Бугун ахсынньы 8 кунугэр Хаандыга беhyeлэгэр I Оройуоннаа5ы «Томпо оройуонугар — Хомус сайдыыта» диэн научно-практическай конференция буолан ааста.
Конференция сыала: Томпо улууhугар хомус сайдыытын историятын сергутуу, билиhиннэрии, уйэтитии уонна уунэр келуенэ ыччакка хомус музыкатыгар кэрэхсэбили уескэтии.
Дьууллуур субэ5э улэлээтилэр: бэрэссэдээтэлинэн Хомус Аан дойдутаа5ы киинин уонна музейын директора Бястинов Д.Д., Харбалаах о5о искусство оскуолатын салайааччыта Ефремова Л.П., Харбалаах о5о искусство оскуолатын фольлор кылааьын учуутала Парфенова В.А., Кириэс-Халдьаайы орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Павлов Г.К. уонна Томпо оройуонун уерэ5эрии салалтатын эбии уерэхтээhин салаатын салайааччыта Винокурова Е.К.
НПК 3 беле5унэн ааста: кыра белех, орто белех уонна улахан дьон кытыннылар. Уопсайа суурбэччэ улэни иьиттибит. Мэнэ-Алдан, Кириэс-Халдьаайы, Уегэн, Кэскил, Сайдыы уонна Хаандыга о5о искусство, орто оскуолаларыттан о5олор уонна салайааччылар кыттыыны ыллылар.
Бу НПК Саха Республикатын култууратын утуелээх улэьитэ, «Дэгэрэн», «Бэйбэрэ» фольклорнай ансаамбыл салайааччыта Лидия Михайловна Борисова ке5улээhининэн тэрилиннэ.
Конференция тумугунэн Саха терут музыкальнай инструмена тыына уhууругар, сайдарыгар, норуот аатын ааттатарыгар, ебугэлэрбит тун былыргыттан буебэйдээн илдьэ кэлбит, куттарын-сурдэрин туттарбыт инструменнара, аныгы да дьалхааннаах олохпутугар хахха-кеме буола туруохтун диэн биир санаа5а кэллибит.
Тумуккэ бар5а махталбытын тиэрдэбит Томпо оройуонун киин библиотекатын коллективыгар чуолаан Александра Дмитриевна5а, Римма Захаровна5а уонна Елена Гаврильевна5а, ону тэнэ «Манчаары» култуура дьиэтин коллективыгар Марьяна Романовна5а уонна Анна Петровна5а