Бу күн биһиги дойдубутугар 1996 сылтан ыла, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев ыйааҕынан ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүнэн бэлиэтэнэр. Саха бастакы лингвиһэ уонна сахалыы суругу-бичиги айбыт Семен Новгородов төрөөбүт күнүгэр анаммыта.
Төрүт тылбыт Сир үрдүгэр баар саамай былыргы тыллартан биирдэстэрэ. Учуонайдар саха тылын аан дойду саамай уустук уонна баай тылларыттан биирдэстэринэн ааҕаллар. Аан дойдуга биллибит, култуурабыт чаҕылхай нэһилиэстибэтэ, сахалыы суруллубут Олоҥхо буолар.Аан дойдутааҕы хомус Түмэлин уонна Киинин үлэһиттэрэ төрүт тылбыт сайдарын туһугар, кэнэҕэски ыччаттарга харыстаан тиэрдии үлэтин тэрийэллэр. Сахалыы тылынан сырдатар үлэни ыыталлар.
Биһиги ийэ тылбыт, норуоппут күүһэ! Төрөөбут тылбыт сайда-чэчирии турдун!

