па

Олунньу 12 күнүгэр Хомус музейыгар уонна Аан дойдутааҕы киинигэр Төрөөбүт тыл күнүгэр уонна Литература сылыгар аналлаах научнай-практическай конференция буолан ааста. Бу конференцияҕа оскуола үөрэнээччилэрэ, устудьуоннар, учууталлар, культура уонна наука үлэһиттэрэ, хомус уустара кытыннылар, бэйэлэрин үлэлэрин кэпсээтилэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ ф.н.д., М.К. Аммосов аатынан ХИФУ профессора И.Е. Алексеев – Хомус Уйбаан, Саха Республикатын үтүөлээх учуутала, норуот маастара И.Н. Готовцев – Хоһуун Уус, филологическай наука кандидата, гуманитарнай чинчийии институт саха тылын лексикологиятын сэбиэдиссэйэ Ф.Н. Дьячковскай, кыттааччылар үлэлэрин сыаналаатылар, сүбэ-ама биэрдилэр. Ол курдук бастыҥнар ааттарын быһаардылар:

IMG_0535

 1 секция – «Хомус уобараһа литератураҕа уонна фольклорга”

1. «Хомус уобараһын литературнай айымньыга бастыҥ чинчийии» – Ушницкай Данил, 9 кылаас, Ушницкай Кудук, 10 кылаас, Уус-Алдан улууһун Мүрү орто оскуолата (сал. Аммосова Валентина Ивановна, саха тылын учуутала);

2. «Хомус уобараһын литератураҕа хорутуулаахтык чинчийии» – Слепцова Анастасия Львовна, ХИФУ «Хоту дойду алыптаах дорҕоонноох хомуһа» (сал. Слепцова Евдокия Павловна, Хомус музейын научнай сотруднига).

3. «Хомуһу норуот уус-уран айымньытыгар ыллыктаахтык ырытыы» – Атласова Чэмэлиинэ, Саха гимназиятын 5 кылааһын үөрэнээччитэ «Звуки природы и хомус» (сал. Васильева Надежда Алексеевна, учитель КНРС (Я), Тихонова Ольга Николаевна, учитель русского языка).

4. «Хомус уобараһын литературнай айымньыга чинчийиигэ биһирэнэр дакылаат» – Лопатина Галина Владимировна, Таатта улууһун Игидэй орто оскуолатын саха тылын учуутала «Хомус уобараһа литератураҕа».

 IMG_0485

2 секция – «Хомус устуоруйата»

1. «Хомус устуоруйатын бастыҥ чинчийии» – Кычкина Зоя Никитична, Дьокуускай куорат эбии үөрэхтээһин уһуйааччыта, «Бүөтүр Уус хомуһу оҥорон көрүүтүн үөрэтии».

2. «Хомус устуоруйатын дириҥэтэн ырытыы» – Слепцова Ирина Семенова, Амма улууһун Сулҕаччы орто оскуолатын саха тылын учуутала «Сүргэни көтөҕөр, санааны чэпчэтэр хомус этигэн тыла».

3. «Хомус устуоруйатын киэҥ ис хоһоонноохтук чинчийии» – Охлопкова Сайаана, ученица 6 класса школы №17 г. Якутска «Чарующие звуки хомуса И.Н.Готовцева в нашей семье» (рук. Жиркова Агния Спиридоновна, педагог дополнительного образования Дворца детства).

4. «Хомус устуоруйатын чинчийиигэ биһирэнэр дакылаат» – Климентова Наталия Николаевна, Хаҥалас улууһун II Дьөппөн орто оскуолатын учуутала «Күөрдэмҥэ хомус тойуга».

5. «Хомус устуоруйатын чинчийиигэ биһирэнэр дакылаат» – Николаева Алина, ученица 9 класса Якутской государственной национальной гимназии «Характеристика линейных параметров стариныых и современных хомусов народа саха» (рук. Никитина Антонина Константиновна).

  IMG_0448

3 секция – «Хомус оҥоһуута (технологията)»

 

1. «Хомуһу чинчийиигэ информационнай-коммуникативнай технологияны туһаныы» — Черкашина Александра, Уус-Алдан улууһун И.С.Портнягин аатынан Сыырдаах орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ «Разработка электронного пособия «Мастера-изготовители хомуса Усть-Алданского улуса» (рук. Колодезникова Екатерина Павловна, учитель информатики).

2. «Хомус оҥоһуутун дириҥэтэн чинчийии» — Павлов Иван Тимофеевич, норуот маастара, Бүлүү улууһун хомус ууһа, Уваров Ньургустаан Николаевич, Нам улууһун хомус маастара «Өбүгэ үгэһин сөргүтэн тимири уһаарыы».

3. 3. «Хомус оҥоһуутун ымпыктаан ырытыы» — Тарабукин Максим, Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия 9 кылааһын үөрэнээччитэ «Хомуһу чочуйан оҥоруу» (сал. Комиссаров Ф.А., технология учуутала).

4. 4. «Хомус оҥоһуутугар биһирэнэр дакылаат» — Комиссаров Феликс Анатольевич Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия технология учуутала “Саха үгэс хомуһун оҥорорго оҕолору үөрэтэр ньыма”.

 IMG_0532

Биһирэммит дакылааттар:

1. Андреева Сахаайа, Алексеева Нарыйа, ученицы 10 класса Устьинской средней школы Сунтарского улуса «Хомус — символ якутской культуры» (рук. Тихонова Мотрена Сергеевна, учитель якутского языка).

2. Винокуров Михаил Николаевич, Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжын төрүт култуура кафедратын преподавателэ «Саха хомуска сыһыана».

3. Егоров Артур Николаевич, Горнай улууһун Мытаах музейын директора «Поэт Семен Данилов уонна хомус».

4. Собакина Светлана Николаевна, Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгин Л.Н.Турнин аатынан музей сэбиэдиссэйэ «Лука Турнин хомуһа».

5. Чахова Люба, Таатта улууһун Харбалаах орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ “Хомус тардыытын бастакы олуктара” (сал. Севастьянова Татьяна Семеновна, алын кылаас учуутала).

6. Татаринова Муся, Уус-Алдан улууһун Суотту орто оскуолатын саха тылын учуутала «Н. Бурцев – хомус ууһа».

7. Дохунаев Егор Васильевич, П.А.Ойуунускай аатынан музей старшай научнай сотруднига «Хомус поэзията».

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *