Василий Степанович билигин даҕаны тэтимин ыһыктыбакка дьонун-сэргэтин туһугар,духуобунас,сиэр-майгы туруктаах буолуутун туһугар үлэлии-хамсыы сылдьарыттан сүргэбит көтөҕүллэр, санаабыт кынаттанар.Тус бэйэтинэн үлэтигэр үрдүк ирдэбиллээҕэ,тус дьыалатыгар дьаныардааҕа,тулуурдааҕа барыбытыгар холобур буолар. Академическай вокал хайысхата норуокка бигэтик олохсуйбута — Василий Степанович өҥөтө. Киһи сирдээҕи олоҕун чиэстээхтик олоруу,чахчы даҕаны норуотун дьолун туһугар ананан кэлбит үрдүк аналын чиэстээхтик толоруу — бу барыта ытыктабыллаах Василий Степанович айымньылаах олоҕун тускуллара. Бары үтүөнү-кэрэни, чэгиэн доруобуйаны уонна кэскиллээх туйах хатарааччылары баҕарабыт!
Хомус аан дойдутааҕы киинин президенэ: И.Е. Алексеев — Хомус Уйбаан, Хомус аан дойдутааҕы түмэлин дириэктэрэ: Д.Д.Бястинов