Ытыктабыллаах, Ксенофонт Дмитриевич!
Аан Дойдуга соҕотох Хомус түмэлин тэрийбит бастакы дириэктэрбитин төрөөбүт кэрэ бэлиэ күҥҥүнэн истиҥ-иһирэх тыллардаах эҕэрдэ буолуохтун!
Түҥ былыргы тимир уустара хаалларбыт хомус охсуутун технологиятын сайдыытыгар киллэрбит кылаатыҥ сүдү, бөлүһүөхтүү ырааҕы анааран көрүүлэриҥ кэскиллээх олоххо суолдьут Чолбон Сулус буолаллар.
Инникитин да айар үлэҥ аартыга кэҥни, үтүөҕэ-сырдыкка угуйа-ыҥыра туруохтун!
Аан Дойдутааҕы хомус Киинин уонна Музейын коллектива