Хомус Аан дойдутааҕы түмэлэ уонна киинэ «Холумтан уонна хомус ырыата» киэһэни Ярославскай аатынан түмэл балаҕаныгар тохсунньу 17 күнүгэр тэрийэн ыытта. Өбүгэ үгэһинэн уһун кыһыҥҥы киэһэлэргэ саха ыаллара чуумпуран иһиллэнэр, аргыый наллаан сэһэргэһэр, хомус тардан санааларын сайҕыыр идэлээхтэрэ. Ол сиэринэн көмүлүөк оһох сылаас суоһугар Хомус Уйбаан-И.Е.Алексеев ыччат дьонун кытары – импровизатор хомусчуттар, республикатааҕы “Хомус Уолан” күрэх кыайыылаахтара Эркин Алексеевы, Артур Семеновы, М.Н.Жирков аатынан музыкальнай колледж уһуйааччыта, “Айархаан” бөлөх кыттыылааҕа Варвара Степанова-Арчыынаны, Олоҥхо тыйаатырын музыкана Иванида Бугулованы, кини үөрэнээччитэ Ян Попову – сүрдээх истиҥ сыыйа тардыы киэһэтин дьоҥҥо-сэргэҕэ бэлэхтээтилэр. Бу проект ааптара Николай Спиридонович Шишигин аата бу киэһэ истиҥник ахтылынна. Сылаас чэйинэн, арыылаах алаадьынан күндүлэммит ыалдьыттар хомус абылаҥар дуоһуйа уйдардылар, санаалыын манньыйан тарҕастылар.