Чахов Юрий Павлович 1942 сыллаахха атырдьах ыйын 21 күнүгэр төрөөбүтэ. Кини Байаҕантай улууһун аатырбыт Чах уустарын сыдьаана. Чах уустара (Чаахаптар) үгүс көлүөнэ уустара мас уустарын, муосчуттар, уруһуйдьуттар быһыытынан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэллэрэ. Юрий оскуолаҕа үөрэнэр сылларыттан уһанар. Оҕо сааһа Дьокуускай куоракка ааспыта. 1957-1959 сс пионердар дыбарыастарыгар муосчуттар куруһуоктарыгар дьарыктанан, айар үлэтигэр бастакы ситиһиилэрэ кэлбиттэрэ. Ол курдук биир үлэтэ – “Хайа бараана” диэн композицията АХШ Нью-Йорк куоракка тиийэ быыстапкаларга хайҕаммыта. Кинини итиннэ Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, РСФСР И.Е.Репин аатынан бириэмийэтин лауреата, ССРС художниктарын Союһун чилиэнэ С.Н.Пестерев дьарыктаабыта.
1966-70 сс Дьокуускайдааҕы художественнай училищены үөрэнэн бүтэрбитэ.
Элбэх республиканскай, бүтүн Россиятааҕы быыстапкалар, фестиваллар кыттыылаахтара, кыайыылаахтар. СР норуотун маастара.
Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгэр олорор, кэргэннээх, оҕолордоох, сиэннэрдээх. Нэһилиэк, улуус, республика общественнай олоҕун актыыбынай кыттааччыта. Баайаҕа удьуор уустарын саха дьонугар “Баайаҕа уустара” дэппит биир бастыҥ уус буолар.
Хомус аан дойдутааҕы түмэлигэр уонна киинигэр кулун тутар 12 күнүгэр Юрий Чахов аччыгый скульптураларын быыстапката үөрүүлээхтик арыллан дьон-сэргэ көрүүтүгэр бу ый устата турар, кэлэн көрүҥ, сэргээҥ!