Быйыл күһүн Хомус түмэлэ хомусчуттарга, хомус уустарыгар аналлаах “төгүрүк остуолу” тэрийэн ыыппыта. Туһааннаах мунньахтан сиэттэрэн, 2025 сылга диэри үлэлиэхтээх кэнсиэпсийэлэрин аттаран таһаарыахтаахтар. Бэҕэһээ өссө биирдэ дьүүллэһэр мунньаҕы ыыттылар.
edersaas.ru
Тэрээһиҥҥэ Хомус аан дойдутааҕы киинин бэрэсидьиэнэ Иван Алексеев-Хомус Уйбаан, түмэл дириэктэрэ Николай Шишигин, хомусчуттар, биллэр-көстөр уустар, хомуһу сэҥээрэр биирдиилээн дьон кытыннылар.
Киэҥ далааһыннаах былаан
Николай Бурцев-Бахсы Уус
Николай Бурцев-Бахсы Уус: “Саха глобализацияттан хайдах симэлийбэккэ тахсыай диэн ыйытыыга хоруйдары буларга дьулуһабыт. Ити боппуруос элбэх өрүттэрдээх. Олортон биирдэстэрэ – култуура. Хомус бэйэтэ туспа муусука. Маны атын норуоттарга билиһиннэрэр, атын муусукалартан туох даҕаны итэҕэһэ, уратыта суох өрө тутан, киһи-аймах духуобунай баайын сайыннарар үрдүк аналлаахпыт, — диэн санаатын эттэ.
Итиэннэ 2025 сылга диэри үлэлиир чопчу соруктар барылларын иһитиннэрдэ. Букатын 16 түһүмэхтээх ылбычча киһи толкуйдуон да саллар киэҥ далааһыннаах үлэни ыытары толкуйдууллар эбит:
1. Хомус муусукатын теориятын сайыннарыы
2. Үгэс буолбут уонна аныгылыы хомуска тардыыны быһаарыы, олохтооһун
3. Хомус киһи-аймах муусукаҕа култууратын туспа хайысхата буоларын туһунан өйдөбүлү иҥэрии
4. Өрөспүүбүлүкэҕэ уонна Саха сирин тас өттүгэр хомус классическай уонна эстраднай оскуолаларын тэрийии
5. Саха сиригэр уонна тас өттүгэр уустар оскуолаларын тэрийии
6. СӨ уонна РФ култууратын, үөрэҕин министиэристибэлэрин тэрээһиннэригэр, судаарыстыбаннай, о.д.а. бырагыраамаларыгар хомус муусукатын киллэрэри ситиһии
7. Хомус уонна хомус муусуката Саха сиригэр, Арассыыйа норуоттарыгар бренд буоларын ситиһии
8. Орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар идэлэри арыйан хомуска бакалаврдары, магистрдары бэлэмнээһин
9. Норуоттар икки ардыларынааҕы муусука тэрээһиннэрин халандаарыгар хомус муусукатын киллэртэрии
10. Хомус саамай улахан тэрээһиннэрин Дьокуускай куоракка (Арассыыйа) ыытары туруорсуу
11. Хомус киинэ ХИФУ-ты уонна СӨ Наукаҕа академиятын кытта хомус муусукатын проблемаларын уонна инники сайдыытын чинчийэр туһугар научнай-чинчийэр салааны тэрийии
12. Научнай, периодическай сурунаалы, хаһыаты уонна ити электроннай барыйаанын таһаарыы
13. Интэриниэккэ хомус анал былаһааккатын тэрийии
14. Хомус муусукатын филармониятын (консерваториятын) тэрийии
15. Хомус муусукатын тарҕатыыга судаарыстыбаннайа суох уопсастыбаннай тэрилтэлэри кытта үлэлэһии
16. Бөдөҥ тэрилтэлэри кытта үлэлэһии.
“Биир хааһахха угар сыыһа”
Иван Алексеев-Хомус Уйбаан
Хомус аан дойдутааҕы киинин бэрэсидьиэнэ Иван Алексеев-Хомус Уйбаан хомус сайдыытын өрүү туруктаах оҥорорго үлэлэһиэхтээхпит диэн өйдүүбүт диэн эттэ. “Билиҥҥи кэмҥэ хомус муусукатын сайдыыта араас хайысхалаах. Ол хайысхалар бэйэлэрэ сайдар бырааптаахтар. Ол гынан баран, ити хайысхалар ситиспит чыпчааллара айар бүттүүн хомус муусукатыгар кылаат быһыытынан сыаналаныахтаах. Биһиги күдээринэ муусукаҕа, күдээринэ тыаска-ууска охтон хааллахпытына, ол тэнийэн, өбүгэлэрбит өй-санаа ымыыта оҥостубут муусукалара кэлин тиһэҕэр симэлийиэн сөп дии саныыбын”, — диэн санаатын тиэртэ. Итиэннэ чопчу холобурдары оҥордо. Олортон биирдэстэринэн — үгэһи уонна кэми “биир хааһахха угумаҥ” диэн этии.
Уустар аттестациялара уонна хомуска субсидия
Николай Шишигин
Хомус түмэлин дириэктэрэ Николай Шишигин хомус сайдыытыгар бэйэтин санаатын тиэртэ. Ол курдук, бастатан туран, “Хомус тардааччы”, “Хомусчут”, “Чулуу хомусчут”, “Чыпчаал хомусчут” диэн ааттары иҥэрэр наадатын бэлиэтээтэ. Итини туоһулуур сэртипикээттэри туттарар итиэннэ хас киһи баарын ааҕар, түмэр ордук буолуоҕун эттэ. Иккиһинэн, хомус дьэбиннириитэ биир улахан кыһалҕа буоларын бэлиэтээтэ. Үсүһүнэн, кырачаан киһи орто дойдуга кэллэҕинэ ымыы быһыытынан тыла суох хомуһу бэлэхтиир үгэһи олохтуохха сөп этэ, онтон оҕо тылланнаҕына, бороохтуйдаҕына уус төрөппүт сакааһынан тыллаан биэриэн сөп диэн бэрт санааны киллэрдэ. Төрдүһүнэн, хомус уустарыгар аттестация ыытыллыаҕын уонна кэнэҕэһин субсидия туруорсар толкуйдаахтарын биллэрдэ. Бэсиһинэн, саамай сүрүн боппуруос — хомус дьиэтин туруорсалларын иһитиннэрдэ. Ити курдук, хас даҕаны суол этиилэри киллэрдэ.
Кыттааччылар санаалара
Николай Аржаков-Боло Уус хомуһу уонна кырыымпаны историктар чинчийиилэриттэн билиһиннэрдэ. Онтон Мэҥэ Хаҥалас улууһун муусука оскуолатын дириэктэрэ Мария Винокурова үөрэх кыһаларыгар хомус салааларын аһар туһунан этиини сэҥээрэ истибитин эттэ. “Сыыйа тардыы – истээччи ис дууһатын таарыйар, оттон билиҥҥи ритм тас эйгэҕэ сөп түбэһэр”, — диэн уот харахха ыйда.
Ити курдук, мунньахха кэлбит дьон бары сонун, саҥа санаалары тиэртилэр. Үлэһиттэр кулун тутар ыйга хомус 2025 сылга диэри сайдар кэнсиэпсийэтин сүрүн торумун үмүрүтэр былааннаахтар.
Тэрээһин саҕаланыытыгар кэскиллээх хомусчут, Ленскэй улууһуттан сылдьар Владимир Дормидонтов хомуска тардан иһитиннэрдэ, “Ытыс ымыыта” ансаамбыл хомуһунан эҕэрдэтин тиэртэ, Токуйаана Николаеваҕа “Импровизатор-хомусчут” диэн үрдүк ааты туоһулуур түөскэ иилинэр бэлиэни туттардылар.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.