Культура, искусство үгүс көрүҥнэригэр төгүрүччү талааннаах, хомус дьүрүһүйэр тыаһа умуллубатын туһугар бастакы олугу уурбут, саха хомуһун этигэн тыллаабыт, республикаҕа аан бастакынан 28 киһилээх хомусчуттар ансаамбылларын тэрийбит, саха киэнин сэргэ хотугу кыра норуоттар культураларын тэҥҥэ бастакынан өрө туппут, дойду киэҥ түһүлгэтигэр таһаарбыт киһинэн Л.Н.Турнин буолар.
Кини культура сайдыытыгар үтүө суобастаахтык өр сыл таһаарыылаахтык үлэлээбитэ үрдүктүк сыаналанан 1958 с. Үлэ Кыһыл Знамята орденынан наҕараадаламмыта, 1964 с.Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ буолбута уо. д. а. наҕараадалардаах.
Лука Николаевич дэгиттэр талаанынан-хомусчут, артыыс, ырыаһыт, үҥкүүһүт, мелодист, режиссер, оһуохайдьыт быһыытынан элбэх уус-уран самодеятельность, фестиваллар, биэчэрдэр көрүүлэригэр кыттыбыта, киэҥ сирдэринэн сылдьыбыта. Ол курдук: 1948 с. Москваҕа, Союзтар Дьиэлэрин колоннай саалатыгар буолбут тыа сирин Бүтүн Союзтааҕы уус-уран самодеятельность бастакы көрүүтүгэр хомуһунан кыттыбыта. Бу сылдьар кэмигэр чараас пластинкаҕа хомуһунан толоруутун, кэлин икки пластинкаҕа эмиэ устубуттара. 1957 с. Москваҕа Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 325 сылынан ыытыллыбыт декадаҕа кини 28 киһилээх хомуһун ансамбыла кыттыбыта. Бу декада кыттыылааҕа Ф.Е.Луковцева суруйар: «Союзтар дьиэлэрин колоннай саалатыгар бастаан Лука Турнин соҕотоҕун хомуска оонньообута. Оттон 1957 с. ахсынньы 17 күнүгэр Улахан театр филиалыгар декаданы түмүктүүр биэчэргэ дойду партийнай, государственнай деятеллэрэ уонна биһиги республикабыт салайааччылара бааллара. Бу концерга 28 киһилээх хомусчуттар ансамбыллара ситиґиилээхтик кыттыбытынан ССРС Верховнай Сэбиэтин Президиумун 1958 с. тохсунньу 15 күннээҕи Ыйааҕынан Лука Николаевич Үлэ Кыһыл Знамята уордьанынан наҕараадаламмыта.
1960 с. Москваҕа хотугу норуоттар: ненецтэр, сахалар, эскимостар, чукчалар, эбэҥкилэр, нанайдар национальнай искусстволарын көрдөрөр «Хотугу Сардаҥа» диэн театрализованнай концертка эмиэ ситиһиилээхтик кыттыбыта.
1962 с. Москваҕа Таатта народнай театра «Лоокут уонна Ньургуһун» драманы туруоруутугар хомус ансамбыла сахалыы ырыалары, үҥкүүлэри доҕуһуоллаабыта.
1969 с. Москваҕа Сибиир уонна Дальнай Восток норуоттарын музыкальнай фольклордарын көрүү концерыгар эмиэ ситиһиилээхтик кыттыбыта.
Бу туһунан 1969 с. Таатта оройуонун «Коммунист» хаһыакка «Культурабытын сайыннарар аартыкка кытынным» диэн Лука Турнин тус бэйэтин ыстатыйатыгар маннык суруйбут: «Мин Бүтүн Союзтааҕы музыкальнай фондаҕа аҕыс айымнньыбын, «Мелодия» фирмаҕа пластинкаҕа үс айымньыбын уһуллулар уонна икки концерга кыттар чиэстэнним. Хомуска саха тардыыларыттан уонна таҥалай ырыатын толортоотум. Кулун тутар 2 күнүгэр Бүтүн Союзтааҕы өҥнөөх телевидениеҕа уһуллууларыгар олус долгуйан, үөрэн туран хомуска оонньоотум. Нөҥүө күнүгэр «Юность» Бүтүн Союзтааҕы радиоҕа ыллаатым. Маны таһынан улуу Ленин куоратыгар Ленинградка илдьэн концерга кытыннардылар».
Философскай наука доктора, профессор Авксентий Егорович Мординов: «Лука Турнин диэн үтүөкэн талааннаах киһи баара. Кини элбэх туйах хатарааччылардаах буолуохтаах»,- диэн өлүөн биир күн иннинэ эппит кэриэс тыла этэ.
Таатта улууһун ветераннарын сэбиэтин бэрэсэдээтэлэ М.С.Андросова кэпсиир: «1995 с. «Алгыс» диэн хомус ансамбла тэрийбиппит. Бастаан 6-7 буолан оонньуурбут. Бу ансамблы тэрийэрбитигэр 1957 с. Москваҕа Саха сирин искусствотын уонна культуратын күннэригэр кыттыбыт Таатта хомусчуттара сүрүн күүс буолбуттара. Биһиги аҕа саастаах дьон араас дэгэрэҥ оонньууну сатаабаппыт.Онон урут Лука Николаевич үөрэппитин курдук сыыйа тардыынан оонньуубут. 2007 с. ансаамбылбытыгар Л.Н.Турнин аата иҥэриллибитэ».
Саха хомуһун аҕата Лука Турнин аатын үйэтитии үлэтэ бара турар: төрөөбүт сиригэр Тыараһаҕа 2007 с. музей тэриллибитэ, олохтоох сынньалаҥ киинигэр Л.Н.Турнин аата иҥэриллибитэ. П.П.Оготоев тэрийиитинэн Лука Турнин аатынан республиканскай хомус куонкурустара буолаллар.
Хомуһуннаах хомусчут Л.Н.Турнин эппит тыллара туолуохтун :«Мин саха норуотун фольклорнай айымньыта, музыкальнай культурата кэнэҕэһин кэнэҕэс да Бүтүн Союз айар түһүлгэтигэр таһаарыллан норуокка киэҥник пропагандаланыа, ыччат дьон төрөөбүт норуоттарын тылынан уус-уран айымньыларын өссө дириҥник үөрэтэн биһиги норуоппут культурнай пааматынньыктарын саҥаттан саҥа, урут биллибэтэх-көстүбэтэх айымньыларын толоруоҕа.»