Уус-Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕитиитин туйгуна, бэтэрээнэ, учууталлар учууталлара Соловьева Мария Михайловна күн сириттэн өлөн туораабытынан дьонугар-сэргэтигэр, урууларыгар-аймахтарыгар, чугас дьонугар дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит.
50 сыллаах педагогическай үлэтин тухары Мария Михайловна үтүөкэн дьону иитэн-үөрэтэн, такайан таһаарда – 2 наука докторын, 9 наука кандидатын, 3 юрист полковнигы, уо.д.а., Дүпсүн оскуолатын музейнай үлэтин тэрийсэн үлэлэттэ. Кини тэрийбит “Ситим” хомуска ансамбла 2011с. Гиннесс кинигэтин рекордугар, 2014с.Турцияҕа Аан дойдутааҕы конкурс лауреата буолбута. Оскуола саастаах оҕолорго тэрийбит “Кэскил” ансамбла республика, Россия, аан дойду таһымнаах күрэхтэр кыайыылаахтара, үөрэнээччитэ Алдан Рожин – импровизатор хомусчут. 2017с “Кэскил” ансамбльга Саха Өрөспүүбүлүкэтин образцовай коллектива аат иҥэриллибитэ. Мария Михайловна Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун уус-уран айымньылаах үлэтин сайдыытыгар кылаатын иһин, Уус-Алдан улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин , Россия-Саха Сирэ 385 сыл бииргэ Бэлиэлэринэн, Кыайыы 70 сыла мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Ытык киһи суола бэлиэ буолар. Уус-Алдан, Дүпсүн дьонугар, ыччатыгар, саха хомуһун эйгэтигэр Мария Михайловна олорбут олоҕо, ииппит-үөрэппит үлэтэ, такайбыт сыаннастара, уһуйбут дьарыга өрүү бастыҥ холобур буолуохтара.
Хомус Аан дойдутааҕы киинин президенэ И.Е.Алексеев-Хомус Уйбаан, директора Д.Д.Бястинов