b6703e8b-5cfe-4074-9ed3-b5b534fe4a66

Куйаар дьикти дьүрүскэнэ -Хомус,
Сүр кистэлэҥ күүһэ — Хомус,
Айыы аартыгын алгыһа — Хомус,
Ил үрдүк чыпчаала
Эн — Хомус буолаҕын!

 

Кулун тутар 21 күнүгэр улууспут киинигэр, саха хомуһун сарсыҥҥылаах аартыгын туһугар, хомуспут тыаһа үйэлэри уҥуордаан дьүрүһүйэ оонньуурун туһугар, Уус-Алдан улууһун дьаһалтатын уонна Хомус аан дойдутааҕы киинин уонна түмэлин икки ардыларыгар, бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥ түһэрсии үөрүүлээх тэрээһинэ ыытылынна.
Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар:
• «Уус-Алдан улууһа (оройуона)» МО аҕа баһылыга Алексей Васильевич Федотов.
• Хомус Аан дойдутааҕы киинин уонна түмэлин директора Дмитрий Дмитриевич Бястинов.
• «Уус-Алдан улууһа (оройуона)» МО баһылыгын солбуйааччы Михаил Васильевич Борисов.
• Хомус Аан дойдутааҕы киинин уонна түмэлин научнай сотруднига Августа Петровна Макарова.
• Хомус Аан дойдутааҕы киинин уонна түмэлин тэрийэр отделын сэбиэдиссэйэ Туяра Анатольевна Жиркова.
• Уус-Алдан улууһун культураҕа управлениетын начальнига Иннокентий Иннокентьевич Аммосов.
• Уус-Алдан улууһун культураҕа управлениетын солбуйар начальнига, улуустааҕы “Хомус” общественнай түмсүү салайааччыта Лена Семеновна Павлова.
• “Лөгөй нэһилиэгэ” МТ баһылыга Марк Васильевич Местников.
• Дьокуускай куораттан биир дойдулаахпыт хомус ууһа, СӨ норуотун маастара, Уус-Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо Роман Ильич Готовцев – Мындыр Уус.
• Сыырдаахтан удьуор уус Буурсаптар тумус туттар киһилэрэ, СӨ норуотун маастара, Уус-Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо Герман Гаврильевич Бурцев — Кэрэмэн Уус.
• Хомус уустара, уһуйааччылар,тэрийээччилэр, хомуһу сэҥээрээччилэр, улууспут олохтоохторо.
Кэлбит дьону хомус дьикти дьүрүскэн тыаһынан эҕэрдэлээтилэр үгүс улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи, аан дойдутааҕы конкурстар, фестиваллар лауреаттара, Россия, Белорусия, Польша, Чехия, Австрия, Германия, Италия, Франция, Венеция, Турция устун Хомус ураты тыаһын дуораһыппыт, лыҥкыначчы ыллаппыт, Иван Николаевич Жирков аатынан Дүпсүн орто сокуолатын иһинэн тэриллибит, «СӨ образцовай коллектива» “Кэскил” хомусчуттар бөлөхтөрө, “Кэскил” ансаамбыл киэн тутта ааттыыр иитиллээччитэ, хомусчут – импровизатор, өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх “Бастыҥ хомусчут” анал аат хаһаайына, 2016 сыллаахха ыытыллыбыт П.П.Оготоев аатынан “Хомус Уолан” өрөспүүбүлүкэтээҕи конкурс Гран при кыайыылааҕа Алдан Рожин. Салайааччылара Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуннара Мария Михайловна Соловьева, Тамара Семеновна Михайлова.

 

Үйэлээҕи түстүүр, кэскиллээҕи кэҥэтэр, дьоһун санаа тиэрдиллэр үтүө күнүгэр эҕэрдэ тылларын эттилэр «Уус-Алдан улууһа (оройуона)» МО аҕа баһылыга Алексей Васильевич Федотов, Хомус Аан дойдутааҕы киинин уонна түмэлин директора Дмитрий Дмитриевич Бястинов, Лөгөй нэһилиэгин баһылыга Марк Васильевич Местников, улуус культураҕа управлениетын начальнига Иннокентий Иннокентьевич Аммосов, улуустааҕы Хомус общественнай түмсүү салайааччыта Лена Семеновна Павлова, хомус ууһа Роман Ильич Готовцев.

 

Хомус — саха искусствотын биир үрдүкү чыпчаала, норуоппут былыр – былыргыттан үгүс үйэлэр тухары илдьэ кэлбит сүдү кылаата буолар. Искусство бу сүдү кылаатын сүтэрбэккэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэн иһии – норуот ытык иэһэ, үрдүк өрөгөйө. Дьэ ол иһин бу күн улууска хомус инники сайдыытын тосхолун түстүүр Уус-Алдан улууһун дьаһалтатын уонна Хомус аан дойдутааҕы киинин уонна түмэлин икки ардыларыгар, бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥ түһэрсии үөрүүлээх түгэнэ буолла. Сөбүлэҥ түһэрсиигэ илии баттастылар «Уус-Алдан улууһа (оройуона)» МО аҕа баһылыга Алексей Васильевич Федотов уонна Хомус Аан дойдутааҕы киинин уонна түмэлин директора Дмитрий Дмитриевич Бястинов.

 

Хомуска анаммыт өрөгөй күн кыттыылаахтара бука бары сүһүөхтэригэр туран, Хомус Аан дойдутааҕы Киинин тэрийэр отделын сэбиэдиссэйэ, «Хомус Куо — мисс интернет 2011» Туйаара Жиркова дьүрүһүтэр хомуһугар доҕуһуоллатан, бары биир санааҕа киирэн, кэрэни, кэскиллээҕи түстээн күргүөмүнэн хомуһу дьүрүһүтэ оонньоттулар!
Бу курдук куруук, Үрдүк Айыыларбыт орто дойду дьонугар анаан-минээн, алгыстаан ыыппыт дьүрүскэннээх хомуспутун уруйдуоххайыҥ, айхаллыаххайыҥ!!!

 

705e4ed1-10cb-4d1e-894c-05794b8cbd01 2888b275-5af0-4020-bc51-9e3bce9d255b b7aa9dda-f3b3-4168-8607-5cd5a4df0f58 b59064a4-8dc8-4ad5-8ef3-52e7eacd1638

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *