Кулун тутар 7 күнүгэр Хомус түмэлигэр, “Кыргыдайтан кынаттанан, дойдубуттан уһуйуллан” диэн Айталина Семенова учууталыгар Михаил Егорович Ивановка анаан таһаарбыт кинигэтин сүрэхтэниитэ буолан ааста.
Михаил Егорович Иванов педагогическай үлэ, тыыл бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна. 34 сыл устата Кыргыдай нэһилиэгэр учууталынан, салайааччынан үлэлээбитэ, оройуон, олохтоох сэбиэт дьокутаата, бастакы сүһүөх партийнай тэрилтэ сэкирэтээрэ, табаарыстыы суут бэрэссэдээтэлэ этэ. Нэһилиэк дьонун барытын, кыратыттан кырдьаҕаһыгар тиийэ түмэ тардара, үлэҕэ, үөрэххэ көҕүлүүрэ, салайара.
Үлэ кэнниттэн үөскээн тахсыбыт кыанар-кыаммат кыһалҕатын быһаарсыы, үөрүүлээх да, хомолтолоох да кэмигэр бигэ тирэх, өйөнөр эркин, күүтүүлээх сүбэһит буолуу, хайа да салайааччыттан элбэх энергияны, өй-санаа түмүллүүтүн, кэмигэр лоп-бааччы аттаран туруорар сөптөөх быһаарыы ылыыны эрэйэр. Ол сайдам санаа күүрүүтүттэн, элбэҕи иэҕэн эргитэ тутар толкуйтан, ардыгар күлүм гынар үөрүүлээх түгэнтэн, сороҕор саба баттыыр хомолтолоох да түгэнтэн ыанньыйан тахсарын, этинэн-хаанынан, амарах дууһатынан кини бэйэтэ эрэ билбитэ буолуо диэн сылыктыахха эрэ сөп.Дьыл- хонук аастаҕын аайы кини оҕону иитигэ-үөрэтиигэ, тыа сирин дьонун олоҕун тупсарыыга ордук уопсастыбаннай үлэҕэ умнуллубат бэлиэ суолу хаалларбыта өссө дьэҥкэтик көстөр эбит.
Кини дьон-сэргэ туһугар туох баар билиитин-сатабылын бүүс бүтүннүү ыраастык, истиҥник кэнчээри ыччакка иҥэрбитин, биэрбитин үөрэппит ыччаттара күн бүгүнүгэр дылы махталлаахтык ахта-саныы сылдьаллара, кини аатын үрдүктүк туталлара ол туоһутунан буолаллар. Үтүө киһи үтүөтэ күн-дьыл ааһан истэҕин аайы өссө суолталанан дириҥээн иһэр эбит. Дьиэ кэргэнигэр амарах аҕа, аймах дьонугар аҕа баһылык, нэһилиэгин дьонугар барытыгар эрэллээх эркин, бигэ тирэх, биир дойдулаахтарын мааны махталларын ылбыт, баай ис хоһоонноох олоҕу олорбут дьиҥнээх Киһи Киһитэ, Киһилии Киһи диэн кини этэ! Айталина Петровна бу кинигэтэ Михаил Егорович араас өрүттээх үлэтиттэн биир өрүтүн арыйар. Ол өрүтэ эмиэ кэнчээри ыччакка умнуллубат суолу-ииһи хаалларбытын, үгүс ыччат дьоҥҥо олохторун суолугар улахан олук уурбутун, сахабыт хомуһа Аан Дойду таһымыгар тахсарыгар күүстээх тирэх буолбутун туоһута буолар .Бу күн “Айархаан” бөлөх салайааччыта Альбина Дегтярева аҕатыгар Михаил Егоровичка анаан “Аҕам” диэн ырыатын Тамара Попова сүрэхтээтэ.Айталина Петровнаны истиҥ ис хоһоонноох кинигэтэ күн сирин көрбүтүнэн бар дьоно, биир дойдулаахтара, үөрэппит оҕолоро эҕэрдэлээтилэр. Баҕа санаа маанытын, махтал тыл бастыҥын анаатылар.Ааптар ыра санаа оҥостон сүрэҕэр-быарыгар өр кэм иитиэхтээн сылдьыбыт санаата олоххо киирэн, дьоҕус эрээри олус дириҥ суолталаах, баай ис хоһоонноох дьоһун кинигэтэ тахсарыгар күүс-көмө буолбут “Спектр+” тэрилтэҕэ уонна хатыҥнаах Халбаакы уолугар, оройуон сэбиэтин дьокутаатыгар Василий Мандаровка улахан махталын тиэрдэр.