Саха Республикатын култууратын уонна духуобунай сайдыытын Министерствота

Аан дойдутааҕы хомус Киинэ уонна Түмэлэ

Иһитиннэрии сурук

Сахалыы хомус тардыытын төрүт үгэстэрэ

(Хомус уһуйааннарыгар аналлаах научнай-практическай сэминээр)

Муус устар 2-3 кунэ, 2010 сыл

Аан дойдутааҕы хомус Киинэ уонна Түмэлэ

Сэминээргэ хомус тардыытын билиҥҥи туругун, кэлэр кэскилин торумнуур, хомус төрут музыкатын пропагандалыыр, ыччакка тириэрдэр туһунан кэпсэтии буолар.

Сыала:

Сахалыы хомус тардыытын үйэлээх үгэстэрин чөл тутуу.

Соруга:

1. Саха хомуһун музыкатын сайдыытыгар үгэс көстүүтэ.

2. Хомус тардыытын ураты ньымаларын үөруйэҕин үөрэх быһыытынан олохсутуу.

3. Саха хомус тардар оскуолатын сайыннарыы уонна уопутун тарҕатыы.

Дакылаат, иһитиннэрии бэлэмнээһин ирдэбилэ:

• Хомус тардыытын ньымаларын, истиилин сырдатыы уонна ырытыы;

• Суругунан үлэ кээмэйэ 10-15 сирэй, кыра иһитиннэрии (тезис) 2-3 сирэйтэн итэҕэһэ суох;

• Үлэ бэчээттэммит уонна электроннай көрүҥүнэн ылыллар. Шрифт – Times Sakha, Times Sakha Unicode-14, Times New Roman-14 интервал 1,5 поля (түөрт өттуттэн) – 2 см. Ссылканы квадрат скобкаҕа ылан баран №-дээн киллэрэҕит. Холобур, [1; 215] – бастакы сыыппара ссылка №-рэ, иккис сыыппара – сирэйэ;

• Ааптар аата-суола, үлэлиир, үөрэнэр тэрилтэтэ, научнай салайааччыта, чинчийии тиэмэтэ, толоруллубут сыла, миэстэтэ;

• үлэ тоҕооһо (актуальноһа), сыала тиэмэтин уонна түмүгүн кытта ситимэ. Чинчийии сурун хайысхата, ханнык тумуккэ кэлбитэ;

• Дакылаат, иһитиннэрии электроннай варианын уонна бэчээттэммит тиэкиһин хамыыһыйаҕа туттарыллар. Хос быһаарыы: тиэкис халбаҥнаабат тутуллаах, тыла-өһө, дакаастабыла олохтоох буолар, ааптар үлэтигэр чопчу суолталаах тиэрминнэри туттар.

Сэминээргэ кыттыы ирдэбилэ:

• Сэминээргэ маастар-кылаас ыытар уһуйаан кыттар үлэтин суругунан матырыйаалын, дьарык хаамыытын сыалын-соругун чуолкайдаан аттаран, бэлэм үлэни аҕалар. Үлэ хаамыытыгар туттуллуохтаах матырыйаалын тэрийэр хамыыһыйаҕа эрдэттэн этэр.

• Хомус уһуйаанын үлэтин киэҥник сырдатарга салайар бөлөҕун илдьэ кэлэрэ биһирэнэр. Айар бөлөх үлэтин көрдөрүүтүн, ситиһиитин кэпсиир матырыйаал ирдэнэр. Киирбит электроннай уонна суругунан үлэ хомус түмэлин фондатыгар хаалар.

• Сэминээр үлэтин тумүгүнэн матырыйаал хомуурунньуга бэчээттэнэрэ былааннанар. Сэминээр хайысхатыгар, ирдэбилигэр сөп түбэспэт үлэ бэчээккэ барбат.

• Кыттыы иһин усунуос 300 солк. кыттааччы, айар бөлөх түһэр сирин, кэлэр-барар үбүн бэйэтэ уйунар. Мунньах сахалыы тылынан ыытыллар.

Кыттар дьон сайаапканы, дакылаат (иһитиннэрии) торумун кулун тутар 31 кунугэр диэри маннык аадырыска тиксэрэһит: 677027 Дьокуускай куорат, Киров уул.31, Хомус Киинэ уонна Түмэлэ. Билсэр тел. 8(4112) 42-86-75, 36-17-92.

Тэрийэр хамыыһыйа

Автор: Шишигин А.Н.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *