…» (Е.Е. Варламова).

Хомус охсон холонуута. «…Бастакы хомуһун 12 саастааҕар оҥорбут, онто тыаһа соччо табыллыбатах, 15 сааһыгар эмиэ оҥорон холоммут… дьиэ иһинээҕи дьонугар оонньоон иһитиннэрбит…» (Г.П. Черемкина), «…этигэн хомуһун бэйэтэ уһаарар уот кыһа оҥостон…бу күн сиригэр толору дьоллоох этэ» (А.А. Чиркова), «…после войны он изготовил кузницу с мехами…, …неустанно занимался изготовлением хомусов…» (А.А. Чиркова).

Дьиктилээх хомустары оҥоруута. «Привез мне в подарок три выкованных им великолепных хомуса – один чуть меньше другого. Хомусы были заключены в деревянный футляр, на крышке которого были вырезаны силуэты хомуса и трех птичек. Только намного позже я осознал, что это было своего рода суггестивное пожелание-внушение, которое материализовалось спустя годы … Давно уже оперились три детки-птички, напророченные моим другом…» (Э.Е. Алексеев), «… П.Е. Слепцов …анал ис хоһоонноон кэмпилиэктэри оҥортообута баара, …«хомустар үтүөнү оҥордулар» диэн Э.Е. Алексеев үс хомуһун биһиги түмэлбитигэр анаан сылдьар…» (И.Е. Алексеев).

Хомусчут буолуута. «…Кырачаан инструмент тыаһын дьүрүскэнигэр …оннооҕор кыыстаах уол тапталга билинэрин итэҕэтиилээхтик оонньоон көрдөрөрө…» (Д.С. Киприянова), «… бэйэтэ, киһи эрэ истиэх курдук, хомуска оонньоон иһитиннэрбитэ…» (Л.С. Бережнова-Ильяхова), «…бэйэтэ оҥорбут хомустарын миэхэ биэрэн оонньотон истэрэ…» (К.Н. Никулин).

Норуот маастара. «Хомус маастарын быһыытынан республикаҕа бастакылар кэккэлэригэр сылдьыбыта, 1987 сыллаахха норуот маастарын үрдүк аатын ылбыта» (Х.Н. Хабарова).

Биир дойдулаахтара Прокопий Егоровиһы сатабыллаах хомусчут, хомуска уһуйааччы, хотуулаах үлэһит, хомуһуннаах хомус ууһа буолан тыыллан-хабыллан тахсан, норуот маастарыгар тиийэ үүммүтүн бэлиэтээбиттэр. Дьыл-хонук ааһан истэҕин аайы П.Е. Слепцов туһунан ырытыылар, чинчийиилэр суруллун иһиэхтэрэ. Оччоҕо кини, ыраахтан тэһэ тыгар Чолбон сулус курдук, бу орто дойдуга «уон аҕыс кырыылаах» чаҕылхай киһи олорон ааспытын туһунан үйэттэн үйэҕэ уос номоҕо буолан кэпсэниэҕэ.

Слепцова Е.П., Хомус түмэлин билимҥэ уонна сырдатар үлэҕэ мэтэдииһэ

10.10.2024 с.