Балаҕан ыйын 30 күнүттэн алтынньы 4 күнүгэр дылы Бүлүү улууһун Бүлүү куоратын, Хампа, Дьөккөн сэлиэнньэлэрин устун тимир уһаарыытын уонна хомус охсуутун кистэлэҥнэрин туһунан этнографическай матырыйаал хомуйа Хомус муһуойун экспедицията тахса сырытта. Саха Өрөспүүбүлүкэтин тимир уустарын Ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Бурцев Н.Н., Нам улууһуттан тимир уһаарыытын сүрүннээччи Герасимов В.И. экспедиция үлэтигэр кыттыһан сылдьыстылар.

Балаҕан ыйын 30 күнэ. Дьокуускай — Бүлүү куорат. Айаннаан тиийээт, Бүлүү улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Евсеев И.И. салайааччылаах олохтоох администрация үлэһиттэрин кытта көрсүһүү тэрилиннэ. Манна экспедиция сыалын-соругун билиһиннэрдибит, аны сайын уустар Аан дойдутааҕы фестивалларын тэрийии, улууска тимир уһаарыытын сөргүтүү, уустар үлэлэригэр тирэх буолуу туһунан кэпсэтиһии буолла. Ол кэнниттэн улуустааҕы «Олох суола» хаһыат редакциятын пресс-киинигэр (редактор Мандаров В.Н.) олохтоох хаһыат, тэлэбиидэнньэ,  араадьыйа үлэһиттэригэр анаан, пресс-конференция ыытылынна. Экспедиция киэҥ бырагыраамалаах үлэтин: тимири уһаарыы, хомуһу охсуу  ньымаларын видеокамераҕа уһултаран, муһуой научнай пуондатыгар этнографическай матырыйаал быһыытынан үйэтитии ыытылларын билиһиннэрдибит. Намтан сылдьар Герасимов В.И. этэринэн, Саха сирин үрдүнэн барыта 160-ча тимир уһаарыыта Томпонон, Тааттанан, Намынан. Уус-Алданынан, Бүлүүнэн, Үөһээ Бүлүүнэн, Ньурбанан, Сунтаарынан, Дьокуускайынан ыытыллыбыт. Саха сиригэр тимир култууратын тилиннэрээччилэр уустар буолаллар. Кинилэр сыраларынан тимир уһаарыыта чөлүгэр түһэриллэн эрэр диэн этэр кыахтаахпыт. Пресс-конференцияны улуустааҕы култуура сайдыытын уонна норуот айымньытын киинин методиһа Степанова Т.П. салайан ыытта.

Алтынньы 1 күнэ. Бүлүү куората – Ахталдьыйаан хайата. Сарсыарда эрдэ аатырар Ахталдьыйаан хайатыгар 3 уу  мотуорунан тимир тааһын хомуйууну устарга сыаллаах-соруктаах айаннаатыбыт. Улуутуйар улуу өрүс биһигини үтүө хараҕынан көрүстэ. Уҥуор этэҥҥэ туораатыбыт. Бүлүү улууһугар тимир уһаарыытын сүрүннээччи Павлов И.Т. этэринэн: «Күһүн айылҕа иһийэр, чуумпурар кэмэ. Онон айылҕаны уйгуурдар табыллыбат. Бүгүн сири-дойдуну ытыгылаан, тимир тааһын чохчолуубут эрэ. Кыһын, сыарҕа суола турдаҕына, кэлэн ылыахпыт. Бу чохчолорго быһа холоон 500 кг таас сытар. Кыһын таас хаар анныгар хаалар, онон, чопчу булан ылар гына, хайаҕа үүнэр отунан-маһынан сирдэтэбит. Онон таас туһаайыытынан маһы бэлиэтии көрөбүн», — диэн быһаарар. Ахталдьыйаан хайатын тэллэҕэр уот оттон, туох сыаллаах-соруктаах ытык сиргэ үктэммиппитин этэн туран, сир иччитэ кырыы хараҕынан көрбөтүн диэн алаадьылаах кымыһынан аал уоту аһаттыбыт, көрсүө тылынан көрдөстүбүт, сиэр-туом толордубут. Ахталдьыйаан хайатыттан тэйэн, Биллээххэ тиийдибит. Өрүс биэрэгэр хараҥа кыһыл өҥнөөх, быар курдук таастары уустар өтүйэлээх сылдьан, тойон көрөллөр. Кумах булкадыгаһа элбэх буоллаҕына, ылбаттар. Ити курдук син элбэх тааһы чохчолоотубут. Сыалбытын-сорукпутун ситэн, Бүлүү куоратыгар төнүннүбүт. Эбиэт кэннэ Хомустаахха (ыһыахтыыр сир) тиийэн, сарсыҥҥы тимир уһаарыытыгар анаан, тимир тааһын тойууну, көмөрү бэлэмнээһини уһуллубут.

Алтынньы 2 күнэ. Бүлүү куората – Хомустаах этнографическай киин.  Сарсыарда 9 чааска Хомустаахха тимир уһаарыытын устарга бэлэмнэнэн киирдибит. Уһаарар оһоҕу сарсыарда 7 чаастан саҕалаан оттубуттар. Уһаарарга анаан оһоҕу эрдэ ититэллэр эбит. 10 чаастан саҕалаан тимир тааһын уматыыны саҕалаатылар. Бастаан 10-ча киилэ чоҕу мээккэлээн, оһох түгэҕэр «сыттык» диэн ааттаан, тимир умайан болгуо буолан түһэн, сыстарыгар анаан, тэлгэтэ куттулар. Көмөр быыла умайбат эбит. Ити кэннэ көмөрү оһох аҥарыгар дылы куттулар, онтон бытарытыллыбыт тимири үрдүгэр куттулар. Оһох үрдүгэр кураанах маһынан саһаҕа кыһан уурдулар уонна бэс мас «киһиргэс» лабаатын тоһутан аҕалан, саһаҕа анныгар анньан кэбистилэр. «Киһиргэс” киһиргэс курдук өрө күлүбүрүү түстэ. Аал уоту Павлов И.Т. бастакынан аһатта. Кини кэнниттэн тимир уһаарыытыгар кыттааччылар бары уоту аһаттыбыт. Уһаарыы быыһыгар Акимова С.И. мастарыскыайыгар баран хомус охсор ньыматын уһуллубут. Софья Иннокентьевна кэпсииринэн: «Намтан силистээхпин. Төрүппэр уус дьахтар баара биллэр. Кимин-тугун билиэхпин баҕарабын. Уһаныахпын баҕараммын быһах охсон көрбүтүм. Тоҕо эрэ сөбүлээбэтэҕим. Онтон хомус охсон көрөргө санаммытым. Бастаан Мачахов «Чап уустара» диэн кинигэтин булан аахпытым. Онтон Чөмчөө ууһу көрдөһөммүн, киниэхэ үөрэммитим. Кини дьахтар уһанарын утарбатаҕа. Хомус охсор ньымам Чөмчөө уус гиэнэ. Кини хомус охсорго хара бастакыттан ыраастык үлэлиири эрэйбитэ. Онон ыраастык тутта-хапта сатыыбын. Барыта 100-чэкэ хомуһу оҕустум. Дьахтар киһи буоларым быһыытынан, бэйэм уратыбын көрдөрөөрү хомуспун оҕуруонан киэргэтэбин»,- диэн үлэтин-хамнаһын туһунан билиһиннэрдэ. Итиэннэ охсубут хомуһун Хомус муһуойугар бэлэх быһыытынан туттарда.

Сэттэ-аҕыс чаас курдук тааһы-чоҕу хардары-таары кутан, сорҕонон кэтээн көрөн, оһохторун «ииктэтэн» (шлагын сүүрдэн) болгуо хостоотулар. Хостоот, улахан аналлаах мас балтанан эллээн, шлагыттан босхолоотулар, дьиппинитэн биэрдилэр. 27,5 киилэ тимир тааһыттан 4 киилэ 600 грамм ыраас тимир таҕыста. Салгыҥҥа уонна ууга ыйааһынын сурунан бэлиэтээтилэр. Уһаарааччылар төһө тааһы, көмөрү куппуттарын, ырааһынан тимир ыйааһынын кумааҕыга бэлиэтэнэн, боротокуол оҥостоллор.  Уһаарыыга кыттыбыттар илии баттаан бигэргэтэр идэлэммиттэр. Ити сиэр хас уһаарыы ахсын чопчу тутуһуллар. Инникитин атын уһаарыыны кытта тэҥнээн көрөргө анаан, суруллар боротокуол буолар эбит.

Алтынньы 3 күнэ. Бүлүү куората. Бириэмэ ыгым, үлэ элбэх. Онон экспедиция үлэһиттэрэ икки гына хайдыһан үлэлииргэ былааннанныбыт. Бастакы бөлөххө интервью ылааччы Слепцова Евдокия Павловна, устааччы Афанасьев Станислав Николаевич, иккис бөлөххө устааччы, интервью ылааччы Ефремов Николай Иннокентьевич. Сирдээччинэн уустары кытта үлэлэһэр исписийэлиис Степанова Тамара Прокопьевна буолла. Бастакы бөлөх сарсыарда 9 чааска Чемчоев Реворий Гаврильевичка — Чөмчөө Ууска тиийдибит. Олорор дьиэтин утары турар уһанар кыһатыгар биһигини кэтэһэн, тирии түһүлүгүн (паартыгын) кэтэн, сымнаҕас кириэһилэтигэр олорор эбит. Ону туруонум диэн ааттыыр. Мастарыскыайыгар туттар тэриллэрэ барыта орун-оннугар ыйанан тураллар, остуолга сыталлар. Эркиҥҥэ сааллыбыт долбуурдарга мал-сал арааһа кыстатан турар. Ууска туох барыта наадалаах буоларын билэбит. Үлэлиир остуола түннүк таһыгар турар. Ити мээнэҕэ буолбатах. Түннүк сырдыгын туһанан, хомуһу ыпсарар.  Остуолга сыһыары саайыллыбыт долбуур тоһоҕотугар суохапчы ыйанан турар. Ону маннык диэн быһаарар: «Мандар Барыыс туттарбыт суохапчыта. Былыр маннык суохапчы тимири дьөлөргө аналлаах тэрил быһыытынан туттуллан кэлбит. Билигин ол суолтата сүтэн, уус киһи ыччатыгар нэһилиэстибэ быһыытынан биэрэр малыгар кубулуйда. Ыччаттар элбэхтэр. Суохапчыбын хайа ыччаппар туттарарбын билигин этэр кыаҕым суох. Биир эмэ сиэммэр анаан туттарыам. Миигин баппыт сиэним Владик Бүлүү улууһугар учууталлыыр. Хомус охсо сылдьыбыта эрээри, хомуска сыстыбата. Баҕар, кэлин сыстыа. Мин курдук бириинчик. Бириинчик буолуу диэн ууска үчүгэй хаачыстыба буолар», — диэн хомус охсорун быыһыгар сэмээр сэһэргиир. Хомуһун кичэйэн охсор уонна: “Ис кырыытын олус кичэйэн аалыахха наада. Маны сатаабаккалар уустар эрэйдэнэллэр”. – диэн хомус охсуутун сэкириэтин этэр. Тоҥ тимиртэн эллээн охсубут хомуһун Хомус муһуойугар бэлэх быһыытынан туттарда.

Күнүс Гоголев Николай Ильич – Бычаа Уус хомус охсор ньыматын уста мастарыскыайыгар тиийдибит. Хомус баллырын массыына уурар гарааһыгар уһанар эбит. Оттон дьиэтин иһигэр хомус тылын олордорго аналлаах уһанар остуоллаах эбит. Кини Кылыадьы ууска уһуйуллубут. Туттар тэриллэрэ барыта орун оннугар, аналлаах миэстэлэригэр тураллар. Ыраас, чэнчис баҕайытык туттан үлэлиир эбит. Кини этэринэн: “Уус уустан уратыта диэн бэйэтэ туспа буочардаах буолуохтаах”, — диир. Ол тэҥэ Бычаа уус эмиэ уратытык туттан-хаптан үлэлиир. Хомуһун тоҥнуу 6-лаах каатанка тимиртэн эллиир эбит. Хомустарын хаатын эрдэ бэлэмнээбит. Онтон биири ылан, стамесканан хаһан оҥорон көрдөрдө. Охсубут хомуһун Хомус муһуойугар бэлэх быһыытынан ыытта.

Мальцев Михаил Николаевич – Кылаан Уус куорат кытыытын диэки саҥа дьиэ-уот, мастарыскыай туттан олорор. Мастарыскыайа ортотунан бииллээх, аҥар өттүгэр тимиринэн, түгэх өттүгэр маһынан уһанарга анаан, киэҥ-куоҥ гына туттан, соторутааҕыта киирбит. Мастарыскыай иһэ толору сэп-сэбиргэл, туттар тэрил барыта аналлаах миэстэтигэр турар. Охсубут хомустарын көстүүлээх сиргэ долбууругар кэчигирэччи ууран туруорар. Хомуһун эмиэ тоҥнуу охсор эбит. Михаил Николаевич кэпсииринэн, уһаммыта 20-чэ сыл буолбут: «2000 сыллар кэннилэриттэн уһаммытым. 6,5-даах каатанка тимири тымныылыы таптайан, өҕүлүннэрэн оҥоробун. Чөмчөө ууска хомус охсуутун технологиятыгар уһуйуллубутум. 2 көрүҥ хомус оҥоробун. Туспа кээмэйинэн. Былыргы сахалар бэлэм тимирдэрэ суоҕа. Онон уһаарбыт тимирдэриттэн кытардан, таптайан оҥороллоро. Туттар тэрилбитин сороҕун бэйэбит айан оҥостобут. Тылын ситэ аалбатахха, мэйиигэр тиийэ охсор буолар”, — диэн кэпсии-кэпсии хомуһун таптайан барар. Дьэ ити курдук Кылаан Уус охсубут хомуһун сиэр быһыытынан муһуойга туттарда.

Степанов Николай Николаевич ураты буочардаах, туспа талааннаах уус быһыытынан республикаҕа биллэр.  Кини Роскосмос биэрбит космическай хараабылын тимириттэн кытардан охсубут хомуһун кыыл муоһуттан, удьурҕайтан композициялаан муһуойга экспонат быһыытынан бэлэхтээтэ.

Уустары таһынан дьонугар-сэргэтигэр умнуллубат суолу-ииһи хаалларбыт, көмүс тарбахтаах сүдү уус Саввинов Игнатий Саввич — Дьаҕаһыйа уус туһунан видео матырыйаал уһулунна. Кыыһа Саввина Пелагея Игнатьевна аҕатын туһунан хаартыскалары уонна ыстатыйалар куопуйаларын муһуой пуондатыгар туттарда.

Аатырар Кылыадьы Уус олорбут дьиэтигэр-уотугар, уһаммыт кыһатыгар анаан-минээн сырыттыбыт. Төрөппүт кыргыттара аҕаларын туһунан истиҥник кэпсээтилэр, хомуска тардар көрдөрдүлэр.

Таскина Христина Федотовна уола Ильинов Иван Петрович, сиэнэ Петров Альберт Валентинович эбэлэрин туһунан кэпсээтилэр, хомуска бүлүүлүү сыыйа тардар ньыматын туһунан сэһэргээтилэр. Эбэлэрин айар үлэтин туһунан хаартыскалары уонна «Кырыымпам алыптаах дорҕооно» (2005), «Алгыстаах хомуһум тойуга» (2017) диискэлэри муһуой научнай пуондатыгар туттардылар.

Алтынньы 4 күнэ. Хампа сэлиэнньэтэ. Хампаҕа кэлэммит Павлов Иван Тимофеевич – Утум Уус кыһатыгар тохтооммут, хомус охсор ньыматын уһуллубут. Кини кэпсииринэн: «Төрүттэрим уустар. Аҕам Түмээ уус хомус оҥорор этэ. 1983-1984 сыллартан саҕалаан хомус оҥорбутум. Аҕам хомуска үчүгэйдик оонньуур этэ. Биирдэ  хомуска оонньуу-оонньуу хостон тахсан кэлбитэ. Онно «хомуһу оҥорбут киһи” диэн санаа киирбитэ. Аҕам: «Кирилл оҥорбут хомуһун хаһан ситэн оҥороору…», — диэбитэ. Онтон кыһыйаммын оҥорор буолтум. Биирдэ майгынныыр тимири буламмын, эрэй бөҕөнөн  эттэһэн, бадьыыстаһан хомус оҥорбутум. Онон Кирилл Кириллович Мальцев хомуһуттан саҕалаан, хомус охсор буолбутум. Оччолорго Бүлүүгэ ювелирнай сыахха үлэлии сылдьар кэмнэрим буолан, сыстаҕас этим. Сыныйан көрөммүн оҥорбутум. Улуус киинигэр туруоруллубут быыстапкаҕа Кирилл Кириллович кэлэн көрбүтэ. Кини санаатын истээрибин: «Хайа, Кириил, туох дии санаатыҥ?” — диэммин ыйыппытым. Онуоха кини: «Үчүгэй. Эн барытын бэйэҥ сатыыгын», — диэн кэбиспитэ. Ол кэнниттэн улуус киинигэр быыстапкаҕа Кылыадьы уус мин хомуспар иҥнэ түһэр. Онтон ыла билсэн, «хомуста оҥор” диэн этэр. Алексеев Иван Егоровичка эппит этэ. Кэлэннэр иккиэн хаайаннар, онтон хомус охсор буолбутум. 1988 сыллаахха бастакы Бүтүн Сойуустааҕы кэмпэриэнсийэҕэ бараммын, уустары кытта билсибитим. Егор Петрович Гоголев, Борис Федорович Неустроев — Мандар Уус, Готовцев Роман Ильич — Мындыр Уус, Чемчоев Реворий Гаврильевич — Чөмчөө Уус, Осипов Петр Федотович — Төлөн Уус буолан онно билсиспиппит. Онтон 1991 сыллаахха Конгресска кыттыбыппыт. Чэ, итинник саҕалаабытым». Ити курдук сэһэргии-сэһэргии Иван Тимофеевич кылгас кэм иһигэр тоҥ тимиртэн эллээн, кыҥкыныы ыллыыр хомус охсон таһаарда.

Экспедициябыт бүтэһик соругунан Дьөккөн нэһилиэгэр олохтоох, 1925 сыллаах төрүөх, билигин 94 хаарын уулларбыт Мария Ксенофонтовна Кондаковаттан  хомуска бүлүүлүү сыыйа тардыыны улуһуллубут. Сиэнин, Айаал Дмитриевы, хомуска уһуйбут. Билигин Айаал Ильич «Хомусчаан» хомусчуттар ансаамбылларын бүлүүлүү сыыйа тардыыга уһуйар. Онон үс көлүөнэ хомусчуттары устан үйэтиттибит.

Инникитин экспедиция матырыйаалларын туһанан тимири уһаарыы, уустар хомус охсор ньымаларын сиһилии чинчийэр үлэ күүтэр.

Бүлүү улууһун администрациятын үлэһиттэригэр экспедиция үлэтигэр көмөлөрүн иһин махтанабыт.

 

Слепцова Евдокия Павловна,

Хомус муһуойун научнай фондатын

электроннай базатын хаҥатыыга үлэлиир редактор.

IMG_7875IMG_7899IMG_7912a3888255-cb9d-4843-82dd-26ec7208d224IMG_7941IMG_7946IMG_7954IMG_8016IMG_8097IMG_8222IMG_8244

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *