IMG_0883

Кулун тутар 30 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театрын сыанатыгар «Алгыстаах хомус» диэн театрализованнай дьүһүйүү турда. Бу Хомус түмэлин уонна Саха театрын коллективтарын кыттыгас бырайыактара буолар. «Алгыстаах хомус» хас да түһүмэҕинэн барда. Кэлбит дьон аан бастаан Александр Артемьев-Кулан алгыһын, кини хомуһун дьикти дорҕооннорун истэн арчыланнылар, чуумпуран олорон иһиттилэр.

Алгыс кэннэ «Дьэрэлийэр удаҕан» диэн биир оонньуулаах театрализованнай дьүһүйүү саҕаланна. Бу 19 үйэ саҥатыгар олорон ааспыт, номоххо киирбит Дьэрэлийэр удаҕан дьону хомуһунан эмтээбитин туһунан дьиктилээхэй көстүүнү тилиннэрэн дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрүү буолла. Икки үйэ анараа өттүгэр олорон ааспыт айыылартан айдарыылаах Дьэрэлийэр удаҕан хомус алыптаах күүһүнэн дьону эмтээн тыыннарын салҕаабытын туһунан киһини сөхтөрөр, арыт этиҥ сааһынан да киирэр ураты дьүһүйүүнү кэлбит дьон сөҕө-махтайа көрдүлэр. Туруорааччы режиссер Руслан Тараховскай бу урут буолан ааспыт дьикти көстүүнү театр сыанатыгар тилиннэрэн, бэйэтин ураты көрүүтүн киллэрэн дьон дьүүлүгэр таһаарбыта кэрэхсэбиллээх. Сценарий сүрүн оҥкулун суруйбут Хомус музейын үлэһиттэрэ Евдокия Слепцова уонна Аркадий Егоров номох буолан үйэлэри уҥуордаабыт ураты көстүүнү сөргүппүттэрэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдибиттэрэ улахан махталлаах суол. Сүрүн оруолу-Дьэрэлийэр удаҕаны Саха театрын артыыһа Ильяна Павлова итэҕэтиилээхтик толорон, кэлбит дьону ураты турукка киллэрдэ. Бу дьүһүйүүгэ сүрүн уонна ойоҕос оруоллары оонньообут дьон, төһө да артыыс идэтэ суох буоллаллар, бэйэлэрин оруолларын сүрдээх итэҕэтиилээхтик, үрдүк таһымнаахтык толорбуттара кэрэхсэбиллээх. Онон Дьэрэлийэр удаҕан туһунан сыанаҕа турбут театрализованнай дьүһүйүү дьон уйулҕатыгар дириҥник өтөн, куту-сүрү хамсатан, кырдьык даҕаны, ураты айдарыылаах, сүдү айылҕалаах дьон баалларын, олорон ааспыттарын уонна хомус хомуһуннаах күүһүн итэҕэтэн кэлбит дьоҥҥо дириҥ өйдөбүлү хаалларда.

Иккис түһүмэххэ 1914 с. Бирикээсчиттэр кулууптарыгар хомуһу маассайбай тардыы буолан ааспытын туһунан, ону тэҥэ аан бастаан Москуба курдук аатырар куорат сыанатыттан саха хомуһун дьүрүһүппүт Лука Турнин, саха сирин аан дойдуга ааттаппыт виртуоз-хомусчуттар Петр Оготоев, Федора Гоголева сырдык мөссүөннэрэ, кинилэр ааттарыгар сүгүрүйүү хас да көстүү буолан түмүлүннэ. Бу түһүмэххэ Кобякова Ф.И.-Эдьиий Дора алгыһынан оҥоһуллубут, аан дойдуга саамай улахан хомус алгыстаах күүһүттэн бэриһиннэрии , бу хомус тула болҕомтону түмэн дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө санааны, алгыс тыынын тириэрдии буолла.

IMG_0865

Түмүктүүр, үһүс түһүмэххэ, Аан дойду виртуоз-хомусчуттара И.Е. Алексеев-Хомус Уйбаан, Спиридон Шишигин, Альбина Дегтярева, Юлиана Кривошапкина-Дьүрүйээнэ уонна Ким Борисов хас биирдиилэрэ уратытык хомус тардан көрөөччүлэри сөхтөрдүлэр, хомус муҥура суох кыаҕын уонна күүһүн өссө төгүл итэҕэттилэр. Түмүккэ Хомус Уйбааны батыһа хомуһунан оһуокай этэн, Алгыстаах хомус тула дьон-сэргэ өйүн-санаатын түмтүлэр. Кэлбит дьон маннык ураты дьүһүйүүнү көрөн астыммыттарын, сөҕө-махтайа санаабыттарын эттилэр.

Хомус – ытыска эрэ батар кырачаан эрээри, киһи сылаас тыынынан иччилэнэн, саҥаран-иҥэрэн, этэн-тыынан бардаҕына кыра бэйэтэ улаатан, симик бэйэтэ дуораһыйа туойан дьикти дорҕооннорунан куту-сүрү абылаан, уйулҕаны уһугуннаран, саппаҕырбыт санааны сайҕаан, эти-сиини эмтээн күүс эбэр, арчылыыр-араҥаччылыыр буоллаҕа. Хомус курдук музыкальнай инструменнаах буоламмыт Аан дойдуга сахалар дуо, дэттэрэ сырыттахпыт, хомус ураты күүһүгэр итэҕэйэн айылҕалыын алтыһабыт, ситиммитин күүһүрдэбит, омук быһыытынан уратыбытын илдьэ сылдьабыт, салҕыы сайдабыт. Онон, дьон-норуот өйүн-санаатын хомус алгыстаах күүһүн тула түмэн куту-сүрү бөҕөргүтүнэрбит, кэскиллээх өйү-санааны олохтуурбут үтүө саҕалааһын буолар.

 Күн Алгыс.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *