Таатта улууһун культураҕа уонна духуобунаска салаатын начальнига Лопатин А.П. салайааччылаах П.А.Ойуунускай аатынан норуодунай театр үлэһиттэрэ дириҥ ис хоһоонноох, истиҥ иэйиилээх тэрээһини ыыттылар.
САССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, «Үлэ Кыһыл Знамята» орден кавалера, улуу хомусчут Лука Николаевич Турнин төрөөбүтэ 100 сылыгар ананар Сыл аһыллыытын үөрүүлээхтик аһыы Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр сэтинньи 22 күнүгэр үрдүк тэрээһиннээхтик ааста. Таатта улууһун культураҕа уонна духуобунаска салаатын начальнига Лопатин А.П. салайааччылаах П.А.Ойуунускай аатынан норуодунай театр үлэһиттэрэ дириҥ ис хоһоонноох, истиҥ иэйиилээх тэрээһини ыыттылар.
Тэрээһини ырыаһыт Виталий Очиров үтүө санаа алгыһынан аста, алтан чуораан аргыһынан арчылаата.
«Иилии эргийэр хомус эйгэтэ» быыстапкаҕа Хомус түмэлэ Аан дойду араас норуотун (Япония, Камбоджа, Венгрия, Казахстан, Индия, Вьетнам) хомуһун туруорда. Саха хомустарыттан сонун экспонатынан Быгынанов Прокопий Никитич (Таатта, Игидэй) оҥорбут аарыктаах хомус быыстапкаҕа ураты миэстэни ылла. Канаева А.Н. хомустарын чааһынай коллекциятын виртуоз-хомусчут Оготоев П.П. Тааттаҕа сырыытыгар анаабыт. Быыстапкаҕа Лука Турнин олоҕун, айар үлэтин, малын-салын туһунан Тыараһа үөрэнээччилэрин чинчийиилэрэ туруорулунна. Ол курдук Турнина Вика «Өймөкөөнтөн Россия киэҥ киэлитигэр», Соловьева Оля «Лука Турнин уонна Таатта театра», Архангельская Валерия «Таатта – Якутск – Москва: путь к успеху» , «Лука Турнин чымадаана – ыраах айан аргыһа» (сал. Собакина С.Н.), «Тыараһа талааннаахтара» Новгородова Нида (сал. Варламова У.Н.) улуу хомусчукка аналлаах быыстапка ис хоһоонун ситэрэн биэрдэ.
«Ытык киһибит эркээйитинэн» хомус ансаамбылын кыттыылаахтарын икки ардыгар ток-шоуну Тыараһатааҕы норуот айымньытын дьиэтин директора Сабарайкина А.А. иилээн-саҕалаан ыытта.
Лука Турнин стипендиятын кыайыылаахтара студеннар Ира Охлопкова, Айтал Мырсанов, хомусчут уолаттар Юра Абрамов, Миша Сыроватскай «Лука Турнин утумнааччылара» диэн тэрээһиҥҥэ оскуола үөрэнээччилэрин кытта көрүстүлэр, маастар-кылаас биэрэн, сатабылга уһуйдулар, уопуттарыттан үллэһиннилэр.
Түмүккэ «Аҕыс кырыылаах Саха саарына» Л.Н.Турнин сылын аһыллыытын үөрүүлээх чааһыгар В.Очиров Виталий Власов тылларыгар, Эрхан матыыбыгар «Талах курдаахпын» ырыатынан биир дойдулаахтарын эҕэрдэлээтэ. Эдэр хомусчуттар хомус дьикти кэрэ дорҕоонун мустубут көрөөччүлэригэр бэлэхтээтилэр. Дьон-сэргэ дуоһуйа сынньанна, кэлэр үбүлүөйдээх сылы тэрээһиннээхтик көрсөргө бэлэмнээхтэрин биллэрдилэр.
Тэрээһиҥҥэ барыта 284 киһи кытынна: оҕото 205, улахан дьоно 75, студент 4 сырытта.