6

    САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Үлэ Кыһыл знамята» уордьан кавалера, улуу хомусчут Лука Николаевич Турнин олунньу 13 күнүгэр 1917 сыллаахха Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини 100 сыллаах үбүлүөйэ Хомус музейыгар олунньу 10 күнүгэр тэриллэн ыытылынна. Тэрээһини  Аан дойдутааҕы Хомус музейа, “Таатта” улууһа МТ, Дьокуускайдааҕы «Таатта», «Тыараһа» общественнай түмсүүлэр тэрийэн ыытылар. Биэчэри үйэтитиигэ «Таатта» телестудия, НВК “Саха”, «Саха сирэ» хаһыат кэрэспэдьиэннэрэ үлэлээтилэр. Тэрээһиҥҥэ барыта 132 киһи кыттыыны ылла: улахан дьон – 60, омук дьоно (студеннар) — 18 (Корея, Кытай, Франция), студеннар – 44, оскуола үөрэнээччилэрэ – 10.

1

    Үбүлүөйдээх тэрээһин Лука Турнин хомуска дьүрүһүтэр дорҕоонунан, алгысчыт (Очиров В.) айыыһыттартан көрдөһөр алгыһынан  саҕаланна. Эҕэрдэ тылы Хомус музейын бэрэсидьиэнэ, филологическай наука доктора Алексеев И.Е. – Хомус Уйбаан, экономическай наука доктора, Россия наукаларын академиятын Саха сиринээҕи киинин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, РЕН академига, СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ  Пахомов А.А. эттилэр.

    «Хомуска анаммыт олох» быыстапка аалай кыһыл лиэнтэтин Алексеев И.Е, Пахомов А.А., Соломонова И.Л. кырыйдылар.  Быыстапкаҕа Таатта улууһун Л.Н.Турнин аатынан Тыараһа түмэлин (сэб.Собакина С.Н.),  Хомус музейын научнай фондатын экспонаттара, сэдэх хаартыскалар  көрдөрүүгэ туруорулуннулар. Канаева Анна Николаевна (Таатта, Чычымах) тус коллекциятыттан Лука Турнины кытта ситимнээх 48 хомуһу туруоран, дьон болҕомтотун тарта

4

    “Саха хомуһун аҕата — Лука Николаевич Турнин” ахтыы киэһэтэ 1957 сыллаахха  П.А.Ойуунускай аатынан Тааттатааҕы култуура дьиэтин художественнай самодеятельноһын (сал.Л. Н. Турнин) кыттыылаахтарын ахтыыларынан саҕаланна. Дьокуускай куораттан: Протодьяконова (Полятинская) Татьяна Никитична, Луковцева Февронья Егоровна, Постникова (Маркова) Анна Яковлевна, Винокурова Татьяна  Ивановна, Таатта улууһуттан: Белина (Андросова) Мария Степановна, Собакина (Афанасьева) Мария Алексеевна кыттыыны ыллылар. Лука Турнин кинилэр олохторун оҥкулун оҥорсубутун истиҥник ахталларын кэлбит ыалдьыттарга кэпсээтилэр, билиһиннэрдилэр. Маны таһынан, Адамова Матрена Николаевна “Хомусчут Лука Турнин, 23 июля 1948 г.» диэн суруктаах, Лука Турнин кэргэнэ Варвара Афанасьевна аҕата, Лукаҕа бастакы хомуһун охсон биэрбит Охонооһой уус түһүспүт сэдэх хаартыскатын бэлэхтээбит кырдьаҕас кытынна. 1947-1948 сылларга  Лука Турнины кытта агитбиригээдэҕэ бииргэ сылдьыспыт, кини эбээннии оһуохайын, ырыатын бэрт үчүгэйдик билэр Уус-Алдантан төрүттээх Максимова Пелагея Степановна диэн 91 саастаах ытык кырдьаҕас ыалдьыттаата.  Ытык кырдьаҕас билигин даҕаны чөл туруктааҕын, ырыатын-оһуохайын билэринэн биэчэр кыттыылаахтарын сөхтөрдө. Истиҥ-иһирэх ахтылҕан киэһэтин педагогическай наука кандидата «Улуу хомусчут, ырыаһыт, үҥкүүһүт Лука Турнин» кинигэ ааптара Чехордуна Екатерина Петровна, «Таатта» телестудия үлэһитэ Прохорова Парасковья Филимоновна иилээн-саҕалаан ыыттылар.

2

    Лука Турнин олоҕун чинчийээччи Ефремова Людмила Павловна I Бүтүн Россиятааҕы норуодунай театрдар испэктээкиллэрин көрүү  1962 сыл ыам ыйын 8 күнүгэр Москва куорат Кремллээҕи театрыгар ыытыллыбыт лиэнтэтин Иркутскай куорат киинэ архыыбыттан булбутун билиһиннэрдэ. Лиэнтэҕэ Таатта норуодунай театра  “Лоокуут уонна Ньургуһун” драматын туруорбута Почетнай дипломунан наҕараадаламмыта уһуллан үйэтийбит лиэнтэтин дьон-сэргэ сэҥээрдэ. Кылгастык да буоллар, Лука Турнин тыыннаах мөссүөнүн көрөн астыннылар.

    Республикатааҕы норуот айымньытын дьиэтиттэн фольклор салаатын үлэһитэ Васильева Александра Васильевна Лука Турнин Хотугу улуустарга (Үөһээ Дьааҥы, Усуйаана, Эбээн-Бытантай) үлэлээбит сылларын аҕынна. Уус-Алдан улууһун бэрэстэбиитэлэ Федорова Анна Егоровна Лука Турнин ити улууска үлэлээбит сылларын бэлиэтээн ааста.

3

    Клавдия, Герман Хатылаевтар Лука Турнин “Тус илин”,  “Татыйык” ырыаларын төрүт дорҕоон доҕуһуолунан толордулар. Виталий Очиров “Талах курдаахпын”, Василий Новоприезжай «Татыйык – талаҕым чыычааҕа» ырыалары толордулар. Борисова Лидия Михайловна, Лука Турнин хомуска тардар «бэйбэрэ» ньыматын баһылаабыт хомусчут, Хаандыгаттан кэлэн ыалдьыттаата. Лука Турнин Томпотооҕу кэмнэрин туһунан булбут ахтыыларын музейга бэлэхтээтэ. Ахтыы киэһэтин Лука Турнин аатынан куонкурус стипендиаттара: Ньургун Пахомов (2013), Айтал Мырсанов (2014), Ира Охлопкова (2015), Токуйаана Николаева (2016) киэргэттилэр. Кэнчээри ыччаттарбыт – Дьокуускай куорат №17 оскуолатын уоланнара,  Өксөкүлээх Өлөксөй “Хомус” хоһоонун аахпыттара ахтыы киэһэтин туомун толордо, сиэрин ситэрэн биэрдэ.

5

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *