Чахов А.И. музейга 300-тэн тахса музейнай экспонаты бэлэхтээтэ. Ол иһигэр сэдэх экспонаттар бааллар: хаартыскалар, ахтыылар, илиинэн суруллубут ырыанньык, бартыбыал, Бурцев Н.П. охсубут хомуһа, Амынньыкы уус бэлэхтээбит саха быһаҕа, кырыымпа киэбэ, саха музыкальнай инструменнарын чертежтара, о да а. Быыстапка аһыллыытыгар филологическай наука дуоктара, Хомус музейын президенэ Алексеев Иван Егорович – Хомус Уйбаан, Хомус музейын директора Николай Спиридонович Шишигин тыл эттилэр. Александр Ивановичка «Почетный даритель МХНМ» знак туттарылынна.
Александр Иванович олоҕун чахчылара:
1958 с. Дьокуускайга музыкальнай училище теоретическай отделениетыгар композитор Гран Арамович Григоряҥҥа 2,5 сыл үөрэммитэ.
1959 с. Дий Матвеевич Матвеевтыын Наммараҕа бастакы биһилэхтээх хомуһу биир нэдиэлэ устата оҥорбуттар.
1967 сыл ыам ыйын 1 күнүттэн Культура министерствотын иһинээҕи Норуот айымньытын дьиэтигэр концертмейстерынан ылыллар. Бу үлэҕэ сылдьан саха былыргы музыкальнай инструменнарын туһунан суруйуунан дьарыктанан барар.
1967 с. Мэҥэ Хаҥалас Табаҕатыгар Семен Иннокентьевич Гоголевтыын – Амынньыкы уустуун 10 устуука биһилэхтээх хомуһу оҥороллор.
1968 сыл алтынньы 22 күнүгэр ССРС Миниистэрдэрин Сэбиэтин кэмитиэтэ бигэргэппит саҥаны айыы туһунан «Хомус — музыкальнай инструмент» айыллыбытын уонна онно №234849 ааптар бырааптааҕын туоһулуур сибидиэтэлистибэтэ бэриллибит. Мелодист Денис Данилов этэринии: «Саха хомуһун симик тыаһын хайа баҕарар театр сценатыттан дуораччы иһиллэр гына улаатыннарарга баламат соругу туруоруммута» туолбута.
1970 с. Сунтаар Ыгыаттатыгар Сергей Афанасьевич Зверев, Куонаан Кириллин буолан былыргы ойуун дьүҥүрүн оҥороллор.
Өлүөхүмэҕэ Чаара баһыгар тиийэн, кулааһайы ыҥырар айаан диэн оборон оонньонор инструмены булан аҕалар.
1974 с. Чурапчы кулуубугар саха музыкальнай инструменнарын оҥоруунан уонна оонньооһунунан дьарыктаммыт Петр Иннокентьевич Деляев, Макаров Петр Гаврильевич тустарынан матырыйаалы мунньар.
1990 с. «Саха национальнай ыһыаҕын тэрийии туһунан» кинигэ бэчээттэнэн тахсар.
1993 с. «Саха былыргы музыкальнай инструменнара» бастакы кинигэтэ тахсар. Александр Иванович “Саха былыргы музыкальнай инструменнара” диэн бастакы кинигэтин таһаартарар туһуттан Саха Республикатын бастакы Президенигэр Николаев Михаил Ефимовичка сурук суруйбут. Ол түмүгэр бастакы кинигэтэ 1993 сыллаахха «Бичик» кинигэ кыһатыгар 8000 экземплярынан тахсыбыт. Быыстапкаҕа ууруллубут Николаев М.Е. бочутуонай грамотатыгар маннык тыллары Александр Ивановичка туһаайбыт: «Богатый профессиональный опыт, талант и творческие достижения, накопленные за долгие годы работы, вы передаете своим ученикам и последователям, щедро делитесь с ними мудростью, знаниями, секретами своего мастерства. Я верю, что поколение, которому суждено жить и творить в будущем, приумножить те человеческие и культурные ценности, которые Вы пронесли через всю свою жизнь и остались им верны. Это вселяет оптимизм и надежду».
2012 с. “Старинные якутские музыкальные инструменты (технология изготовления)” кинигэ эчээттэнэр.
2012 с. “Өбүгэлэрбит музыкаларын төрүт дорҕоонноро” кинигэ «Көмүөл» кинигэ кыһатыгар (ред. Павлов Б.И.) бэчээттэнэр.
2008 с. П.А.Ойуунускай аатынан Саха театра, олоҥхо сылынан сибээстээн, саха инструменнарынан доҕуһуоллаан олоҥхонон драма туруора сылдьыбыта. Култуура министрэ Андрей Саввич Борисов ити инструменнары Александр Ивановичка итэҕэйэн оҥорторор.
2016 с. «Эдэр саас ырыалара» кинигэтин музыковед Шамаева Мариям Ивановна үлэлэһэн тахсыбыта. Кинигэҕэ ааптар 55 ырыата ырытыллан киирбитэ.
Анна Ивановна Томская салайааччылаах «КЫЛ САХа» саха төрүт дорҕоонун бөлөҕө Александр Ивановиһы дьиэрэтии, оһуохай, сахалыы матыыптарын доҕуһуолунан айхаллыы көрүстэ. Саха омук култууратын киэҥник пропагандалыыр Клавдия, Герман Хатылаевтар Александр Ивановичка махталларын биллэрдилэр. Ольга Иванова «Арыылааҕым сыһыытыгар» ырыатын таҥсырга доҕуһуоллаан толордулар. Тэрээһиҥҥэ мустубут дьон-сэргэ дьикти музыкаҕа уйдаран ыллылар.
Дьиҥ сахалыы кырыымпаһыт, маастар, толорооччу-импровизатор, бөлөх солиһа, Чахов А. И. үөрэнээччитэ Габышев Руслан Прокопьевич Майаттан киирэн тэрээһиҥҥэ кытынна. Сахалыы төрүт таҥаһы – хара саары этэрбэһи, сутуруону кэтэн, хаар ачыкытын иилинэн кэлэн дьону соһутта, сэргэхситтэ, ымсыырта.
Музей бэтэрээнэ Варламова Е.Е.: «Мелодист, хомусчут, хомус ууһа, чинчийээччи А. И. Чахов ырыатын ыллаабатах, хомуһун туһунан истибэтэх киһи суоҕа буолуо» диэн Хомус музейын фондаҕа отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир кэмигэр «Хомустаах Чахов» диэн ыстатыйаҕа бэлиэтээбиттээх. Варламова Е.Е., Слепцова Е.П. буоланнар 2016 сыллаахха от ыйын 19-21 күннэригэр, сайыҥҥы ардахтаан күн Чаховка командировкаҕа баран тураллар. Елизавета Егоровна ол сырыы туһунан сиһилии кэпсээтэ. Видеоҕа Чаховтан интервьюта көһүннэ.
«Эдэр саас ырыалара» кинигэ туһунан Музыкальнай колледж преподавателя, музыковед Мариям Ивановна Шамаева ырытыы оҥордо. Ааптар «Хахыйах» ырыатын пан флейтаҕа оонньоото. Оттон Иван Федосеев тылыгар, Чахов матыыбыгар «Сардаана» ырыаны Дьокуускай куорат №7 оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ Аина Иванова иэйиилээхтик толорон, тэрээһин кыттыылаахтарын куттарын тутта. Ааптар кэскиллээх толорооччуга «Эдэр саас ырыалара» кинигэтин бэлэх уунна.
Быыстапкаҕа сонун уонна сэргэх экспонатынан илиинэн суруллубут ырыанньык сүрүн миэстэни ылла. Ааптар ырыанньыгы 1961 сыллаахха суруйан саҕалаабыт. Ырыа тыллара сүрдээх кыраһыабай буочарынан суруллубуттар. Хас биирдии ырыа тиэкиһин кытыытынан өҥнөөх кыраасканан миниатюрнай ойуулар уруһуйдаммыттар.
Быыстапкаҕа элбэх саһарбыт хаартыскалар туруорулуннулар. Ол курдук, саха музыкальнай инструменнарын оҥортообут бастакы маастардар: Дий Матвеевич Матвеев, Петр Иннокентьевич Деляев, Петр Гаврильевич Макаров, киристээх дүҥүрү сөргүппүт Сергей Зверев мэтириэттэрэ көрөөччүлэр болҕомтолорун тарта.
Чахов А. И. төрөөбүт улууһуттан Улуустааҕы култуураҕа уонна духуобунаска сайдыы управлениетын начальнигын солбуйааччы Марианна Вячеславовна Степанова үбүлээри эҕэрдэлээтэ, уһун үйэни баҕаран туран, тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн туттарда. Дьокуускай куораттааҕы «Таатта» общественнай түмсүү аатыттан Неустроев Иван Гаврильевич эҕэрдэ тылы эттэ, түгэнинэн туһанан, Лука Николаевич Турнин Тааттаҕа саха музыкальнай инструменнарын ансаамбылын кытта түспүт хаартыскатын музей архыыбыгар бэлэх уунна.
Чахов Александр Ивановичка аналлаах быыстапка аһыллытыгар Дьокуускайдааҕы Култуура, М. Н. Жирков аатынан Музыкальнай колледжтар студеннара кыттыыны ыллылар (салайааччылар Винокуров М.Н., Степанова В.А.)
«Саха омук культурата, былыргы музыкальнай искусствобыт сайдарын, чэчириирин туһугар, тохтообокко үлэлии-хамсыы туруохтаахпыт. Дьэ оччоҕо эрэ саха омук культурата сайдыахтаах».
Чахов А.И., саха музыкальнай инструменнарын сөргүтээччи
Слепцова Е.П., Хомус музейын научнай сотруднига