Хомус муһуойун экэспэдьииссийэтэ 2018 сыллаахтан Тааттанан, Томпонон, Бүлүүнэн, Намынан сылдьыталаата. Сыала-соруга диэн саха уустарын хомус охсор ньымаларын чинчийии, үөрэтии, үйэтитии буолар. Элбэх матырыйаал хомуллан, муһуой пуондатыгар үйэ-саас тухары харайыыга туттарыллар.
Быйыл Уус-Алдан Сыырдааҕар олорор Бурцев Герман Гаврильевичка — Кэрэмэн ууска ыалдьыттыыр былааннаахпыт. Кини 50-ча сыл мунньуммут хомус охсор уопутун, сатабылын үйэтитэр сыалтан, алтынньы 5 күнүгэр сарсыарда эрдэттэн иккиэ буолан айаҥҥа туруннубут. Аргыһым экэспэдииссийэҕэ сылдьа үөрүйэх, аныгы устар тиэхиньикэни таһыччы баһылаабыт, Хомус түмэлин салайааччылартан биирдэстэрэ Николай Иннокентьевич Ефремов буолар. Суол ырааҕыттан-чугаһыттан тутулуга суох, ох курдук оҥоһуннубут. Айан аата айан. Онон «айаҥҥа талымаһа суох буолар ордук” дэһэбит. Быар куустан олорбот, харытын ньыппарынан тэҥҥэ үлэлэспитинэн барар буолан, сэмээр испэр хайгыыбын. Айаҥҥа айаҕа аһыллар, сэргэх кэпсээнньит, онон суолу да билбэккэ хаалааччыбыт.
Тиийиэхтээх сирбит Уус-Алдан улууһун Бэрт ууһун нэһилиэгэ. Онно Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана олохтообут «Удьуор утум» бэлиэ хаһаайына Герман Гаврильевич Бурцев олорор. Кини 1973 сылтан саҕалаан хомус охсор. Уһаммытын усталаах туоратыгар 800-тэн тахса хомуһу охсубут. Кини хомуһа этигэнинэн, сиэдэрэйинэн оннооҕор омук сиригэр аатырар. Дэлэҕэ дьон-сэргэ Кэрэмэн уус диэн ааттыа дуо?!
Кэрэмэн уус охсор хомуһун бастаан сыта-тура толкуйдуур, эт мэйиитигэр иитиэхтиир. Онтон бото-болдьоҕо туолбутун кэннэ толкуйдаабытын курдук тоҥ тимиргэ тордуур, ыстаал тимиригэ ыллатар ураты талааннаах. Тыаһын тупсарар, этигэн оҥорор сыалтан элбэх көрдөөһүннэри тобулан таһаарар дьоҕурдаах. Олору олоххо киллэрэн, дьикти-дьиибэ буруһууналаах, сыҕарыйар кылдьыы тимирдээх хомустары айан таһаарбыта. Ити барыта сыта-тура сыымайдаан, араас ииччэх-бааччах санаалары сааһылаан, тобуллаҕас өйүнэн сатабыллаахтык толкуйдаан, ону тимиргэ эллээн таһаарыы манан аҕай дьыала буолбатаҕа биллэр. Эмиэ Бүлүүтээҕи сырыыбыт курдук, үлэ элбэх, бириэмэ ыгым диэн буолла. Онон дьэ, сырыыбыт туһунан сыыйа сэһэргиим.
Бороҕон муһуойа. Уус-Алдан улууһугар олорор хомус охсооччулартан Герман Гаврильевич Бурцев, Александр Афанасьевич Шепелев, Петр Дмитриевич Куличкин Хомус түмэлин кытта ыкса сибээһи тутуһан айаллар-туталлар. Муһуой тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кытталлар: кэмпэриэнсийэ, куонкурус, ыһыах, быыстапка, бириис туоруута, хомус атыыта да буоллун уустар биир санаанан кытталлар. Онон уустар хомус сайдыытыгар быһаччы кыттыыны ылаллар.
Быйыл Герман Гаврильевич 75, Александр Афанасьевич 50, Роман Ильич 60 үбүлүөйдээх саастарыгар аналлаах муһуой пуондатыгар хараллан сытар хомустарын Сэһэн Ардьакыап аатынан Бороҕоннооҕу кыраайы үөрэтэр муһуойга «Хомус куттаах Уус-Алдан уустара» диэн быыстапка туруорулунна. Таарыччы муһуойу көрдүбүт. Экспонаттара элбэҕин сөхтүбүт. Улуус устуоруйата тиэмэлэринэн сатабыллаахтык сырдатыллыбыт. Бииртэн биир баай экспозиция саха олоҕун-дьаһаҕын сырдатар. Дириҥ ис хоһоонноох экспозициялары муһуой тутаах үлэһитэ Мария Андреевна Иванова билиһиннэрдэ. Араас Граҥҥа кыттаннар, улуус муһуойа сайдарыгар элбэх өрүттээх үлэни ыытыллара харахха быраҕыллар. Туора харах – кыраҕы харах. Кини сыыһы да көтүппэтин билэҕит… Муһуой үлэтин уопутуттан элбэххэ үөрэниэххэ сөп диэн санаанан Бороҕонтон Сыырдаахха айаннаатыбыт.
Саха ыалын дьиэтэ. Герман, Екатерина Бурцевтар Бэрт ууһун нэһилиэгин сис ыала буолан бииргэ олорбуттара 45 сылын быйыл бэлиэтээбиттэр. Герман Гаврильевич бэйэтин бырайыагынан саха дьиэтэ (балаҕана) туттан, “быйыл төрдүс сылын кыстаары бэлэмнэнэбит” дэһэллэр. Балаҕаннарын «кыстык дьиэбит», «саха ыалын дьиэтэ» диэн ааттыыллар. Киирээти кытта хаҥас көмүлүөк курдук эрээри дьикти соҕус моһуоннаах оһох тигинэччи оттуллан турар. Суоһа сүрдээх. Онтун Герман Гаврильевич көннөрү «оһох» диир. Көмүлүөк курдук, хардаҕастарын хороччу ууран баран оттоллор эбит. Оһоҕу эргийэ бардахха, кэннигэр билиитэлээх. Онно ас буһараллар эбит. Оһох буолан баран хайаан ас буһуо суоҕай?! Хайаан мас суоһун халлааҥҥа үрүөххүнүй?! Дьэ оһох суоһун туһанан ас астаан, дьиэни ититэн быр-бааччы саха ыалын сиэринэн олороллор эбит. «Сылга 20 кууп маһынан кыстыыбыт. Бытарҕан тымныыга күҥҥэ түөртэ оттобут”, — диэн астына кэпсииллэр. Балаҕан иһигэр бары-барыта баар: хаппахчы, уһанар муннук, ас астыыр хос, сынньанар саала.
Уҥа диэки былыргы үс атахтаах өбүгэлэриттэн хаалбыт төгүрүк остуол турар. Герман Гаврильевич остуол ыскаачарын өрө тардан көрдөрөн баран, «дьоммутуттан хаалбыт остуол» диэн быһаарда. Ураты оҥоһуулаах остуол буолан биэрдэ. Уратыта диэн остуол төгүрүк сирэйин аннынан долбуурдаах. Итинник остуолу мин саҥа көрөбүн. Хата, кырааскаламматах. Маһынан сылдьар. Атаҕа ат туйаҕын курдук быһыылаах. Бэрт былыргы дьиэ тэрилэ. Хайа эрэ уус барахсан мас тоһоҕонон эпсэри саайан кэбиспитэ, хамсаан да көрбөккө турарыттан биһиги сөхтүбүт. Аны сэбэргэнэ долбууругар сахалыы иһиттэр кэчигирээн туралларыттан харахпыт халтарыйда. Дьэ ити курдук сөҕөн-махтайан остуолга олоруу буолла. Екатерина Николаевна итии үүттээх чэйин иһэ-иһэ сыыйа-баайа кэпсэтиибитигэр киирэбит.
Герман Гаврильевич кэпсээнин ыраах өбүгэлэриттэн саҕалаата. Архыыпка киирбитинэн, төрүт өбүгэтэ инньэ XVIII үйэттэн Бурцев Дьөгүөр уонна Балаайа диэн дьиэ кэргэниттэн саҕаланар. Кинилэр Көнө Дуораан, Ыарҕа Миитэрэй, Аҕараан Кирилэ, Көнө Дьөгүөр диэн ааттаах мас, тимир уустара уолаттардаахтар эбит. Олор сыдьааннара Кэрэмэн уус билигин даҕаны айар-тутар аартыга аһаҕас. Туйаҕын хатарар Юрий, Герман, Гаврил, Геннадий, Григорий диэн уолаттардаах. Түөрт уола Сыырдаахха олороллор. Гаврил уонна Чаара Дьокуускайга олохсуйбуттар.
Балаҕан дьиэ хотуна Екатерина Николаевна хотойорунан астаах остуолугар биһигини, ыалдьыттарын, ыҥырда. Үүттээх хойуу чэйи иһэ-иһэ айахпыт хам буолбат. Кэрэмэн уустуун сэһэммит салҕанар. Балаҕан иһэ астаммыт ас, мас минньигэс сытынан дыргыйар. Оһох тигинэччи умайар, күлэр-салар. Оһох кэннинэн, муоста аннынан салгын оборор туруба олордубут эбит. Ол эмиэ бэйэтин бырайыагынан оҥоһуллубут. «Кыһынын кырыарар дуо?» – диэн ыйытабын. «Төрүт кырыарбат. Бастакы сылын муостата сөрүүн этэ. Иккис сылыттан сылыйбыта. Онон быйыл төрдүс сылбытын кыстыыбыт. Бэйэм бырайыакпынан туппуттара. Бэйэбитигэр сөптөөх. Ыалдьыт бөҕө сылдьар. Омуктар эмиэ. Былыр оһох ураатын таһын кулун тириитинэн сабаллара үһү. Сарсыарда оттоллоругар ис өттүттэн үөлэс устун үөт түрэҕинэн тириини тиэрэ анньан кэбиһэллэрэ үһү», — диэн сэһэргиир Кэрэмэн уус. Дьэ ити курдук тоҥ күөс быстыҥыттан ордук кэпсэттибит.
Хомус охсуу. Кэрэмэн уус уһанар сирэ балаҕан муннугар икки да икки миэтэрэлээх сири быһан соҕоруоккалаабыт. Алта атахтаах эргийэр олоппоһугар олороот, «манна олорон баран, туохха барытыгар тиийэбин» диэн баран күлэн кэбиһэр. Уһанар тэрилэ барыта аналлаах миэстэлэригэр ыйанан, ууруллан тураллар. Уһанар остуолугар нэлэгэр иһиттэргэ ол-бу бытархай маллар хааламмыттар. Ууска туттуллубат «ол-бу бытархай мал” диэн суох. Чэ, холобур, онтон латуун кэрчигин ылан чочуга оҕустарбыта, игиинэн аалбыта хомус хаатын тутулуга буолан килбэйэн тахсыбата.
Герман Гаврильевич олоппоһунан сүүрдэ сылдьан, үөрүйэх илиитинэн туттар тэрилин көрбөккө да ылан, уһанан киирэн барар. Эркин тоһоҕотугар уонча хомус барыла токурутуллан ыйынан турарыттан биири ылан, кыстыкка ууран «маннык таптайабын» диэн көрдөрдө. Сыыйа, уутугар-хаарыгар киирэн, били этэр хараҥаччы уйатын курдук остуолун дьөлөҕөстөрүгэр кыбыта-кыбыта аалан күкүрүйэн киирэн барда. Ааллаҕын, таптайдаҕын ахсын хомус баллырыттан нарын-намчы хомус киэбэ тахсан истэ. Кини хомус охсуоҕуттан тыаһын этигэнин көрдөөн булан, бу кэлин хас да сылтан бэттэх уларытан чочуйар буолбут. Ол сэкириэтин эмиэ толкуйдаан таһаарбытын маннык быһаарар: «Хомус сыҥааҕын иҥнэритэ төһө кэтитий да, хомус тылыттан киһи тииһэ тэйиччи буолар. Оччоҕуна хомус тардарга, тиис икки арда киэҥ буоллагына, хомусчут салгыны обороро-үрэрэ мөлтөөн хаалар. Оттон тиис икки арда кыараан биэрдэҕинэ, хомус тыаһа улаатар, тупсар», — диир. Кини хомуһун утары тутан көрдөххө, сыҥаахтар ис иэдэстэрэ харахха быраҕыллар синньигэстэр. Дьэ ити курдук мындырдык сахалыы толкуйдаан, тобулан таһаарбыт ньыматын олоххо киллэрэн, этигэн хомустары охсор.
Кэрэмэн уус уһанар сирин көрөн баран маннык уратылары бэлиэтии көрдүбүт:
- Хомуһу охсоругар үксүн илиитин үрдүгэр быһар-отор, аалар. Улахан эрэ наадаҕа хомуһун чыскага туттарарын бэлиэтии көрдүбүт.
- Үлэлиир остуола 3,5 см халыҥнаах хаптаһынтан оҥоһуллубут. Остуол үрдүн тимир ньаалбаанынан бүрүйбүт. Хомуһун чочуга аалларда да, тимир быылын илии миинньигинэн сиппийэн иһэр. Сүрдээх чэнчис туттуллаах-хаптыылаах.
- Остуолун кырыытын элэйиэр диэри аалбыта тута харахха быраҕыллар. Хомуһун остуол кырыытыгар уурда да аалан барар.
- Хараҥаччылар сыыр быарыгар уйа тутталларын крудук, остуол иннигэр хайаҕастар бааллар. Бастаан утаа туохха аналлаахтарын өйдөөбөтөхпүт. Оттон маастар ол дьөлөҕөстөргө хомус уһаты сыҥааҕын батары анньаат, аалан киирэн барбытын соһуйа көрдүбүт. Оттон аны кэҥэс дьөлөҕөскө хомус уһаты сыҥаахтарынан укта итиэннэ тиэрбэһиттэн чиҥэтэ анньаат, аалан барбытын көрөммүт, дархан уус хомуһу охсор ньыматыгар араас дьикти, бэйэтэ эрэ туттар ньымалардааҕын сөҕөн эрэ кэбистибит.
- Аны туттар тэрилин (чыскы) эргийэр иэччэхтээх хаптаһыҥҥа олордубут. Онтун үлэлээн бүттэ да, туора анньан кэбиһэр, үлэлиир миэстэтин кэҥэтинэр. Чыскыга ытыттаран аалыан баҕардаҕына, эргитэ тардар.
- Чыскыга тайах муоһа ытыттарыллыбыт. Мүлтүйүөр дылы аалыллыбыт. Онтукайын Кэрэмэн уус маннык быһаарар: “Хомус тимирин охсорбор суолу хаалларбат. Ол иһин тайах муоһугар ууран таптайабын”, — диир. Эмиэ биир муударай толкуйтан тахсыбыт ньыма буолла.
- Уус бэйэтин бэлиэтин (клеймо) сибэкки быһыылаах гына охсор идэлээх. Ону судургутук маннык быһаарар: «Толоон сибэккитин наһаа сөбүлүүбүн. Ити атыыланар сибэккилэри соччо ахсарбаппын ээ. Айылҕа сибэккилэрин улаатыннарар тааһынан биирдэ эмэтэ көрбүтүҥ дуо?»- диэн миигиттэн ыйытар. Айылҕа нарын-намчы чэчиктэригэр дууһатын туттаран, сибэкки бэлиэтин хомуска охсор, кэрэни кэрэхсиир уус Кэрэмэн диэн ааты ол да иһин ылыммыта буолуо…
Дьэ ити курдук бэйэтэ эрэ туттар сатабылларынан, ньымаларынан таптайан, аалан, чочуга оҕустаран, хомуһун охсон бүтэрдэ. “Тардан көрүҥ”, — диэн биэрдэ. Итиэннэ: «Хайа, хайдаҕый? Намыһах тыастаах тахсыахтаах этэ», — диэн бигэргэтэрдии эттэ. Чахчы уус санаатынан оҥорбутун курдук намыһах тыастаах хомус тахсыбыт.
Хаа оҥоруу. Хомус хаатын оҥоруу туспа сатабылы эрэйэр. Саха уустара охсубут хомустарыгар анаан бэйэлэрин буочардарын илдьэ сылдьар хааны оҥорооччулар. Үксүгэр хомус хаатын көрдүҥ да, ким хомуһа буоларын чопчу быһаараҕын. Оннук туспа буочардаах буолаллар. Герман Гаврильевич хатыҥ удьурҕайын туттар. «Удьурҕайбын уолаттарым булан биэрэллэр», — диир. «Уолаттар» диэн бэйэлэрэ ааттаах-суоллаах уустар: Готовцев Р.И., Шепелев А.А., Куличкин П.Д. Бэйэлэрэ хомус охсуутугар үөрэнээччилэрдээхтэр. «Ол түмүгэр 20-тэн тахса тимир ууһа Сыырдаахха баар буолла”, — диэн кырдьаҕас уус астынан кэпсиир.
Хаа оҥоһуллуохтаах удьурҕайа ураты ойуулаах. Ону Кэрэмэн уус эргитэ сылдьан көрдөрөр уонна: «Ортотугар баар ойуута Сири санатар. Онон, хомус Саха сириттэн сайдан тахсан, Аан дойдуну сырдатар диэн толкуйдаан сылдьабын» диир. Бытыылкаҕа кутулла сылдьар морилкаттан киистэҕэ ымньаан ылан хаатын сотон кэбистэ, дьүһүнэ тупсан таҕыста. Сир курдук ойуутун гуой паастанан сууралаата. «Ити кэннэ буосканан сотуллуо», — диир. Эппитин курдук сүрдээх түргэнник хомус хаатын оҥорон бүтэрдэ. Хомуһун Сир шарын ортотугар хороччу турар гына толкуйдаабыт. Көр, ити курдук аҥаардас күн курдук төгүрүк мас ойуутуттан сиэттэрэн, хомус Аан дойдуну сырдата сыдьаайар ис хоһоонноох композиция буолан таҕыста. Охсубут хомуһун муһуойга бэлэх быһыытынан туттарда. Бу хомус Кэрэмэн уус муһуойга туттарбыт хомустарыгар эбии 12-с хомуһунан буолла.
Нэһилиэк «Бэрт ууһа» диэн ааттаах. Аата да этэрин курдук бу нэһилиэккэ биллэр-көстөр тимир уустара олорон ааспыттар: Өлөксөй уус, Балбаах уус, Атаскаан уус, Көнө Дуораан, Ыарҕа Миитэрэй, Аҕараан Кирилэ о. д. а. дьон-сэргэ сүгүрүйэр уустара уһаммыттар. Кэрэмэн уус төрөппүт уолаттара төрүттэрин утумнаан, уус идэтин баһылаабыттарыттан сэмээр астынар. Удьуор уус утума салҕанарынан киэн туттар. Дархан уус бэйэтэ этэринии, «хомус оҥоһуутугар араас идиэйэлэр бааллар, ону сыыйа-баайы олоххо киллэриэхтээхпин» диэн толкуйунан салайтаран өссө да айар-тутар баҕалаах.
Биһиги сыалбытын-сорукпутун ситэн, кырдьаҕас уус хомус охсор ньыматын устан, түүннэри Дьокуускайдыырдыы хомунан тахсан иһэн эргиллэн көрбүтүм, Кэрэ дьон – Кэрэмэннэр – Кэрэмэн уус Катятыныын илии илиилэриттэн сиэттиһэн, наара ороҥҥо олорон хааллылар. Онуоха мин «наһаа да истиҥник санаһаллар, ол да иһин дьоллоохтор» диэн санаан аһарбытым. Оннук эрэр буоллун!
Слепцова Евдокия Павловна, Хомус түмэлин үлэһитэ
10.10.2020