Ыытыллар күнэ: Муус устар 3 күнэ, 2013 с.
Ыытыллар сирэ: Таатта улууһа, Дэбдиргэ с.
Тэрийээччилэр: «Таатта улууһа» МО, «Игидэй нэһилиэгэ» МТ, Аан дойтутааҕы Хомус музейа уонна киинэ, Таатта улууһун культураҕа салаата, Таатта улууһун Этнокультура уонна сынньалаҥ киинэ, Тыараһатааҕы Л.Н. Турнин аатынан музей, А.Ф.Бояров аатынан культурнай сынньалаҥ киин.
Сыала-соруга: Саха музыкальнай инструменын хомуһу тардыыга уонна уһаныыга оҕону кура сааһыттан интэриэһин тардан уһуйуу, уустар үлэлэрин киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрии, хомуска оонньуур уолаттар ансамбылларыгар саҥа-сонун сүүрээни киллэрии.
Кыттыыны ылаллар: республикаҕа айымньылаахтык үлэлиир хомусчут уолаттар ансамбыллара, салайааччылар, хомус уустара, фольклорнай түмсүүлэр салайааччылара.
Ирдэнэр: Хомусчут уолаттар ансамбылларыгар сылдьар хомуһу уһаныан баҕалаах уолаттар. Ансамбыллартан эҕэрдэ нүөмэр.
Программа:
9:00 — Регистрация.
10:00 — Семинары үөрүүлээхтик аһыы.
10:30 — «Хомус алыба» ансамбыл үлэтин билиһиннэрии.
11:00. — Уустар семинар-практикумнарын үлэтэ. Хас биирдии уус хомус оҥорор ньыматын уолаттарга билиһиннэрэр, үөрэтэр.
13:00-14:00 — Эбиэт.
14:00 — Уустар семинар-практикумнарын салҕыыта.
16:30 — Семинар-практикум түмүгүнэн төгүрүк остуол.
18:00 — Хомусчут уолаттар ансамбылларын кыттыылаах эҕэрдэ концерт.
Семинар кэмигэр Аан дойдутааҕы хомус киинин, Тыараһатааҕы Л.Н. Турнин аатынаан музей, Чычымахтааҕы хомус музейын быыстапкалара туруоруллаллар. Тэрээһин чэрчитинэн хомус уустарын атыыта тэриллэр.
Семинарга кыттыы иьин төлөбүр хас биирдии кыттааччыттан 150 солк., семинар түмүгүнэн кыттааччыларга сертификат туттарыллар.
Кыттааччылар айан, аһылык, гараж ороскуотун бэйэлэрэ уйуналлар.
Сайаапкалары кулун тутар 29 күнүгэр диэри support@igidey-school.ru Этнокультура уонна сынньалаҥ киин 84115242377 факс ыытаҕыт.
Билсэр телефоннаргыт Игидэй орто оскуолата 84115225472, 23425, 23307 Ефимова Варвара Константиновна, Этнокультура уонна сынньалаҥ киин 84115242377 Егорова Майя Гаврильевна.