Куланик_Эмблема_Христофорова Анна

Ыытыллар сирэ: Хаҥалас улууһа, «Орто Дойду» этнографическай комплекс

Буолар күнэ-дьыла: 2014 сыл бэс ыйын 20 күнэ

Буолар бириэмэтэ: 15 ч.00 мүн.

Ыытыллар миэстэтэ: Эдэр ыччат түһүлгэтэ

Күөн — күрэс сыала — соруга:

* Олоҥхону хомуһунан дьүһүйэн айыллыбыт айымньылары киэҥ эйгэҕэ таһаарыы.

* Хомус салгыы сайдарыгар саҥа хайысханы тобулуу.

* Саҥа ааттары арыйыы

Күөн — күрэс ирдэбиллэрэ:

* Күөн — күрэскэ кыттыыны ылаллар 15 сааһыттан 30 саастаахтарга дылы, 30 саастарыттан үөһээ саастаах дьон.

* Күрэс икки түһүмэҕинэн ыытыллар:

* Биирдиилээн толорооччулар;

* Бөлөҕүнэн толоруу.

Уопсай көрүү ирдэбилэ:

* Биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн кыттааччылар биир нүөмэри толороллор.

* Олоҕурбут, үгэс буолбут ньымаларынан тардыылара биһирэнэр.

* Толоруу маастарыстыбата уонна тема ис хоһоонун арыйыы ирдэнэр.

Тэрээһин ирдэбиллэр:

* Биирдиилээн кыттааччы төлөбүрэ 1000 солк.,

* Бөлөҕүнэн толорооччуларга хас биирдиилэриттэн 500 солк.;

* Кыттааччы кэлэр-барар, хонук сир, аһылык ороскуотун бэйэтэ уйунар.

* Түһүлгэҕэ хонук сир, аһылык тэриллэр. Сыаната: хонук сир — 500 – 1000 солк.; аһылык — 100 – 200 солк.

* Сайаапканы бэс ыйын 10 күнүгэр диэри маннык аадырыска тиксэрэҕит: Дьокуускай куорат, Киров уул, 31. тел/факс: 8-(4112)-42-86-75;

эл. аадырыс: office@ilkomus.com;

Хаҥалас улууһа, Төхтүр сэл., администрация: 8-(411-44) — 21-1-68

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *