Муус устар 15 күнүгэр Оҕо дыбарыаһын дьиэтигэр «Этигэн хомус» диэн Дьокуускай куорат детсадтарын уонна оскуолаларын икки ардыгар хомус күрэҕэ буолан ааста. Бу күрэххэ барыта 330 оҕо кытынна. Ансаамбылларынан уонна биирдиилээн иһин күрэххэ биэс саастаах кырачаан хомусчуттартан саҕалаан улахан кылаас үөрэнээччилэригэр тиийэ бастыҥнар ааттарын ылар иһин күрэхтэстилэр, бэйэлэрин талааннарын көрдөрдүлэр. Дьүүллүүр сүбэ кыттааччылары саастарынан арааран сыаналаата, хомус тардар дьоҕурдарын, сыанаҕа тутта-хапта сылдьалларын, сахалыы таҥастарын уо.д.а. көрдө. Түмүккэ бастыҥнар ааттара ааттанна, кыайыылаахтар биллэн үөрүү-көтүү үксээтэ.
Бүгүҥҥү кэпсиир дьоруойбут бу күрэх гран-при хаһаайына, оскуола саастаах оҕолорго биирдиилээн хомус тардыыга кыайбыт Ян Попов туһунан ааҕааччыларга таһаарабыт. Ян Попов Дьокуускай куорат 26 нүөмэрдээх оскуолатын 2 «д» кылааһыгар үөрэнэр, 9 саастаах. «Этигэн хомус» күрэххэ Ян хомус тардан истибит дьону барыларын сөхтөрдө, чаҕылхай талаанынан, үрдүк таһымынан кыайыан кыайда. Бастаан көрдөххө улахан киһилии боччумнаах, элбэх саҥата суох мотох курдук уолчаан күлэн мичик гына-гына кэпсээн бардаҕына, маннык кырачаан киһи хайдах итинник улахан киһи курдук үчүгэйдик хомус тардара буолуой, диэн сөҕө саныыгын. Салҕыы Ян Попов кэпсээнин истиэҕиҥ:
— Мин аан бастаан биэс аҥаар саастаахпар тастыҥ эдьиийим хомуска оонньуурун истэн интэриэһиргии санаабытым уонна онтон ыла хомус тардарга үөрэнэн киирэн барбытым. Аан бастаан сатаабат этим. Тииспэр охсулла сылдьара уонна сатаан туппат этим. Онтон сыыйа дьарыктанан киирэн барбытым, күн аайы сарсыарда тураат да оонньуурум хомуска. Онтон төрөппүттэрим өйөөннөр Иванида Олеговна Бугуловаҕа дьарыктана киирбитим, киниэхэ үөрэнэбин. Барыта түөрт хомустаахпын.
Аан маҥнайгы улахан ситиһиибинэн былырыын Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт «Чарующие звуки хомуса» диэн күрэххэ гран-при буолбутум. Ийэм Сахаяна Михайловна, аҕам Александр Викторович куруук миигин өйүүллэр, сүбэ-ама буолаллар . Сахалыы таҥаспын эбээм София Григорьевна тигэр. Бииргэ төрөөбүт иккиэбит, эдьиийим Сайаана 10 кылааска үөрэнэр. Эдьиийибинээн эйэлээхпит.
Оскуолаҕа эмиэ араас кэнсиэрдэргэ кыттабын. Кылааспытыгар 28 оҕо буолан үөрэнэбит, учууталбыт аата Сардаана Васильевна Никифорова. Саамай сөбүлүүр уруоктарым нуучча тыла, математика, английскай уонна окружающай мир. Математикаҕа тэҥнэбили, төгүлү, түҥэтиини суоттуурбун сөбүлүүбүн. Үөрэх кэннэ информатика, шашка куруһуоктарыгар дьарыктанабын уонна оскуола хоругар ыллыыбын. Иллэҥ кэммэр футболлуурбун, көмпүүтэргэ оонньуурбун сөбүлүүбүн. Ийэбэр ас астаһарбын туохтааҕар да ордоробун, ордук чебурекины астыырбын сөбүлүүбүн, омлеты бэйэм сатаан буһарабын.
Оскуолаҕа киириэм иннинэ НВК-ҕа «Саҥа күн» биэриигэ уһуллубуппут, онно Хомус Уйбаан, А.М. Дегтярева, С.С. Шишигин, Н.С. Шишигин, Айтал Мырсанов бааллара. Космоска хомуһу илдьэ көппүт космонавт Олег Кононенко Саха сиригэр кэлэ сырыттаҕына көрсүһүүгэ сылдьыбытым, бииргэ хаартыскаҕа түспүтүм. Бу ыытыллыбыт «Этигэн хомус» күрэххэ оҕолор хайдах хомус тардалларын көрдүм-иһиттим, үксүн түргэн тэтимнээхтик оонньууллар, сорохтор матыып таһаараллар.
Мин улааттахпына быраас буолуохпун баҕарабын. Быраас дьону эмтиир, дьоҥҥо көмөлөһөр.
Ити курдук Ян Попов бэйэтин туһунан кэпсээтэ, оскуолаҕа үөрэнэрин, хомус тардарын туохтааҕар да сөбүлүүрүн эттэ. Кэпсэтиибит түмүгэр саамай улахан баҕа санааҥ тугуй диэн ыйыппыппар: «Улааттахпына Испания биир саамай биллиилээх футболиһа Леонель Мессины кытта көрсүөхпүн баҕарабын» диэн хоруйдаата. Онон Ян улахан баҕа санаата туоллун диэн туран бу кэпсэтиибитин түмүктүүбүт уонна киниэхэ чэгиэн доруобуйаны, үөрэҕэр ситиһиилэри, хомуһу ытыһын ымыыта оҥостон инникитин өссө даҕаны үрдүк чыпчааллары дабайа турдун диэн алҕыыбыт.
Кэпсэттэ Күн Алгыс