4

1972 сыл, Уфа куорат.

3

«Алгыс» хомусчуттар ансаамбыллара

—         Николай Евсеевич, үйэ аҥарын антах быраҕан оҕо сааскын, төрөөбүт түөлбэҕин ахтан-санаан аһарыахха

—         1959 с.ыам ыйын 26 күнүгэр Нам 1-гы Хомустааҕар күнү көрбүтүм. Аҕам Евсей Николаевич 1915с.төрүөх булчут, оробуочай этэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин хомууругар хараҕар элгэлээх буолан хапсыбатах. 1942с.холкуос төһүү үлэһитэ буола сырыттаҕына сылгы атыллан өлөр. Сүбэлэһэн баран үллэстэн сиэн кэбиһэллэр, уполномоченнай аҕабын 5 сылга Эһэ Хайаҕа хаайыыга ыыттарар. 1947с.төннөн кэлэн баран икки сылынан кэргэн ылар, алта оҕону төрөтөр,олортон түөрдэ улаатар. Ийэбит мин 6-лаахпар өлбүтэ, миигин улахан эдьиийдэрим көрөн-харайан улаатыннарбыта. Өйдүүрбүнэн, оҕонньоттору кытта олорон радионан “Голос Америки” биэриини истэ-истэ ырытар, мөккүһэр буолара, оччоттон “академик Сахаров”, “сектор Газа” дэһэллэрэ. Аҕам 1968с.баара-суоҕа 58 сааһыгар, мин 13-пэр, соһуччу кун сириттэн барбыта.

—         Оскуола, эдэр саас кэмнэрэ туох кэрэ-бэлиэ түгэннэрдээх ааспыттарай?

—         Оскуола сылларыгар наһаа үчүгэй учууталларга үөрэммит дьоллоохпун, ол курдук саха тылын уонна литературатын учууталын идэтин таларбар быһаччы оруолу Анна Дмитриевна Дмитриева оонньообута. Оскуола кэнниттэн университекка саха салаатыгар туттарсан көрөн мэлийбитим, инньэ гынан оччотооҕу сиэринэн “оскуола-производство” луоһунунан салайтаран дьаһаммытым, биир сыл совхозка үлэлээн баран 1982с.диэри баҕалаах саха салаабар киирэн үөрэммитим.

—         Университет кэнниттэн ханна үлэлээтиҥ?

—         Дойдубар Намҥа комсомол секретарынан, 2 сыл РайОНО инспекторынан, 2 сыл культура салаатыгар инспекторынан, уо.д.а.үлэлээбитим. 1990-2000сс В.П.Иванов директордыыр кэмигэр Намнааҕы педучилище колледж буоларын ситиһэрдии үлэлээбиппит. Прикладной искусство көрүҥнэрин: кыл, макраме (скульптор Е.Н.Винокурова), батик (Д.М.Романова), хомус (И.Н.Готовцев), туос, туой уо.д.а. үөрэтиллэр чаастарын киллэрбиппит, национальнай концепция чэрчитинэн төрүт культура предметтэрэ үөрэтиллэр буолбуттара. Элбэх талааннаах ыччат үөрэммитэ, холобура  ювелир-скульптор Александр Манжурьев. Ол курдук үлэлии-хамсыы сырыттахпытына 1996с. кулун тутар 8 күнүгэр Саха Республикатын президенэ М.Е.Николаев тиийэн кэллэ, көрөн-истэн баран училище саҥа дьиэлээх-уоттаах буолуохтаах эбит диэн быһааран 1997с.  саҥа үөрэх дьылын көрсө балаҕан ыйыгар колледж сабыс-саҥа тутуллубут корпуһа үлэҕэ киирбитэ. 1961с.ытык киһибит И.Е.Винокуров саҕана арыллыбыт училище инньэ гынан саҥа тыыннанан үлэлээн-хамсаан барбыта, Ефим Шапошников аатынан художественнай галерея арыллыбыта, Зинаида Заболоцкая модельер таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, художник Васильев, график Евстафьев үөрэммиттэрэ. Ол быыһыгар Намнааҕы телестудияны тэрийэн бастакы дикторынан үлэлээбитим, общественнай саҕалааһын быһыытынан, онуоха университекка буолар тэрээһиннэргэ конферансьелаабытым туһалаабыта. Өссө биир бэлиэ түгэн – 2000с. Хомус Уйбаан И.Е.Алексеев тэрийбит дьиэ кэргэнинэн хомустааһыҥҥа республиканскай конкурсугар Гран-при ылар чиэскэ тиксибиппит. Сотору кэминэн оҕолорбутун үөрэттэрээри дьоллоох Дьокуускай куоракка көһөн киирбиппит, Президент аппаратыгар Дьиэ кэргэн уонна оҕо саас кэмитиэтигэр Александр Пахомовка үлэлээбитим. 2002с. Культура уонна Искусство Арктическай государственнай институтугар фольклор салаатыгар Агафья Еремеевна Захаровалыын үлэлээбитим. 2012с.Хомус аан дойдутааҕы түмэлигэр көспүтүм.

—         Үлэ бөҕөтүн үлэлээн кэлбиккин дьэ кырдьык, ураты күүрээннээх кэмнэргэ. Оттон хомус эйгэтигэр хаһан хайдах киирбиккиний?

—         Хомуска 5 саастаахпыттан оонньуубун. Хомустаахха Кривошапкин Петр Михайлович – Уус Бүөтүр хомуһу охсор этэ, кини миигин ыҥыран ылан саҥа охсубут хомуһун тартаран көрөр буолара, ол гына сылдьан хомуска оонньуурга үөрэммитим. 1966с. 1 кылаастан үөрэтэр учууталым Мария Васильевна Баишева кылаас, оскуола тэрээһиннэригэр оонньотор этэ.  2 кылааска үөрэнэ сылдьан күһүн Улуу Өктөөп 50 сылыгар аналлаах улахан тэрээһиҥҥэ кытынным. 4 кылааска Ленин 100 сааһыгар аналлаах уус-уран самодеятельность республиканскай фестивалыгар лауреат аатын сүктүм. Ол кэнниттэн Саха АССР 50 сылыгар аналлаах тэрээһиннэргэ, 1972с.Москваҕа, Башкирияҕа Саха Сириттэн 300 киһилээх делегацияҕа киирэн улахан гостуруолга бастаан сырыттым. Студенныы сылдьан Хомус Уйбаан  “Алгыс” ансаамбылыгар киирэн Тындаҕа бастакы поезд кэлиитигэр, Москваҕа Аан дойду ыччатын уонна студеннарын фестивалыгар уо.д.а. атын сүҥкэн тэрээһиннэргэ кыттыбытым. Кэлин Австрияҕа хомус аан дойдутааҕы конгреһыгар, АГИиК Францияҕа ыыппыт Саха Сирин күннэригэр сылдьыбытым, хомустаабытым. Үлэһит буолан баран хомуска авторскай программабын Намнааҕы колледжка үлэлэппитим, эрдэ Хомус Уйбаан методическай кииҥҥэ аспыт студиятыгар оҕолору хомустуурга үөрэппитим. “Алгыс” ансаамбыл, Хомус Уйбаан олохпор педагог буолар суолбун туһаайбыт үтүөлэрин олус күндүтүк саныыбын.

—         Педагог быһыытынан хомус оҕону иитиигэ туох суолталааҕын бэлиэтиэҥ этэй?

—         Хомуска оҕону бэйэ холобурунан үөрэтэҕин, мөҕүүтэ-этиитэ суох. Билигин оҕону кытта кэпсэтии суох буолбут кэмигэр оҕону кытта хомустааһын, хомуска уһуйуу сүрдээх наадалаах дьарык буолар, дьиэ кэргэни , кылааһы, атын коллективы түмэ тардар, оҕо личность быһыытынан сайдарыгар көмөлөһөр.

—         Бэйэҥ дьиэ кэргэниҥ туһунан кылгастык кэпсиэҥ буолаарай?

—         Кэргэмминээн Анна Константиновналыын биир дойдулаахтарбыт, кини студенныы сылдьан активист, общественник бэрдэ, комсомол оройуоннааҕы комитетын секретара этэ, ол курдук  Наммытыгар  бииргэ киирэ-тахса, үлэлии-хамсыы сылдьан холбоспуппут, үс оҕоломмуппутуттан биир уолбут биэстээҕэр ууга былдьаммыта. Уоллаах кыыспыт улаатан үлэһит дьон, сиэннэрдээхпит. Кыыспыт культуролог, хомусчут, уолбут саха-турецкай гимназияны кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрэн баран Санкт-Петербурга Герцен аатынан институкка үөрэммитэ, түөрт тылы холкутук билэр, эрээри сахатын тылынан саҥарарын ордорор. Билиҥҥи кэмҥэ оҕо элбэх тылы билэрэ хайаан да наада дии саныыбын.

—         60 сыл олорон кэлбит киһи олох туһунан санааҥ ситтэҕэ-хоттоҕо. Дьол диэн туох эбитий бу олоххо?

—         Киһи дьоло – оҕоҕо. Тулаайах улааппыт буоламмын эбитэ дуу, оҕо – киһи саамай күндү баайа дии саныыбын.

—         Оттон хомус туһунан туох санааны этиэҥ этэй?

—          Хомус тылы кытта ыкса сибээстээх, тыл сүттэҕинэ хомус эмиэ сүтүө…Сахалар омук быһыытынан биир уратыбыт – хомуспут үрдүк искусствота, онон тылбытын сэргэ хомуспутун өрө тутуох кэриҥнээхпит. Сахалыы сайа саҥарыаҕыҥ, саха хомуһун тардыаҕыҥ диэн барыгытын ыҥырабын.

—         Махтал, Николай Евсеевич, ыллыктаах этииҥ иһин, эйиэхэ бары үтүөнү баҕарабыт. 

1

Үөрэнээччитин Алена Слепцованы уонна Иван Егорович Алексеев-Хомус Уйбааны кытары

2

Гиннес рекордун олохтооһуҥҥа

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *