6

Мин бүгүн кэпсиир дьоруойум М.К.Аммосов аатынан ХИФУ биир бастыҥ, олоххо көхтөөх, чаҕылхай талааннаах устудьуона. Кини эмиэ, бары эдэр дьон курдук, улахан олох аартыгар саҥа үктэммит, ол эрэн хайыы үйэ бэйэтин сааһыгар ботуччу ситиһиилэрдээх, олоххо бэйэтэ солонон эрэр суоллаах эдэр киһи. Университет биир көхтөөх, талааннаах устудьуона Ньургун Пахомовтыын сэһэргэһиибитин ааҕааччыларбытыгар анаан таһаарабыт.

Ньургун дорообо. Бастатан туран, сэһэргэһии сиэринэн бэйэҕин билиһэннэр эрэ, ааҕааччыларбытыгар.

— Дорообо. Пахомов Ньургун диэммин, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ ИТИ 4 кууруһун устудьуонабын, Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгиттэн төрүттээхпин, онно оскуоланы бүтэрбитим.

Ньургун, бу соторутааҕыта, тохсунньу ый саҥатыгар «Алгыс» хомус бөлөҕө Санкт-Петербург куоракка «Фейерверк талантов» диэн улахан фестивальга ситиһиилээхтик кыттан кэллигит. Ити туһунан уонна онтон сиэттэрэн үөрэҕиҥ таһынан бэйэҥ тугунан дьарыктанаргын кэпсии түс эрэ.

— Саҥа үүммүт сыл тохсунньу ыйын 6-9 күннэригэр Санкт-Петербург куоракка ыытыллыбыт «Фейерверк талантов» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы фестивальга ситиһиилээхтик кыттан кэллибит. ХИФУ биир талааннаах выпускнига Аркадий Егоров салайааччылаах «Алгыс» ансаамбылтан төрдүө буолан саха хомуһун, төрүт дорҕооннорун, ырыатын-тойугун иһитиннэрэн бастыҥнар кэккэлэригэр киирдибит, 1 истиэпэннээх лауреат буоллубут. «Инструментальное исполнительство» диэн биирдиилээн иһин күрэхтэһиигэ хомус тардан эмиэ 1 истиэпэннээх лауреат буоллум. Кыра эрдэхпиттэн хомус доҕордоох улааппытым, ийэм Валентина Егоровна Пахомова импровизатор хомусчут. Кини биһигини, балтылаах убайбын кытта, оҕо эрдэхпититтэн хомус кэрэ эйгэтигэр уһуйбута. Бу устудьуоннуу кэлэн баран хомуспун умнубакка, Аркадий Егоров салайааччылаах «Алгыс» ансаамбылга хомустуубун, араас таһымнаах күрэхтэргэ саха култууратын көрдөрөн балачча ситиһиилэрдээхпит.

Үөрэҕим таһынан быыс арыт булан университет олоҕор көхтөөхтүк кыттабын. Ол курдук устудьуоннар тутар этэрээттэригэр хамандыырынан үлэлиибин, сайыҥҥы өттүгэр куораппыт, Сэргэлээхпит уопсайдара тупсалларын туһугар үлэлэһэбит. Олорор 67 уопсайбар студсэбиэккэ баарбын, билигин университет биир салаатынан ОССО активистара (Объединенный Студенческий Совет Общежитий) «комиссия по жилищно-бытовым проблемам» диэн хайысханан үлэлиибит. Маны таһынан университет «Күндэл» үҥкүү ансаамыбылыгар дьарыктанабын, «Алгыс» хомус ансаамбылыгар баарбын. Ону тэҥэ «Үс кут» диэн эдэр ыччат түмсүүтүгэр билигин үлэлэһэбин, оскуола оҕолоругар, эдэр ыччакка чөл олоҕу пропагандалыыбыт, төрөөбүт тылбыт, култуурабыт туһунан кэпсиибит, ыччаты олоххо көхтөөх позициялаах буолалларын курдук үлэлэһэбит.

Сотору кэминэн үөрэххин бүтэрдэххинэ тутааччы идэлээх буолан тахсар эбиккин, төһө да техническэй хайысхалаах үөрэҕи баһылыы сырыттаргын, сахалыы тыыҥҥын илдьэ сылдьар, талааҥҥын сайыннаран барытыгар көхтөөхтүк кыттар эбиккин. Идэҕин хайдах талбыккыный?

— Кыра эрдэхпиттэн ойуурга да буоллун, тэлгэһэбэр да буоллун, ону-маны тутан оонньуурбун, саҥаттан саҥаны айарбын сөбүлүүрүм. Улахан кылаастарга үөрэнэ сырыттахпына физика учуутала Татьяна Алексеевна Васильева таба көрөн «эн наһаа фантазиялаах, толкуйдаах оҕоҕун» диэн «Инникигэ хардыы» научнай практическай кэмпириэнсийэҕэ кытын диэбитэ. Сонно тута сөбүлэһэн, бииргэ үлэлэһэн улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах кэмпириэнсийэлэргэ кыттан миэстэлэһэрим, ол сылдьан тутуу бу миэнэ эбит дии санаабытым. 9 кылааска бу идэни чопчу талбытым.

Ньургун

Эдэр киһи диэтэххэ, ботуччу ситиһиилэрдээх эбиккин. Ол туһунан кэпсии түс эрэ.

Университет иһинэн 2011 с. «Молодое дарование», 2012 с. «Бастыҥ устудьуон» номинациялардаахпын, «Алгыс» ансаамбыл улахан ситиһиилэрбитинэн 2012 с. Москва куоракка ыытыллыбыт «Бриллианты России” 6 норуоттар икки ардыларынааҕы куоҥкуруска 3 истиэпэннээх лауреат, эмиэ бу сыл Финляндия Хельсинки куоратыгар Үрдүк үөрэх кыһаларын икки ардыларынааҕы интернациональнай фестивальга гран-при буолбуппут. Саамай улахан ситиһиилэрим диэн ааспыт 2013 сылга Горнай улууһа олохтообут Семен Петрович Данилов аатынан стипендиат уонна эмиэ бу сыл САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, үлэ кыһыл знамята уордьан кавалера, хомусчут Лука Николаевич Турнин аатынан стипендиат буолбутум.

Ньургун, бу эдэр киһиэхэ улахан ситиһии дии саныыбын. Бу стипендиат буолбутуҥ эйиигин өссө үрдүккэ кынаттыыр, сирдиир уонна саамай сүрүнэ улахан эппиэтинэс буоллаҕа. Эн санааҕар, ситиһии кистэлэҥэ тугуй?

— Киһи оттон ситиһиилэниэн баҕарар буоллаҕына, сөптөөх хайысханан ылсыбытын ыһыктыбакка, саҕалаабытын тиһэҕэр тиэрдэ үөрэниэн наада дии саныыбын.

Эн ити араас таһымнаах куоҥкурустарга, фестивалларга кыттан араас куораттарынан, дойдуларынан тэлэһийэҕин. Ити сылдьан ыырыҥ кэҥиир, өйүҥ-санааҥ далааһына эмиэ уларыйар буолуохтаах. Дьэ эт эрэ, атын омук дьоно, ыччата туох уратылаахтарый, саха ыччатын кытта тэҥнээн көрдөххүнэ?

— Атын дойдуларга сылдьан эдэр ыччаты кытта билсэн, бииргэ алтыһан сырыттаххына эрэ сылдьаҕын. Ол сылдьан киһи хараҕар быраҕыллар, өйүгэр түһэр эбит, атын дойду ыччатын култууратын таһыма наһаа үрдүк диэн. Бастаан бэйэм кыбыста санаабытым, пахай, биһиги маннык эбиппит диэн. Ол эрэн киһи үөрэнэ сатаатаҕына барытын кыайар, бэйэ бодотун тардына сылдьарга начаас үөрэнэҕин. Холобурдаан эттэххэ, атын дойдуларга уулуссаҕа сылдьалларыттан саҕалаан кэпсэтэллэригэр тиийэ култууралара үрдүк. Биһиги да туохпутунан атыннаахпытый? Хас биирдиибит бэйэбитин көрүнэ, бэйэ бодотун тардына сылдьыахха, кэпсэтэр тылбытын, тутта-хапта сылдьарбытын болҕойуохха. Ол эрэн саха ыччата даҕаны ханнык да омуктартан хаалсыбат, ардыгар тугунан эрэ уһулуччу да буолар. Онон саха ыччата бэйэтин түһэн биэрбэккэ аан дойду бастыҥ ыччатын кытта биир таһымҥа туруохтаах дии саныыбын, оннук даҕаны.

Билиҥҥи саха ыччатын хайдах сыаналыыгын, бэйэҥ бииргэ алтыһар, биир кэккэҕэ сылдьар эдэр дьону?

— Билиҥҥи саха ыччата урукку сыллардааҕар быдан сайынна, тубуста дии саныыбын. Оттон син биир биирдиилээн таҥнары тардааччылар бааллар эрээри, ону биир сомоҕо буоллахха, чөл олоҕу, спорду өрө тутан кыайыахха сөп дии саныыбын. Уонна ити наһаа түргэнник сайдыы баран дуу, хайдаҕа дуу, куоракка улааппыт ыччат төрөөбүт тылын умнаары гыммыт, онтон тыа ыччата төрүт култууратын, өбүгэтин үгэһин ситэри билбэтэ хомолтолоох. Үөрэҕирии өттүгэр саха кылааһын аччатыы билигин да баар. Төрүт култуураны кыра эрэ кылаастарга үөрэтэллэр. Ыччат ордук тас дойду псевдокултуураларын батыһан сыыһа-халты үктэнэр. Ыччат сайдара үчүгэй бөҕө буоллаҕа, ол да буоллар өбүгэтин үгэһин илдьэ сылдьыахтаах, кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдиэхтээх дии саныыбын.

Онон, саха ыччатыгар туох баҕа санааҕын этиэҥ этэй?

— Киһи биирдэ бэриллэр олоҕо бэрт кылгас, олохпут саамай кэрэ кэмэ – эдэр сааспыт олус түргэнник элэстэнэн ааһа охсуо. Хас биирдии устудьуон утаппыттыы үөрэниҥ, элбэҕи билэ сатааҥ. Хас күн аайы толкуйданыҥ: «Мин бүгүн туох саҥаны биллим? Тугу ситистим? Туох туһалааҕы оҥордум?», диэн. Ити ыйытыыларга күн аайы хоруй баар буоллаҕына, сыалгытын хайаан да ситиһиэххит, үөрэҕи-билиини баһылыаххыт.

Ньургун, хоруйдарыҥ уонна сэргэх кэпсээниҥ иһин махтанабын. Салҕыы өссө даҕаны үрдүк чыпчааллары дабайан, талааҥҥын ситэ арыйан дьоҥҥун-сэргэҕин үөрдэ тур. Киэҥ билиилээх, уһуну-киэҥи анаарар тобуллаҕас толкуйдаах, өйдөөх-санаалаах, норуотуҥ, бар дьонуҥ туһун саныыр туруу үлэһит буоларгар баҕарабын. Куруук бу курдук күлэ-үөрэ сырыт, чэгиэн буол!

Кэпсэттэ Күн Алгыс

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *