САССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, «Үлэ Кыһыл Знамята» орден кавалера, улуу хомусчут Лука Николаевич Турнин төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах орто уонна үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнэр эдэр хомусчуттар икки ардыларыгар стипендия иһин күрэхтэһии Таатта улууһун тэрээһининэн Аан дойдутааҕы Хомус музейыгар сэтинньи 29  күнүгэр ыытылынна. Хомусчут ыччаттар үс түһүмэҕинэн күрэхтэстилэр.

IMG_8117

1 түһүмэх: кыттааччы 1 композицияны сыыйа тардыынан толоруу;

2 түһүмэх: Л.Н.Турнин олоҕор, айар үлэтигэр сыһыаннаах ыйытыыларга эппиэт;

3 түһүмэх: култуура бэтэрээннэрэ Андросова М.С., Канаева А.Н., Варламова Е.Е. ыйытыыларыгар эппиэт;

Түмүктүүр түһүмэх: Хомус музейын үлэһитин Слепцова Е.П. аарыктаах хомус туһунан ыйытыыта бэрилиннэ.

Таатта улууһун Депутаттарын сэбиэтинэн бигэргэммит «2014-2016 сылларга Таатта улууһун култууратын эйгэтин сайдыыта»  анал программа чэрчитинэн үбүлэнэр. Стипендия кээмэйэ 30000 солкуобай. Тэрээһин төрдүс төгүлүн ыытылынна.

IMG_8071 IMG_8075

Кытыннылар:

  1. Абрамов Юрий Александрович, Дьокуускайдааҕы  коммунальнай-строительнай техникум «Эксплуатация газового оборудования и систем газоснабжения» отделение 1 кууруһун устудьуона.
  2. Николаева Токуйаана Ивановна, ХИФУ Хотугулуу-илиҥҥи норуоттар тылларын уонна кулуураларын үнүстүүтүн 2 кууруһун устудьуона.
  3. Слепцова Алена Романовна, Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжын «Этнохудожественное творчество» отделениетын 2 кууруһун устудьуона.
  4. Платонов Валерий Ньургунович, Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжын «Этнохудожественное творчество» отделениетын 4 кууруһун устудьуона.
  5. Оконешникова Сайаана Степановна, ХИФУ Финансовай-экономическай институт «Международный менеджмент» отделениетын 2 кууруһун устудьуона.
  6. Митрофанова Арина Андреевна М.Н.Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж «Фольклор» отделениетын устудьуона.
  7. Аммосова Елена Иннокентьевна, ХИФУ Инженернэй-техническэй институт «Экспертиза и управление недвижимостью» отделениетын 4 кууруһун устудьуона.
  8. Корякина Варвара Афанасьевна, Дьокуускайдааҕы дизайн колледжын «Конструирование изделий из меха» отделениетын 4 кууруһун устудьуона.
  9. Выучейская Ангелина Алексеевна, Дьокуускайдааҕы дизайн колледжын «Социальная работа» отделениетын 2 кууруһун устудьуона.
  10. Семенов Уйгу Николаевич, Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжын «Этнохудожественное творчество» отделениетын 2 кууруһун устудьуона.
  11. Винокурова Анна Николаевна,  Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжын  «Социально-культурная деятельность» отделениетын 4 кууруһун устудьуона.
  12. Васильева Айталина, СВФУ  Физическэй-техническэй институт «Технология художественной обработки камней и металлов» кафедратын 2 кууруһун устудьуона.
  13. Дегтярева Элионора,  Дьокуускайдааҕы финансовай – экономическай колледж 1 кууруһун устудьуона.

Экспертнэй сэбиэт:

  1. Пахомов Александр Алексеевич – Россия наукаларын академиятын Саха сиринээҕи научнай киинин председателин солбуйааччы, экономическай наука доктора, Россия естественнэй наукаларын академига, хомуска «кэҕэлэтии», араастаан охсуу ааптара.
  2. Андросова Мария Степановна — Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Саха Республикатын бочуоттаах бэтэрээнэ, 1957 сыллаахха Л.Н.Турнинныын  Москва куоракка кытыыныы ылбыт хомусчут.
  3. Канаева Анна Николаевна – Саха Республикатын культуратын туйгуна, Тааттатааҕы «Күбэй” хомусчуттар ансаамбылларын салайааччыта,  хомусчут-импровизатор,  Чычымахтааҕы хомус музейын салайааччыта.
  4. Соломонова Ираида Лукинична – Лука Турнин кыыһа, хомусчут-импровизатор.
  5. Охлопкова Ира – ХИФУ «Общественнай үлэни кытта сибээс уонна реклама» факультетын 2 кууруһун устудьуона,  2015 сыллаах Лука Турнин стипендиата.

IMG_8141

2016 сыллаах Турнин Лука Николаевич аатынан стипендиат кыайыылааҕынан Николаева Токуйаана Ивановна, ХИФУ Хотугулуу-илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн 2 кууруһун устудьуона  буолла.

IMG_8160

Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар:

—          Чехордуна Е.П., Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университет Педагогическай институт  этнокультурнай  үөрэхтээһин лабораториятын сүрүннүүр научнай үлэһитэ, педагогическай наукалар академияларын корреспондена, «Улуу хомусчут, ырыаһыт, үҥкүүһүт Лука Турнин» кинигэ ааптара.

—          Варламова Е.Е., Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Хомус музейын тэрийсибит дьоннортон биирдэстэрэ.

—          Сунхалыров С.В., Таатта улууһун «Тыараһа нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии баһылыга.

—          Турнин П.П., Дьокуускай куораттааҕы “Тыараһа түмсүү” салайааччыта.

IMG_8174

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *