«Хомус» диэтэххэ, Эйигин, Елизавета Егоровнаны, Хомус муһуойун бастакы төрүттээччилэри: Иван Егорович Алексеевы — Хомус Уйбааны, Ксенофонт Дмитриевич Уткины — Нүһүлгэни ааттарын сэргэ дьүөрэлии көрөбүт. Эн Хомус муһуойугар үйэ чиэппэрэ эҥкилэ суох үлэлээбитиҥ. Элбэх ыччаты үлэ-хамнас үөһүгэр, муһуой эппиэтинэстээх үлэтигэр уһуйбутуҥ. Муһуой научнай пуондата хаҥыырыгар сыраҕын биэрэн, хас биирдии экспонаты оҕолуу бүөбэйдээн, билиҥҥи идэлээх үлэһиттэргэ туттарбытыҥ. Билигин пуонда 10000 ахсаан кирбиитигэр киирдэ. Хомус устуоруйатын кэрэһэлиир баай-дуол эн сыраҕынан түмүллүбүтэ. Аан дойду таһымыгар соҕотох муһуой буолан, силигилээн үлэлииригэр төһүү буолбутуҥ.
Муһуой атаҕар турарыгар Иван Егорович Алексеевы — Хомус Уйбааны, Ксенофонт Дмитриевич Уткины-Нүһүлгэни кытта бииргэ үлэлээбиккит. Ол да иһин эһигини «Хомус муһуойун төрүттээччилэр» диэн дьон-норуот ааттыыр, билинэр. Ону үһүөн бииргэ түспүт историческай хаартыскаҕыт кэрэһэлиир.
«Күндү киһи, Элизавет, кэрэ киһи хомусовед” диэн хоһооҥҥо хоһуллубутуҥ элбэҕи этэр.
Эн аатыҥ муһуой устуоруйатыгар кыһыл көмүс буукубанан суруллубутунан киэн туттабыт.
Күндү Елизавета Егоровна, «киһи кэрэмэһэ», «эйэҕэс эбээ», «далбар хотун» дэтэҥҥин олор, ай-тут диэн алгыспытын аныыбыт!
Хомус муһуойун кэллэктиибэ,
30.09.2020 с.