Аҕыйах сылтан бэттэх, сылга биирдэ ыытыллар Хомус күнүн үөрүүлээх тэрээһинин көтүппэккэ сылдьа сатыыбын. Бу да сырыыга ити үгэс кэһиллибэтэ. Бу күн уустар бастыҥ хомустарын атыыга таһаардылар, көрөөччүлэр оһуокайы оройуттан туттулар.
Тэрээһин саҕаланыан иннинэ, сыана экраныгар соторутааҕыта Италияҕа премьерата буолан ааспыт “Странные звуки счастья” диэн буруолуу сылдьар киинэ туһунан режиссер Диего Паскаль Панарелло билиһиннэрэрин, аан дойду биллэр виртуоз-хомусчуттара саха дьонун Хомус күнүнэн эҕэрдэлииллэрин көрдөрдүлэр.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков:
—Хомус күнүн анаан туспа бэлиэтээһин, биһиэхэ, Сахабыт сиригэр бэйэбит норуот быһыытынан төрүт үгэстэрбитин, култуурабытын илдьэ сылдьарбытыгар көмөлөөх буоллун диэн тэриллибитэ. Билигин бэйэлэрэ национальнай үстүрүмүөннээх омуктар бары кэриэтэ, бу оҥоһуктан өссө ханнык тыаһы ылҕаан ылыан сөбүй диэн, араастаан эрийэн-мускуйан, тыаһатан, кыаҕын барытын билэн таһаара сатыыллар. Хомуһу араастаан оонньоон, тыаһатан, ол иһигэр көтөр-сүүрэр саҥатын-иҥэтин үтүктэн, улуйан, ытаан-соҥоон даҕаны кытта туох баар тыаһынан доҕуһуоллууллара омуктарга барыларыгар баар көстүү. Биһиги хомуспут эмиэ онтон туоратыллыбата. Итиннэ биир сэрэхтээх түгэн баар — салгыы сайыннара, тупсара сатааһын ухханыгар оҕустаран, дьиҥнээх саха хомуһа тыаһыахтаах, иһиллиэхтээх “канонуттан” тэйэн хаалыахха сөп. Атын тыаһы көрдүү сатаан, хомуһу араастаан тупсаран, уларытан, хомус хомуска, тыас тыаска маарыҥнаабат түгэнигэр тиийэн кэлиэхпитин сөп. Онтон быыһанар соҕотох албас – хомус уустарыгар, хомусчуттарга бу олохтоох бэйэбит сахабыт гиэнэ буоларын туоһулуур булгуччулаах быраабыла баар буолуохтаах. Саха уустарыгар уонна хомуһунан үлүһүйэн оонньуур Аар Саарга аатырбыт хомусчуттарбытыгар, инникитин саха култууратын биир чыпчаалын илдьэ сылдьар дьон быһыытынан, сахаҕыт хомуһун тыаһыгар-ууһугар, быһыытыгар-таһаатыгар харыстабыллаах сыһыаннаах буолуҥ, атын омук култуураларыгар суурайтарбакка илдьэ сылдьыҥ – диэн эттэ.
Итиэннэ СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) аатыттан үлэ бэтэрээнигэр, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитигэр Елизавета Варламоваҕа, аан дойдутааҕы Хомус киинин уонна түмэлин наукаҕа үлэһитигэр Августа Макароваҕа, Таатта улууһун Игидэй орто оскуолатын технологияҕа учууталыгар Прокопий Быгынановка Махтал суруктары туттарда.
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Гуляев:
—Биһиги ытыс саҕа хомуспут аан дойду дьонун барытын сөхтөрөр. Саха сирин култуурата сайдыытыгар улахан суолталаах. Хомус 162 дойдуга баар буоллаҕына, аан дойдутааҕы хомус түмэлэ Дьокуускайга эрэ баар. Онно 47 дойдуттан 1600-тан тахса араас хомус хараллан сытар. Хомуһу Орто Дойдуга тыаһата сатаан баран, космостан дьүрүһүттүлэр, — диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Гуляев бэлиэтээтэ. Хомус муусуката сайдыытыгар улахан кылаатын иһин “Саха сирэ Арассыыйаны кытта холбоспута 385 сыла” үбүлүөйдээх бэлиэни ХИФУ бэрэпиэссэригэр, Хомус аан дойдутааҕы киинин бэрэсидьиэнигэр Иван Алексеевка-Хомус Уйбааҥҥа туттарда.
СӨ Култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Владимир Тихонов:
—Сахалар хомуспутун биэс үйэ анараа өттүттэн илдьэ кэлбиппит диэн быһаараллар. Биһиги курдук хомуһунан дьарыктанар 200-тэн тахса омук баар. Олорго хомус 162 араас көрүҥүн ааҕаллар. Биһиги түөрт виртуоз-хомусчуттаахпыт. Хомус сайдыытыгар ыытыллар үлэни бүтүн судаарыстыбаннай бэлиитикэ өйүүр. Хомус түмэлин дириэктэрэ Н.С.Шишигин бүтүн аймаҕынан утумнаан туран, хас да көлүөнэ хомуһунан дьарыктанар дьон. Билигин хомуһу өссө хайдах гынан сайыннарыахпытын сөбүй диэн кэпсэтии бара турар, — диэн эттэ СӨ Култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Владимир Тихонов. Итиэннэ “СӨ Култууратын туйгуна” ааты туоһулуур бэлиэни Бүлүүтээҕи “Сарыал” култуура киинин дириэктэригэр Айаал Дмитриевка, Хомус аан дойдутааҕы киинин уонна түмэлин исписэлииһигэр Николай Жирковка, Башкортостантан кэлэ сылдьар ыалдьыкка виртуоз-варганист Миндигафур Зайнетдиновка СӨ Култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэтин аатыттан Махтал суруктары туттарда.
Үөрүүлээх тэрээһини көмүс илиилэринэн дьикти дьүрүскэн тыастаах хомуһу айан таһаарар уустар, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастар, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Феликс Комиссаров, кыраайы үөрэтээччи, норуот уус-уран оҥоһугун маастара Николай Аржаков — Боло Уус, хомус ууһа, ювелир, СӨ тимир уустарын сойууһун чилиэнэ Эдуард Тарабукин, хомус ууһун маастардара Егор Тартаков, Спиридон Иванов, тойуксут Евдокия Павлова-Кылыһах Далбар ураты ырыатын хомуһунан, кырыымпанан доҕуһуоллаан көрөөччүлэр куттарын туттулар. Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгин баһылыга Святослав Сунхалыров, импровизатор-хомусчут Ираида Соломонова (Л.Н.Турнин кыыһа) 20-с үйэ улуу хомусчута Лука Турнин аатынан анал истипиэндьийэ 30 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээтин уонна үрүҥ көмүс бэлиэни Ариана Михайловаҕа ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан туттардылар. Бу күн бэйэлэрин хомуһунан эҕэрдэлэрин аан дойду виртуоз-хомусчуттара Альбина Дегтярева, Спиридон Шишигин, СӨ үтүөлээх артыыстара Клавдия уонна Герман Хатылаевтар, “Ытыс ымыыта” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус Гран-при хаһаайына Эркин Алексеев, этнокултуура бэстибээлин “Кэрэ Куота”, “Хомус Куо” куонкурус кыайыылаахтара Василена Шарина, Анна Саввина, “Хомусчаан” (Бүлүү), “Дьүрүл” (Нам), “Этигэн хомус” (Дьокуускай) ансаамбыллар, о.д.а. киэргэттилэр. Тэрээһин бүтүүтэ Шишигиннэр аймах кыралыын-улаханныын дьиэ кэргэнинэн сыананы биир гына тилийэ туран, хомуһунан эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru