Алтынньы 6 күнүгэр Хомус музейыгар Л. Н. Турнин төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр программаларын барылын дьүүллэһии буолла. Саха норуотун талба талааннааҕа, дэгиттэр хомусчут, норуот ырыаһыта, ЯАССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Үлэ Кыһыл Знамята уордьан кавалера Лука Николаевич Турнин 2017 сылга төрөөбүтэ 100 сылын туолар. Онно аналлаах тэрээһиннэр чэрчилэрэ номнуо 2012 сылтан саҕалаан утумнаахтык салҕана турар. Үбүлүөйдээх сылга анаан улахан тэрээһиннэр уонна ыытыллыахтаах үлэ туһунан Таатта улууһун делегацията уонна Хомус музейын кэллэктиибэ сүбэ мунньаҕы ыыттылар. Таатта улууһуттан Тыараһа нэһилиэгин баһылыга С. В. Сунхалыров, педагогическай наука кандидата, Национальнай оскуолалар НЧИ сүрүннүүр научнай үлэһитэ Чехордуна Е. П. Уонна Таатта улууһун Култуураҕа уонна Духуобунаска салаатын фольклорга специалиһа М. Г. Егорова састааптаах делегация кэлэн программа барылын билиһиннэрдэ. Сүбэ мунньах түмүгүнэн туһааннаах соруктар турдулар.