Сэтинньи 28 күнүгэр Дьокуускай куоракка Аан дойдутааҕы Хомус киин түмэлигэр Таатта улууһун администрацията, Тааттатааҕы култуура управлениета, Тыараһа нэһилиэгин администрацията тэрийбит, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьан кавалера, хомусчут, мелодист, режиссер, артыыс, алгысчыт, оһуохайдьыт, үҥкүүһүт, Хотугу норуоттар култуураларын тарҕатааччы Лука Николаевич Турнин аатынан ыччат ортотугар стипендияны аныыр күрэс бэһис төгүлүн ыытылынна.
Маҥнай Таатта дьонун-сэргэтин тэрээһининэн сахалыы астаах сандалы остуола тардыллан, ыалдьыттары, кыттааччылары көрсүү буолла. Күрэс саҕаланыытыгар Аан дойдутааҕы Хомус музейын директора Шишигин Н. С., «Таатта улууһа» МТ ыччат уонна дьиэ кэргэн политикатын отделын салайааччы Егоров К. Л., «Тыараһа нэһилиэгэ» МТ баһылыгын солбуйааччы Моттуева Т. Д. эдэр ыччакка туһаайан кэс тылларын эттилэр. Күрэскэ орто уонна үрдүкү үөрэх кыһатыттан 16 ыччат кыттыыны ылла.
Кыттааччылар:
- Варламова Надежда Николаевна, М. Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж устудьуона.
- Варламова Ньургуйаана Альбертовна, Дьокуускайдааҥы култуура уонна искусство колледжын устудьуона.
- Заровняева Наталья Степановна, М. Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж устудьуона.
- Колесова Анисия Ивановна, Дьокуускайдааҥы култуура уонна искусство колледжын устудьуона.
- Кузьмина Күннэй Андреевна, Дьокуускайдааҥы култуура уонна искусство колледжын устудьуона.
- Михайлова Арыйаана Романовна, ХИФУ магистрана.
- Николаев Дьулустаан Захарович, АГИКИ устудьуона.
- Николаева Венера Иннокентьевна, И.И. Фадеев аатынан Финансовай-экономическай колледж устудьуона.
- Рязанская Мария Константиновна, Дьокуускайдааҥы култуура уонна искусство колледжын устудьуона.
- Свешникова Елизавета Семеновна, Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжын устудьуона.
- Семенов Уйгу Николаевич, Дьокуускайдааҥы култуура уонна искусство колледжын устудьуона.
- Слепцова Алена Романовна, Дьокуускайдааҥы култуура уонна искусство колледжын устудьуона.
- Чирков Евгений Гаврильевич, Чурапчытааҕы ГИФКиС устудьуона.
Тэрээһини Тааттатааҕы Култуура управлениетын специалиһа Егорова М. Г. уонна Хомус музейын директорын солбуйааччы Бястинов Д. Д. иилээн-саҕалаан ыыттылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ Л. Н Турнин төрөппүт кыыһа, Саха Республикатын «Норуот уус-уран айымньытыгар кылаатын иһин» бочуоттаах бэлиэ хаһаайына Соломонова И. Л., Россия уонна Саха Республикатын суруналыыстарын Сойуустарын чилиэнэ Будищев Р. П., Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна Слепцова Е. П., Хомус түмэлин научнай сотруднига Жиркова Т. А., Лука Турнин аатынан истипиэндьийэ 2014 сыллаах кыайыылааҕа Мырсанов А. олордулар. Кыттааччылар 3 түһүмэҕи аастылар. Бастакы уонна иккис түһүмэх түмүгүнэн 7 күрэхтэһээччи финалга таҕыста. Күрэх түһүмэхтэрин Тыараһатааҕы Л. Н. Турнин аатынан муниципальнай музей сэбиэдиссэйэ, Саха Республикатын үөрэҕэриитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Собакинка С. Н. ыытта. Ону таһынан бу киэһэ кэлбит ыалдьыттар Лука Турниҥҥа анаммыт Таатта улууһун олохтоохторо айбыт хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, кыайыылааҕынан Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх М. К. Аммосов аатынан ХИФУ ХИНТуоКИ (Хотугулуу Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр институт) культурология салаатын 1 кууруһун магистрана — Арыйаана Михайлова буолла. Кыттааччыларга махтал сурук уонна өйдөбүнньүк бэлэх туттарылынна. Түөскэ иилиллэр үрүҥ көмүс анал бэлиэни, Таатта улууһун администрациятын анал 30000 солкуобай сууммалаах харчынан бэриллэр сертификатын үөрүүлээхтик туттарыы сэтинньи 30 күнүгэр — Хомус күнүгэр Суорун Омоллоон аатынан Государственнай опера уонна балет театрыгар ааста.
«Тыараһа нэһилиэгэ» МТ баһылыгын солбуйааччы
Татьяна Денисовна Моттуева