Нам улууһун олохтоох уустара Герасимов В.В., Захаров Р.А., Уваров Н.Н., Пинигин А.М. онтон да атыттар уустарга уонна көрөөччүлэргэ анаан, Олоҥхо ыһыаҕын түһүлгэтигэр тимир уһаарыытыгар маастар-кылаас көрдөрдүлэр. Үөдэй уонна Хатырык сирдэрин тимир рудатын уһаардылар. Уһаарыы түмүгэ маннык буолла:
Үөдэй | Хатырык | |
Руда ыйааһына, г. | 5,51 | 3,80 |
Руда ууга ыйааһына, г. | 4,77 | 3,06 |
Тимир ыйааһына, г. | 5,33 | 2,56 |
Ыраас тимирэ | 96,6% | 67,3% |
Ыйааһын араастаһыыта | +_ 1 г. | +_ 1 г. |
Өлөөн, Бүлүү, Сунтаар, Хаҥалас, Мэҥэ-Хаҥалас, Таатта, Нам улуустарыттан уустар түмсэн хомус, биилээх оҥоһуктарын тургутустулар. Түмүккэ Говоров Л.П. (Нам), Гоголев Н.И. (Бүлүү), Билюкин С.К. (Таатта) оҥоһуктара бастыҥнар кэккэлэригэр таҕыстылар, тэрийээччилэртэн харчынан бириэмийэ туттулар. Үөдэй болгуотун уус идэтигэр уһуллааччы, эдэр киһиэхэ, Аргунов Анатолий Васильевичка (Нам) алгыстанан туттарылынна.
Уһаарыы түмүктэниитин сиэрин-туомун уус, туойдьут Захаров Р.А. тэрийдэ. Бэйэтэ охсубут туой иһитигэр оргуппут үүтүнэн, буһарбыт этинэн күндүлээн, өбүгэлэрбит курдук туой иһиттэн аһаан-сиэн, үөрэн-көтөн тарҕастыбыт. Экспедиция матырыйаала Хомус муһуойун научнай пуондатыгар хараллыа.
Слепцова Е.П., редактор электронных базы данных