Кулун тутар 10-13 күннэригэр Сунтаар улууһугар хомуска аналлаах тэрээһиннэр буолан аастылар. Бастатан туран, улуус оскуолаларын алын сүһүөх 3-4 кылаастарыгар хомус олимпиадата иккис туурун хомуйан түмүк таһаарда. Ону сэргэ уһуйааччыларга аналлаах «Саха хомуһун тардыы төрүт үгэстэрэ» диэн үөрэҕирии, эбии үөрэхтээһин уонна култуура тэрилтэлэрин иһинэн үлэлиир хомус куруһуогун салайааччыларыгар, уһуйааччыларыгар аналлаах уонна нэһилиэнньэ атын да араҥатын үөрэтэр, эбэтэр идэтин үрдэтэр куурус икки сыллаах кэтэхтэн үөрэҕин түмүктээтэ. Үөрэх бырагырааматын ааптара И.Е. Алексеев-Хомус Уйбаан үөрэнээччитэ А.К. Никитина буолар. Антонина Константиновна хомуска уһуйуу үөрэҕин дойдутугар Сунтаарга 2005 сыллаахтан саҕалаан, өр сыллаах бырайыак быһыытынан үлэ араас көрүҥүн тэрийэн ыытар. Өр сылларга төрөөбүт дойдутугар хомус үлэтин сүрүннүүр тэрийээччи, салайааччы, учуутал быһыытынан түөлбэ хомуһун саҥалыы тыынныырга айымньылаахтык үлэлиир. Ааптар бу үөрэҕэ учуутала Алексеев И.Е. өссө аҕыс уонус сыллар саҥаларыгар төрүттээбит хомус оскуолатын үөрэтэр матырыйаалын тирэх оҥостор уонна билиҥҥи саха хомуһун сайда турар суолун-ииһин кэлим халыыптарыгар сигэнэн, түөлбэ уратытын учуоттуурга уонна ону ыччакка өйдөтүүгэ, хаалларыыга туһуланар. Үөрэтэр, иитэр үлэ билиҥҥи үөрэх ирдэбилигэр эппиэттиир технологияны киллэриинэн эрэ муҥурдаммат, ону таһынан, саха хомуһа урукку өттүгэр хайдах тыыннаах хаалбытын, этигэн хомус ыллыыр куормата хантан кэлбитин, хаһан олохсуйбутун, тоҕо сүппэтин туһунан анаарар толкуйу олохтуур уонна ити үөрэҕи сүрүннүүр, урукку да аныгы да өттүгэр үөрэтэр албастары саҥалыы хараҕынан көрөр, салгыы сайыннарар туһугар сүрүн болҕомтотун туһаайар.
Сунтаар улууһа кэнники сылларга саха хомуһун сайдыытыгар боччум кылааттаах. Ол туоһутунан сыл ахсын тиһигин быспакка ыытыллар хомус бэстибээллэрэ, оскуола оҕотугар ыытыллыбыт биэс хомус НПКлара буолаллар. Кэмпириэнсийэ хомус эйгэтигэр оҕолору сыһыарыыга саамай табыгастаах уонна туһалаах үлэ көрүҥэ буоларын И.Е.Алексеев өссө 2008 сыллаахха сунтаардар бэйэлэрэ таһаарбыт «Саха хомуһун үгэстэрин үйэтитии» хомуурунньугар бэлиэтээбитэ уонна маннык тэрээһиннэр Саха сиригэр биир бастакынан Сунтаар түөлбэтигэр саҕаламмыт дириҥ төрүөттээхтэрин ыйбыта. Былырыыҥҥыттан саҕалаан, инники өттүгэр улуус үөрэҕин систиэмэтигэр киллэрэргэ туһулаан, кыра уонна орто сүһүөх оскуола оҕотугар хомус олимпиадатын киллэрэн эрэллэр. Бастакы түмүктэри быйыл оҥорон, Хомус Киинин кытта куолаан үлэ түмүгэр, ити уопуту атын улуустарга, киин куорат оскуолаларыгар эмиэ туһанар санаалаахпыт.
Хомус тардыытын эрэ сайыннарар аҥардастыы көрүүттэн туораан, кэлимсэ үлэни былааннаан, тимир култууратын туһунан өйдөбүлү кэҥэтиигэ, улууска хомус устуоруйатын сааһылааһыҥҥа, үөрэтии хайысхаларын торумнааһыҥҥа үлэ барар. Ити инниттэн тэрийээччилэр, кэлэктииптэр салайааччылара улууска үлэлии олорор тимир уустарын кытта ситимнээх үлэни ыыталлар. Аан дойду чулуу хомустарын оҥорор уустар ахсааннарыгар киирэр В.А.Уаров, тимир уустарын Бүтүн Арассыыйатааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи араас күрэхтэригэр ситиһиилээх маастардар К.В.Петров, Д.В.Николаев, Е.Е.Тартаков — улуус киэн туттар уустара, хомусчуттара.
Икки сыллаах аналлаах үөрэҕи оҕо саадын иитээччилэрэ, алын сүһүөх оскуола учууталлара, ону сэргэ оҕо ускуустуба оскуолатын уһуйааччылара,култуура үлэһиттэрэ, тимир, хомус уустара — уопсайа 18 киһи саха хомуһун туһунан билии ылбытын, аналлаах үөрэх барбытын туоһулуур дастабырыанньа тутта. Билигин орто уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэрин бырагырааматыгар эбии үөрэхтээһин чааһын, о.э. куруһуоктары хас биирдии оскуола бэйэтэ ис кыаҕыттан көрөн быһаарара көҥүл. Онон бу кууруска үөрэммит учууталлар, уһуйааччылар Сунтаарга хомус үөрэҕин тарҕатыыга кэнэҕэски өттүгэр өссө күүскэ үлэлииллэригэр эрэл улахан.
Маннык үөрэхтээһини мантан антах ситимнээхтик, тиһигин быспакка ыытар туһугар Хомус Аан дойдутааҕы киинин уонна түмэлин дириэктэрэ Дмитрий Бястинов Сунтаар улууһун Баһылыгын солбуйааччы Гаврил Михайлович Еремеевы кытары көрсүһүүгэ үлэни көмөлөөн, куолаан ыытарга этии киллэрдэ. Онон Хомус Аан дойдутааҕы киинин уонна Сунтаар улууһун дьаһалтатын икки ардыгар сөбүлэҥ докумуонун бэлэмниир үлэ саҕаланна. Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын салалтатыттан Мария Васильевна Кобельянова култуура уонна үөрэҕирии салаатын үлэһиттэрин кытта холбоһуктаах кэпсэтиилэрин тэрийэн бастакы санаа атастаһыыта буолла. Ити кэпсэтиигэ, улуус иһигэр кэнники сылларга үлэлээбит «Саха хомуһун охсууга, тардыыга түөлбэ үгэһин сөргүтүү, сайыннарыы» хайысхаларын кэҥэтэн, дириҥэтэн, оскуола оҕотун, уһуйааччылары, учууталлары билим эйгэтигэр толору киллэрэргэ туһуланар тэрээһиннэри салгыы ыытар соругу туруордубут.
Сунтаар дойдута норуотун төрүт култууратыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһар уонна утуму тутууга, кэскили түстүүргэ ураты көрүүлээх улуустартан биирдэстэрэ. Онуоха улуус баһылыга бэйэтинэн үгүс түгэҥҥэ дьоһун холобур буоларын бэлиэтээн этэр тоҕоостоох. Ол курдук, 2017 сыллаахха улуус баһылыга Анатолий Васильевич Григорьев көҕүлээһининэн нэһилиэк баһылыктара хомуллан хомуска күргүөм тардыы үтүө холобурун көрдөрөн, анаан тэринэн дьон-норуот иннигэр тахсан хомустаабыттара өрөспүүбүлүкэҕэ улахан сонун көстүү буолбута. Ити курдук, хомус туоната – Сунтаар улууһа саха хомуһун сайдыытыгар үлэлиир, сайдар саҕахтара аһаҕас, киэҥ!
Хомус аан дойдутааҕы киинин дириэктэрэ Дмитрий Бястинов.