(2017 сыл кулун тутар 16-17 күннэригэр Сунтаар сэлиэнньэтигэр ыытыллыбыт хомус тэрээһиннэрэ)

Кулун тутар 16-17 күннэригэр Сунтаар сэлиэнньэтигэр «Саха хомуһун үгэстэрин үйэтитии» өр сыллаах бырайыак үлэтин биир түһүмэҕэ, хомус киэҥ түһүлгэтэ, тэриллэн ааста. Биһиги улууска хомуска ыччат интэриэһин уһугуннарар, хомус тардар дьоҕуру сайыннарар, хомус наукатын аанын сэгэтэр үлэ ыытыллыбыта номнуо уонтан тахса сыл буолла. Улуустааҕы култуура, үөрэх салаалара, култуура кииннэрин иһинэн үлэлиир уус-уран бөлөхтөр, түмсүүлэр, биирдиилээн толорооччулар күүстэрин түмэн айымньылаах үлэни көрдөрөллөр.

IMG-20170330-WA0018

 2006 сыл кулун тутар 24 күнүгэр Элгээйитээҕи С.А.Зверев – Кыыл Уолун аатынан музейга 21 хомусчут оҕону, 3 хомус ууhун                   түмэн, бастакы тэрээһини саҕалаабыт буоллахпытына, ааспыт 10 сыл иһигэр сүүһүнэн оҕону, ыччаты мунньар улахан хомус тэрээһиннэрин ыыттыбыт. Бастакы улахан түмсүүбµүт өссө 2008 сыллаахха 360-ча киһини хабан, ол иһигэр научнай конференцияҕа Бүлүү улууһун кытта тэҥҥэ үлэлээн, 126 киһини (69 улахан дьон, 57 оскуола оҕото), хомус муусукатын фестивалыгар 146 киһини кытыннаран, улахан тэрээһиннээхтик, өрө көтөҕүллүү долгунугар ыытыллыбыта. Ити түмүгэр, анал бырагыраамманан үлэлиир оҕо кэлэктииптэрэ баар буоллулар. Сыл аайы тиһигин быспакка былааннаан, куруһуок салайааччылара хомус тардар үөрэххэ утумнаах үлэни ыыталлар. Манна фольклор матырыйаалын хомуйууга ордук болҕомто уураллара биһирэниэн эрэ сөп.

Бүгүн киэн туттан туран, оҕону — ыччаты хомус кэрэ муусукатыгар умсугутар, көҕүлүүр, тэрийэр уустук идэни баһылыы сылдьар салайааччыларбытын бэлиэтиибит: Сунтаар оҕо дьоҕурун сайыннарар киин уһуйааччытын Тамара Николаевна Спиридонованы, Элгээйитээҕи муусука оскуолатын педагогтарын Анна Егоровна Чяринаны, Татьяна Юрьевна Татаканованы, Сунтаардааҕы Олонхо дьиэтин исписэлииһин Туйаара Аркадьевна Алексееваны, оҕо искусство оскуолатын учууталын Сахая Михайловна Нохсооробону. Кинилэр иитиллээччилэрэ республика, Россия, норуоттар икки ардыларынааҕы араас таһымнаах хомус эйгэтин түмэр тэрээһиннэргэ, фестивалларга ситиһиилээхтик кытталлар, төрөөбүт култуураларын тарҕатааччы быһыытынан улахан эппиэтинэс ылынан, норуоттарын интэриэһин дьиҥ-чахчы көмүскүүллэр. Кинилэри сэргэ Сунтаар ытык кырдьаҕаһын, улуус төрүт култууратын ытык киһитин Мария Ивановна Егорованы, Түбэй Дьаархантан Нина Ильинична Потапованы, Арыылаах орто оскуолатын учууталын Надежда Юрьевна Данилованы, Бордоҥтон Любовь Геннадьевна Петрованы, Түбэйтэн Светлана Николаевна Зедгенидзеваны, Тойбохойтон Надежда Николаевна Павлованы махтал тылларын этэн туран ааттаталыыбыт.

Бүгүҥҥү тэрээһиммитигэр, Дьылҕа Хаан кытаанах ыйааҕынан, биһиги ортобутугар суох буолбут, улуус иһигэр хомус кэрэ эйгэтэ үөскүүрүгэр, олохсуйарыгар улахан баҕаларын, кыһамньыларын ууран, үөрэҕирии эйгэтигэр өр сылларга эҥкилэ суох үлэлээбит күндү дьоннорбутун, чулуу учууталларбытын, талааннаах тэрийээччилэрбитин Светлана Николаевна Павлованы, Надежда Егоровна Хаптасованы сылаас тылбытынан ахтан аһарабыт. Кинилэр сахпыт кыымнара, үлэлээбит үлэлэрэ биир идэлээхтэригэр, оҕолорго, кинилэр төрөппүттэригэр өрүү үтүө өйдөбүл буолан сылдьыаҕа.

2008 сыллаахха тахсыбыт улуус иһигэр ыытыллыбыт научнай кэмпириэнсийэ матырыйаалын түмпүт хомуурунньукка хомус аан дойдутааҕы киинин бэрэсидьиэнэ, хомус (варган) эйгэтигэр бас киһибит Иван Егорович Алексеев-Хомус Уйбаан маннык суруйбутун хаһыат нөҥүө улуус ааҕааччыларыгар билиһиннэрэри наадалааҕынан ааҕабыт. «Сунтаарга […] хомус эйгэтигэр оҕолору сыһыарыыга учууталлар үлэлэрэ үтүмэнэ көстөр. Оҕо хомус тардар үөрүйэҕи баһылаатаҕына, аны бу муусука тэрилэ хайдах үөскээбитин, хайдах тутуллааҕын, дорҕоон үөскүүр ньымаларын, ону таһынан хомус муусуката айыллар үөрүйэҕин, онтон да атыны билэ-көрө сатыыра күүһүрэр. Онно идэтийбит учууталлар улахан көмөлөрө биллэн-көстөн тахсар. Оҕолор араас кэмпириэнсийэлэргэ дакылааттаан, хомус туһунан билиини-көрүүнү тарҕаталлара олус кэрэхсэбиллээх. Маннык тэрээһин Саха сиригэр бастакынан Сунтаар түөлбэтигэр саҕаламмыта дириҥ төрүөттээх. Уруккуттан биллэринэн, хомус тардыытын Сунтаардааҕы ураты оскуолата баара. Ол сунтаардыы ырыа-тойук, олоҥхо киэбигэр холоонноох ис хоһооннооҕо, хомус тардыытын дэгэт ньымалара бааллара» — диэн эппитин кэс тыл курдук өйдөөн, бу төрүт дьарыкпыт уостан, сүтэн хаалбатыгар, өбүгэттэн хаалбыт үтүө үгэс утума быстыбатыгар дьаныардаахтык дьарыктанан, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕаан, өссө сайыннаран илдьэ бара турар кыах баар диэн эрэниэҕи баҕарыллар.

Икки күннээх түмсүү улуус иһигэр төрөөбүт түөлбэ хомуһун устуоруйатын хомуйууга, үгэстэрин үйэтитиигэ, оскуола оҕотун, ыччаты сыһыарыыга туһуланна. Үөрэҕирии уонна култуура тэрилтэлэригэр идэтийбит тэрийээччилэр көмөлөрүнэн оҕо киһи быһыытынан, сиэр-майгы өттүнэн чочуллан тахсарыгар акылаат ууруллар кэмигэр, хомуһу чинчийиигэ холонууну үлэ ураты көрүҥүн быһыытынан табыгастаахтык киллэрэн, төрөөбүт култуура дириҥ эйгэтигэр ыкса сыһыарыы биһиги күннээҕи сорукпут буолар.

Тэрээһин бастакы күнэ кулун тутар 16 күнүгэр оҕо ускуустуба оскуолатын аактабай саалатыгар үөрүүлээхтик аһылынна. Оскуола учуутала Сахая Нохсооробо дорҕоонноох тойугунан, хомус дьүрүскэн тыаһынан бар дьонун эҕэрдэлээтэ.

Улуустааҕы «Түөлбэ хомуһун үйэтитэн» научнай-практическай кэмпириэнсийэ икки сиэксийэнэн үлэлээтэ. Барыта 47 оҕо, ол иһигэр 9 оҕо саадын иитиллээччитэ уонна 6 улахан киһи кытынна. Кырачааннартан Аммосов Коля Сунтаар 1№-дээх оскуолатын оҕо саадын «Күбэйэ» бөлөҕүттэн «Хомус дьайыытын чинчийиигэ» (сал. С.В.Аммосова), Горбунов Мирослав – Хоро сэлиэнньэтин «Хаарчаана» оҕо саадын иитиллээччитэ «Хомус устуоруйатын чинчийиигэ» (сал. М.С.Семенова), Иванова Наташа — Далаана – «Туллукчаан» Сунтаар 1№-дээх оҕо саадыттан «Кэскиллээх чинчийээччи» (сал. Е.Н.Иванова), Диана Гриц – Сунтаар «Берёзка» оҕо саадыттан «Хомуһу чинчийиигэ» (сал. О.М.Назарова, М.И.Слепцова) хомуска бастакы үлэни өйтөн кэпсээн, анал ааты ылан, дьүүллүүр сүбэ биһирэбил дьупулуомун туттулар.

IMG-20170330-WA0024

«Хомус устуоруйатын чинчийиигэ» бастыҥ дакылааты Джессика Насырова — Сунтаардааҕы алын сүһүөх оскуола 4 кыл. (сал. Г.В.Новикова), Аэлита Титова- Түбэй Дьаархан орто оскуолатын 4 кыл. (сал. Л.С.Титова), Альберт Семенов- Бордоҥ оскуолатын 6 кыл. (сал. Л.Г.Петрова), Айта Яковлева — Сиэйэ орто оскуолатын 9 кыл. (сал. О.П.Максимова) үөрэнээччилэрэ ааҕан биһирэннилэр.

«Хомус оҥоһуутун бастыҥ чинчийии иһин» Сардаана Огонёрова- Сунтаар 3№-дээх оскуолатын 5 кыл. үөрэнээччитэ (сал. А.А.Слепцова, Г.В.Софронов), Тертюков Михаил- СПТЛ-И 9 кыл. үөрэнээччитэ (сал. В.С.Аммосов) анал ааты ыллылар.

«Түөлбэ хомуһун сырдатыыга бастыҥ дакылааты» Нелли Лукина- Сунтаардааҕы алын сүһүөх оскуола 1 кыл. (сал. М.А.Лукина), Нарыйа Степанова -Тойбохой орто оскуолатын 8 кыл. (сал. С.Е.Винокурова, Е.В.Васильева), Сильвия Илларионова – Тойбохой орто оскуолатын 8 кыл. (сал. М.И.Васильева) аахтылар.

«Хомус уобараһын литератураҕа бастыҥ ырытыыга» Лиза Кычкина- Күүкэй орто оскуолата (сал. И.М.Герасимова), Александр Ксенофонтов, Валерия Иванова СПТЛ-и 10 кыл. үөрэнээччилэрэ (сал. А.Н.Чайнова), «Хомус уобараһын уратытык (түүрдүү) чинчийии иһин» Николина Павлова СПТЛ-и 8 кыл. (сал. М.Н.Павлова), «Хомуһу чинчийиигэ аныгы технологияны туһаныы иһин» анал ааты Валерия Корякина — Устье орто оскуолатын 10 кыл. үөрэнээччитэ (сал. М.С.Тихонова) ылан, дириҥ билиилэрин көрдөрдүлэр.

«Кэскиллээх чинчийээччи» анал аатын Арыылаах орто оскуолатын 2 кыл. үөрэнээччилэрин бөлөҕө: Айхаана Иванова, Ян Иванов, Катя Егорова, Гоша Николаев, Джулия Тихонова (сал. Н.Ю.Данилова), Джулия Дьяконова- Тойбохой орто оскуолатын 4 кыл. (сал. В.Г.Михайлова), Богдан Филиппов- Дьаархан орто оскуолатын 11 кыл. (сал. А.А.Сивцева) үөрэнээччилэрэ ыллылар.

Итини таһынан, Арыылаах орто оскуолатын учуутала Н.Ю.Данилова «Саха хомуһун үөрэтии эйгэтигэр киллэрии иһин», Күүкэйтэн түмэл үлэһитэ М.В.Николаева «Улууска хомус бастыҥ тэрийээччитэ» анал аатын уонна махтал суруктарын дьүүллүүр сүбэ аатыттан туттулар.

Күн иккис аҥарыгар научнай-практическай конференция чэрчитинэн  «Биир хомус устуоруйата» диэн улууска саха уһанар үгэһин, хомус охсор технологиятын салгыы сайыннарар, хомус оҥоһугар ыччаты угуйар, уһуйар үлэҕэ аналлаах тимир хомуһу охсууга идэтийбит Сунтаар эдэр уустарын саҥа үлэлэрин көрүү (презентация) ыытылына. Итини сэргэ, саха тимир хомуһун былыргы, сэдэх көрүөҕүн түмпүт Никитина А.К хомуура, улуус музейдарыгар хараллан сытар араас кэмнээҕи хомустар, биирдиилээн дьон илиитигэр туттулла сылдьар саха хомуһун тута тэриллэр (мобильнай) быыстапкалара тардылынна.

IMG-20170330-WA0016

IMG-20170330-WA0020

Быыстапканы аһыыга улуус дьаһалтатын специалиһа У.Д. Попова, ИМЦ специалиһа Н.А.Егорова кэлэн кыттыыны ыллылар. Хомус быыстапкатын хас да түһүмэҕин сыаналыыр хамыыһыйа чилиэннэринэн Дьокуускайтан хомус музей-кииниттэн научнай үлэһит Т.А.Жиркова, Бүлүү Хампатыттан норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах эксперт, «Аан дойду чулуу хомуһа» анал ааттаах хомус ааптара, норуот маастара П.Ф.Осипов, Г.Е.Бессонов аатынан Тойбохойдооҕу кыраайы үөрэтэр музей методиһа А.В. Евсеев, бырайыак ааптара Никитина А.К.  үлэлээтилэр.

Быыстапканы Сунтаар нэһилиэгин дьоно сарсыардаттан кэлэн сүрдээҕин интэриэһиргээн көрдүлэр, ордук былыргы хомустары иҥэн — тоҥон, төрдүн-төбөтүн токкоолоһон билэн, астынан бардылар.

Бу элбэҕи кэпсиир, үөрэтэр хабааннаах, кыраайы чинчийиигэ ураты суолтаны сүгэр дьикти тэрээһин бастакы түһүмэҕэ аан дойду чулуу хомус охсор маастардарын кытта билсиһииттэн саҕаланна. Өрөспүүбүлүкэ иһигэр, бүтүн Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, норуоттар икки ардыларынааҕы уустар күрэхтэрин элбэх төгүллээх кыайыылааҕа, Аан дойду чулуу хомуһун («Лучший варган мира» — 1991), 2013 сыллаахха ыытыллыбыт «Амынньыкы мичээрэ» норуоттар икки ардыларынааҕы хомус уустарын интерактивнай күрэхтэригэр «Ырыа хомус» («Певучий хомус») анал ааты ылбыт хомус ааптара, СӨ култууратын уонна үөрэҕириитин туйгуна, Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо П.Ф.Осипов — Төлөн Уус, Аан дойду чулуу хомуһун («Лучший варган мира» — 2011), «Амынньыкы мичээрэ» норуоттар икки ардыларынаа±ы хомус уустарын интерактивнай күрэхтэригэр  «Дьоһун хомус»  («Соло хомус») анал ааты ылбыт хомус ааптара, бэйэбит уолбут, СӨ уустарын ассоциациятын Сунтаардааҕы филиалын бэрэссэдээтэлэ В.А.Уаров күндү ыалдьыт буоллулар, бэйэлэрин айар үлэлэрин сырдаттылар.

Быыстапка иккис түһүмэҕэ былыргы сэдэх хомустары сүрэхтээһин, чинчийии быһыытынан ыытылынна. Тойбохойдооҕу устуоруйаны, кыраайы үөрэтэр Г.Е.Бессонов музей-комплексын тэрийиитинэн Тойбохой орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ А.К. Никитина хомууруттан 18 былыргы хомуһу тутан-хабан, көрдөрөн — иһитиннэрэн кэпсээтилэр. Бу хомустар 19-с үйэ бүтэһик чиэппэриттэн 20-с үйэ бастакы аҥарын хабар саастаахтар. Мустубут дьон хомус хомуллубут үһүйээнин, тас дьүһүнүн, кээмэйин оҕолор кэпсээннэриттэн, тыаһын дьүрүлгэнин коллекционер тардан иһитиннэриититтэн бэркэ интэриэһиргээн, чахчы таттаран олорон иһиттилэр.

Тойбохой орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Григорьева Диана (7 кыл.), Яковлева Нарыйа (7 кыл.), Саввинова Арина (10 кыл.), Яковлева Фатима (10 кыл.) хомустары сааһынан бөлөхтөөн, сороҕун көстүбүт, оҥоһуллубут миэстэтинэн наардаан иһитиннэрии оҥордулар. Кинилэр чинчийэр үлэлэрин музей методиһа М.И.Васильева сүрүннээбит.

«Арҕастаах» былыргы хомуһу дьон барыта сэҥээрдэ. Хомуһу охсубут уус биллэр. Үһүйээнин суруттаран коллекцияҕа биэрбит киһи – Ыгыатта алын сүһүөх оскуолатын сэбиэдиссэйэ Иванов Иван Ильич. Түбэй Дьаархан Арыылааҕар Уус Төгүрүөнэ диэн сиргэ, быһа холуйан, 19-с үйэ иккис аҥарыгар Григорьев Афанасий — Сыҥырыа Аппанаас диэн улахан уус олоро сылдьыбыт. Дьиктитэ диэн, кини уолун Григорьев Василий Афанасьевич – Уус Баһылай (1894-1971) хомуһа эмиэ бу коллекцияҕа баар. Мас хаалаах былыргы хомуһу Трофимов Варлаам Назарович – Барылаан Уус (1870? – 1950) охсубут. Бу киһи Элгээйи Хоротугар олорон уһаммыт. «Кутуруктаах» тимир хомус баар. Ууһа биллэр. Сунтаар Бүлүүчээнигэр Тимофеев Лука Васильевич (1902-1979) мас, көмүс, тимир ууһа этэ. Мас хаалаах, уратыта – тыла, төбө өттүгэр сототуттан биллэ уһуннук чорбойор уонна тылын кэлин өттө иититтэн биллэрдик быгар. Манныктыҥы хомус Кытай, Таиланд, Япония, Индия, Пакистан омуктарыгар эмиэ баара биллэр.

Быыстапка үһүс түһүмэҕэ Сунтаар, Тойбохой, Элгээйи, Ыгыатта музейдарыгар хараллан сытар ааптара биллэр уонна биллибэт сэдэх былыргы хомустары музей научнай үлэһиттэрэ киллэрэн билиһиннэриилэригэр ананна. Тойбохойтон — 3, Сунтаартан — 5, Элгээйиттэн -7, Ыгыаттаттан — 4 хомус көрдөрүүгэ турда. Итини таһынан, биирдиилээн дьон илиитигэр сылдьар 40-тан тахса хомус бэйэтэ, эбэтэр хаартысканан кэлбит истиэндэбэй быыстапката турда. Инньэ гынан, бу күн барыта 106 хомус дьон, норуот сыанабылын ааста.

Сунтаар эдэр уустарын күрэх — быыстапката тэрээһин түмүктүүр түһүмэҕинэн буолла. Уустар бэйэлэрин үлэлэрин көрдөрөн кэпсээтилэр, хомустарын тыаһын Дьокуускайтан сылдьар ыалдьыппыт, Аан дойдутааҕы хомус түмэлин уонна киинин научнай үлэһитэ Т.А.Жиркова тардан иһитиннэрдэ. В.А.Уаров хомуһа «өрөгөй хомус», К.В. Петров – «Ырыа хомус», Е.Е.Тартаков — «Дьоһун хомус», Д.В. Николаев — «Ырыаһыт хомус» анал ааттарын ылбыттарын мустубут дьон дохсун ытыс тыаһынан биһирээтилэр.

Хомус түһүлгэтин иккис күнүн сарсыардата «Дьүрүһүй, сахам хомуһа!» улуустааҕы фестивалы аста. Фестивальга 169 киһи, ол иһигэр (150 оҕо,19 улахан киһи) кыттыыны ылла.

Дьүүллүүр сүбэҕэ Дьокуускай куораттан аан дойдутааҕы хомус түмэл-кииниттэн импровизатор-хомусчут, «Хомус Куо-Интернет мира-2011» Т.А.Жиркова, аан дойду чулуу хомуһун ааптара Бүлүү Хампатыттан П.Ф.Осипов, Сунтаардааҕы оҕо дьоҕурун сайыннарар Киин методиһа Н.И.Сидорова, улуус култууратын ИМЦ норуот айымньытыгар исписэлииһэ Н.А.Егорова үлэлээтилэр.

Быйылгы хомус фестивала аны күһүн Москуба куоракка ыытыллар Аан дойдутааҕы хомус 9-с кэнгириэһигэр бэлэмнэнии быһыытынан тэрилиннэ. Онон кыттар оҕолорго, ыччаттарга, улахан да дьоҥҥо – барыларыгар, бэйэҕэ ирдэбил, эппиэтинэс үрдүк буолара саарбахтаммат этэ. Улууска кэнники сылларга хомус дьон күннээҕи олоҕун бары эйгэтин хапта диэн саарбахтаабакка этэбит. Сылтан сыл аайы улуус ыччатын сылдьар ыыра кэҥиир, ситиһиитэ үрдүүр: улуустар икки ардыларыгар, өрөспµµүүбүлүкэҕэ, Арассыыйа араас куораттарыгар, тас да дойдуларга Сунтаар хомусчуттара кэтэһиилээх ыалдьыттар. Ити оҕону, ыччаты хомус эйгэтигэр сыһыарыыга оскуола, төрөппүт уонна уһуйааччы бииргэ үлэлээһиннэрин тµүмүгэ.

Быйылгы хомус тэрээһиннэрин сонун уонна киһини үөрдэр көстүүтэ оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах тэрилтэлэр иитиллээччилэрэ күргүөмүнэн кэлэн көхтөөхтүк кыттыбыттара буолар. Фестиваль мааны ыалдьыттара: Сунтаартан 1№-дээх «Туллукчаан» оҕо саадын «Күөрэгэй» ансаамбыла (сал. Е.Н.Иванова, П.И.Константинов), 5№-дээх «Ньургуһун» саадыттан «Үнүгэсчээн» ансаамбыл (сал.Т.А.Алексеева), Хороттон «Хаарчаана» саадтан кырачаан хомусчуттар (сал.Н.А.Гуляева), Кутанаттан Н.В.Крыжановскай аатынан «Мичээр» оҕо саадыттан эдэркээн хомусчуттар кэлэн (сал. А.Д.Федорова) көрөөччүлэр сүрэхтэрин-быардарын манньыттылар, күүстээх ытыс тыаһын ыллылар.

9-13 саастарыгар диэри бөлөххө лауреаттарынан: 1 миэстэ – Туйаара Шадринова, Сунтаар (сал. Т.Н.Спиридонова); Света Ильина, Сунтаар (сал. Т.Н.Спиридонова); 2 миэстэ – Лиза Кычкина, Кµµкэй (сал. З.А.Колесова); Сандра Контогорова, Сунтаар (сал. С.М.Нохсорова); 3 миэстэ – Альберт Семёнов, Бордоҥ (сал. Л.Г.Петрова) буоллулар. Бу оҕолор — хайы-үйэ ураты суоллаах-иистээх, айар суолга үктэммит Сунтаар кэскиллээх хомусчуттара.

14-17 саастарыгар диэри бөлөххө: 1 миэстэ —  Сахаяна Петрова, Бордоҥ (сал. Л.Г.Петрова); 2 миэстэ – Диана Николаева, Күндэйэ (сал. Н.Н.Веригина); 3 миэстэ – Айсы Татаканова, Элгээйи (сал. Т.Ю.Татаканова).

Быйылгы хомус фестивалыгар «Дебют года» ааты Бордоҥтон Валентин Саввинов (сал. Л.Г.Петрова) ылла. Бу оҕо дьаныһан туран дьарыктаннаҕына, сайыннаҕына кэскиллээх хомусчут буолуоҕа диэн эрэниэҕи баҕарыллар.

Өссө биир сонун көстүүнэн Арыылаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрин «Саха хоһууннара» ансаамбыла буолла. Салайааччы Н.Ю.Данилова хомус тыаһын төрөөбүт тыл сүмэтин кытта алтыһыннаран, ааҕыы уруоктарыгар бэйэмньи ньымаларын туһанан айымньылаахтык үлэлиир учуутал быһыытынан өрдөөҕүттэн биллэр. Бу сэттэ хороччу улаатан эрэр уолаттар саха таҥаһын таҥнан тахсан, дьоһуннук туттан-хаптан, тулалыыр эйгэлэрин хоһоонунан хоһуйан этэн-тыынан, устунан хомус хоҥкунас дорҕоонунан доҕуһуоллууллара салайааччы үлэ ураты  ньымаларын  саҥа сүүрээн гынан киллэрэрин чаҕылхай туоһута буолла.

Бөлөҕүнэн тардыыны дьүүллүүр сүбэ маннык сыаналаата: 1 миэстэлээх лауреат – «Үрүйэчээн» ансаамбыл, Элгээйитээҕи муусука оскуолата (сал. А.Е.Чярина), «Дуорай» ансаамбыл, Сунтаардааҕы оҕо дьоҕурун сайыннарар киин (сал. Т.Н.Спиридонова); 2 лауреат – «Күндүл» ансаамбыл, Күндэйэ (сал. Н.Н.Веригина), «Дуораан оһуора», Сунтаардааҕы оҕо ускуустуба оскуолата (сал. С.М.Нохсооробо); 3 лауреат – «Дуорай кэскиллэрэ», Сунтаардааҕы оҕо дьоҕурун сайыннарар киин (сал. Т.Н.Спиридонова), «Дьиэрэй» ансаамбыл, Сунтаардааҕы 3 №-дээх оскуола (сал. И.Н.Лукина). Кыра бөлөххө икки буолан тардыыга Элгээйиттэн Диана Яковлева, Надя Иванова (сал. А.Е.Чярина) биһирэннилэр.

Сунтаар улууһугар оҕо аймах хомуһунан күргүөм тардыыга хомус дьиҥ классическай муусукатыгар хабааттан эрэрэ истиэххэ да, саныахха да сүрдээх үчүгэй, кэскиллээх. Тардыы үгэстэрин олохсутууга уонна үйэтитиигэ туһуламмыт өр сыллаах үлэ үнүгэстэрэ тыллыы, сайдыы суолугар тахсыбыттара киһини үөрдэр. Биһиги ыалдьыттарбыт, дьүүллүүр сүбэ хамыыһыйата Т.А.Жиркова, П.Ф.Осипов-Төлөн Уус Сунтаар сиригэр хомус тардыытын таһыма үрдүгүн, ыччат дьон хомус тыаһын төрүт дорҕооннорун баһылыыр суолга киирбиттэрин бэлиэтээн эттилэр.

Улахан дьонтон фестивальга кыттыы аҕыйах. Тойбохойтон уон икки киһилээх «Дуораан» ырыа ансаамбыла (сал. А.Е.Титова) киирэн норуот ырыатын доргуччу ыллаан, хомуһунан доҕуһуоллаан балачча сэргэхситтилэр. Биирдиилээн хомусчуттар ситиһиилэрэ маннык буолла. Лауреаттар: 1 миэстэ – А.Е.Чярина, Элгээйи; 2 миэстэ – Т.Н.Спиридонова, Сунтаар; 3 миэстэ – Д.В.Николаев, Күүкэй. Дьупулуомунан бэлиэтэннилэр: 1 ст. – С.Д.Михайлова; 2 ст. – Т.А.Алексеева; 3 ст. – С.М.Нохсооробо.

Икки күннээх хомус түһµлгэтин түмүктүүр түһүмэҕинэн улуус иһигэр аан бастаан ыытыллар «Хомус Куо» күрэх буолла. Сунтаар улууһун сэмэй-килбик, нарын-намчы сэттэ кыталык кыргыттара: Элгээйиттэн Анжелла Иванова (Ураллааҕы университет устудьуонката, 18 саастаах), Элгээйиттэн Роза Иванова (оҕо саадын иитээччитэ, 24 саастаах), Сайыына Игнатьева (Сунтаардааҕы политехническай лицей 9 кылааһын үөрэнээччитэ, 15 саастаах), Сардаана Пахомова (Сунтаардааҕы гимназия 10 кылааһын үөрэнээччитэ, 16 саастаах), Настя Кириллина (Сунтаардааҕы политехническай лицей 10 кылааһын үөрэнээччитэ, 16 саастаах), Сиэйэттэн Мира Петрова (орто оскуола 11 кылааһын үөрэнээччитэ, 18 саастаах), Күндэйэттэн Диана Николаева  (орто оскуола 9 кылааһын үөрэнээччитэ, 15 саастаах) кытыннылар.

Күрэх түөрт түһүмэҕинэн барда: бэйэни билиһиннэрии, саха таҥаһын көрдөрүү, хомус тардыы, талааны арыйыы. Бастакы түһүмэххэ төрдүнү-ууһу кэпсэнииттэн саҕалаан инникини кытта түстээн, уус-уран тыл дэгэтин толору туһанан саҥаран-иҥэрэн Анжелла Иванова, Сардаана Пахомова, Настя Кириллина тэҥнээхтэрин булбатылар. Сахалыы таҥаһы таҥнан хааман көрдөрүүгэ Анжелла Иванова, Диана Николаева уонна Мира Петрова кыыс оҕо кэрэ сэбэрэтин табыллан тигиллибит саха таҥаһа хайдах курдук тупсарарын, чахчы даҕаны олоҥхоҕо ойууланар Туйаарыма Куоҕа холоонноох буоларын итэҕэттилэр.

Хомус тардыы түһүмэҕэ күрэх сүрүн ирдэбилин, сыалын-соругун арыйар буолан, көрөөччү болҕомтотун ордук тарта. Кыргыттар саха хомуһун дьикти дьүрүскэнин манна түһэрдилэр, иэйэр кут илбиҥин манна көрдөрдүлэр. Диана Николаева, Настя Кириллина, Анжелла Иванова, Сардаана Пахомова чахчы даҕаны сиппит-хоппут хомусчут буолалларын, дьиҥ сахалыы хомус тардыы албастарын баһылаабыттарын дакаастаатылар.

Хомус тардыы таһынан бэйэ атын талаанын арыйыы түһүмэҕэр кыыс оҕо айылҕатынан ыал ийэтэ буоларга бэлэмнээҕэ, дьахтар сатыырын барытын сатыырга дьулуһуохтааҕа көстүөхтээх. Ол курдук, Анжелла Иванова хайы -үйэ ситии-хотуу таһымыгар тахсыбыт модельер буоларын, Сардаана Пахомова талааннаах тарбахтаах быысабайдьыт уонна асчыт эбитин мустубут дьон бары көрөн итэҕэйдилэр.

Түмүгэр, улуустааҕы «Хомус Куо — 2017» күрэҕин кыайыылааҕын аатын Анжелла Иванова дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан саарбаҕа суох ылла. Кини сүүһгэр хомус ойуута түспүт анаан оҥоһуллубут мельхиор бастыҥаны Дьокуускай куораттан ыалдьыппыт, «Хомус куо — интернет мира» (2011) Туяра Жиркова кэтэртэ, хомус тыаһынан эҕэрдэ эттэ, инникитин табыллыыны, тахсыыны баҕарда. Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын саламтатын начальнига М.В.Кобельянова Хомус Куоҕа анаан оҥоһуллубут  Е.Е. Тартаков киэргэллээх хомуһун туттарда.

«Дьүрүскэн хомустаах» Куо —  Настя Кириллина, «Төрүт үгэстээх» Куо —  Диана Николаева, «Айар талааннаах» Куо —  Сардаана Пахомова уонна көрөөччү биһирэбилин бирииһин – эмиэ Настя Кириллина ыллылар. Итини таһынан, бэйэтэ айбыт хоһоонун истээччи дууһатыгар тиийэр гына долгутуулаахтык ааҕан Сайыына Игнатьева Күүкэй ууһа Д.В.Николаев хомуһун бэлэх тутта. Сиэйэттэн төрүттээх Мира Петрова кэрэ сэбэрэтинэн, намчы таһаатынан көрөөччү кутун тутан, бэйэтигэр ханыылыы, кэрэ көстүүлээх сардаана сибэкки вазатын, Роза Иванова кэскиллээх хомусчут буолуо диэн көрөөччү эрэлин кытта чороон иһит туттулар.

Анал ааты ылбыт кыргыттарга Сунтаар улууһун ыччат политикатын саламтата (сал. Е.Г.Данилов) Күүкэй Д.В.Николаев хомуһунан, улуустааҕы үөрэҕирии салаата (сал. Г.М.Еремеев) Бордоҥ К.В.Петров хомуһунан, «Сунтаар нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии (баһылык Э.Е.Филиппов) Бордоҥ К.В.Петров хомуһунан, Сунтаардааҕы оҕо искусство оскуолата (дир. А.К.Степанов) Сунтаар В.А.Уаров хомуһунан бириис туруордулар.

IMG-20170330-WA0030

           Дьэ, ити курдук, сандал саас кэлиитин бэлиэтии тэриллибит саха хомуһун икки күннээх улахан түһүлгэтэ үлэтин түмүктээтэ. Бу сааскылыы сырдык, кэрэ бырааһынньык сүрүн тэрийээччилэригэр: оҕо ускуустуба оскуолатын кэлэктиибигэр (дир. А.К.Степанов), улуус култууратын уонна айылгытын салалтатын салайааччытыгар М.В.Кобельяноваҕа,  үөрэҕирии салаатын салайааччытыгар Г.М.Еремеевкэ, исписэлиистэригэр Т.Т.Жирковаҕа, Ю.М. Ананьеваҕа, О.Б. Саввиноваҕа, оҕо дьоҕурун сайыннарар киин методиһа Н.И.Сидороваҕа, Дьүүллүүр сүбэҕэ, улуус түмэллэрин салайааччыларыгар, исписэлиистэригэр, ыалдьыттарбытыгар, бары успуонсардарга, тэрээһини киэргэппит үҥкүү бөлөхтөрүгэр (салайааччылар: В.Слепцоваҕа, А.Чойноваҕа, Ю.Еремееваҕа), хомусчуттар бөлөхтөрүгэр (салайааччылар: С.Нохсооробо, Т.Спиридонова, Т.Алексеева), артыыстарга, ыытааччылар Л.Ивановаҕа, И.Васильевка, Олоҥхо дьиэтин түс-бас хотунугар М.А.Тараяроваҕа, уус-уран салайааччы Д.И.Бурнашеваҕа, кырачаан хомусчуттары үөрэппит-такайбыт Т.А.Алексееваҕа, тэрээһин сүрүн көҕүлээччитигэр, сүүрбүт-көппүт Г.М.Васильеваҕа, туруорааччы режиссер Г.А.Самойловаҕа, уот-күүс, муусука, көмпүүтэр үлэһиттэригэр көрөөччүлэр, хомуһу сэргээччилэр ааттарыттан уонна бырайыак ааптарыттан махтал бастыҥ тылларын этэбит.

Саха хомуһа барахсан кэрэҕэ, ырааска көтүтэр алыба өлбөт-сүппэт үйэлэннин, быстыбат төлклөннүн!

А.К.Никитина – Сунтаардааҕы Олоҥхо Дьиэтин исписэлииһэ,

«Саха хомуһун үгэстэрин үйэтитии» бырайыак ааптара.

Кулун тутар 26 күнэ 2017 сыл

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *