Эһигини барыгытын саргылаах саҥа дьылбыт салаллан кэлбитинэн, үүнэр 2014 сылынан Хомус түмэлин уонна киинин үлэһиттэрин аатыттан ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит!Ааһан эрэр сыл бэлиэ түгэннэрин, умнуллубат кэрэ-бэлиэ күннэрин өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр сөҥөрдөн, үтүөтүн-үчүгэйин эрэ бэйэбитигэр иҥэринэн кэлэр сылы ыраас, сырдык санаалаах, үтүө сүргэлээх көрсүөҕүҥ. Биллэрин курдук, кэлэр сыл – култуура сыла буолар. Үүнэр сылга сонун, сэргэх тэрээһиннэр, үтүө саҕалааһыннар, чаҕылхай, бэлиэ түгэннэр биһигини күүтэллэр.
Сахабыт сирин олохтоохторун уонна бары хомуһу таптааччылары саҥа үүнэн эрэр 2014 сылынан эҕэрдэлээн туран эһиэхэҕэ чэп-чэгиэн доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥитигэр, чугас дьоҥҥутугар или-эйэни, өйдөһүүнү-өйөһүүнү баҕарабыт. Айымньылаах үлэҕитигэр өссө үрдүк чыпчааллары дабайаргытыгар, уйгу-быйаҥ, байылыат олоҕу, саҕалаабыккыт санаа хоту сатанан, толкуйдаабыккыт томточчу туолан истин, баҕа санааҕыт барыта барҕара туоллун!Үүнэр сыл үгүс үөрүүнү, умнуллубат кэрэ-бэлиэ түгэннэри бэлэхтээтин, Хомуһу ытыскыт ымыыта оҥостон куруук илдьэ сылдьыҥ, Хомус алыптаах дорҕоонноро эһигини сырдыкка, кэрэҕэ сирдээтиннэр, санааҕытын сайҕаатыннар, куккутун-сүргүтүн бөҕөргөтөн арчылыы, араҥаччылыы сырыттыннар! Саҥа дьылынан, саҥа дьолунан!