Ефремовтар хомусчут дьиэ кэргэн быһыытынан республикаҕа киэҥник биллэҕит. Ким сүрүннээн ансаамбыл быһыытынан толорор буолбуккутуй?
Биһиги хомусчут ийэлээх буолан буолан, барыбытын кэрэ саха үгэһигэр кыра эрдэхпититтэн уһуйан, иитэн уон бииргэ төрөөбүттэр — алта кыыс, түөрт уол — бары тардар буолбуппут. Ийэбит Ефремова Варвара Григорьевна — герой ийэ үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Горнай улууһун бочуоттаах олохтооҕо, импровизатор-хомусчут — оҕо эрдэҕинэ ийэтэ, түөлбэтин дьүөгэлэрэ тардалларын истэн хомустуурга үөрэммит, 9 сааһыгар тулаайах хаалан да баран хомуһун хаалларбакка олоҕун тухары дьарык оҥостон кэлбит. Балыыһаҕа, оҕо саадыгар ас астааччынан үлэлээбитэ. Төһө да ыраах тыа сиригэр олордор, наһаа сайдыылаах, кэрэҕэ, сырдыкка тардыһыылаах киһи этэ, хомус уустарын аахтара билэн, кинилэргэ хомус сакаастаан барыбытын хомустаабыта. 80 сааһыгар диэри хомустаабыта, кини тула түмсэммит, кинини өйөөммүт, дьон ийэбит хомустуурун иһиттин диэн ансаамбылынан тахсан толорор буолбуппут. Хомус музейыгар «Саҥа ааттар» күрэххэ хомустаан хомусчут-импровизатор аатын ылбытыттан наһаа үөрбүтэ.
Аҕаҕыт туһунан кэпсии түстэххитинэ?
Аҕабыт Солоҕон Кыталыктааҕар, ийэбит Силээнигэр төрөөбүт дьоннор буолаллар. Аҕабыт Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, бэтэрээн, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, Горнай улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Солоҕон нэһилиэгин сайдыытын түстээбит салайааччы. Управляющайынан, сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Биһиги хомустуурбутун сүрдээҕин сэҥээрэр, өйүүр этэ.
Ансаамбылынан аан бастаан хаһан тахсан толорбуккутуй?
Ансаамбыл быһыытынан бастаан Хомус аан дойдутааҕы музейа уонна киинэ тэрийбит дьиэ кэргэн күрэҕэр кыттыбыппыт, ол иһин хомус музейыгар махталбыт муҥура суох. Онтон ыла араас тэрээһиннэргэ оҕолорбут, сиэннэрбит буолан кыттабыт. Сиэннэрбит 30-чалар, хос сиэннэр — 40-ча буоллулар, кинилэртэн элбэх оҕо эмиэ хомустуу үөрэннилэр.
Туох идэлээх үлэлии-хамсыы сылдьаҕыт, бииргэ төрөөбүттэр?
Уолаттар суоппар, фермер, механик уонна бааһынай хааһыйстыба, Солоҕоннооҕу ЖКХ салайааччылара. Кыргыттар бухгалтер, оҕо саадын иитээччитэ уонна учууталлар буолабыт.
Саамай элбэҕэ хас буолан толорбуккутуй?
Саамай элбэҕэ 16 буолан Хомус музейа тэрийэр “Хомус биһигэ” 3-с республикатааҕы күрэҕэр толорон турардаахпыт. Төрөөбүт нэһилиэкпит Солоҕон 100 сыллаах үбүлүөйүгэр 20 буолан кыттыбыппыт. Атын-атын сирдэргэ олорор буоламмыт, үксүн уонча буолан тахсабыт.
Оҕолору хас саастарыттан саҕалаан хомустуурга үөрэтэҕит?
Сиэннэр 5-6 саастарыттан саҕалаан, улахаттар тардалларын көрөн үөрэнэн баран, 7-8 саастарыттан кыттан бараллар. Хомуспутун ханна баҕарар илдьэ сылдьар идэбитинэн оҕолор эмиэ — сиэннэр, хос сиэннэр — Санкт-Петербурга үөрэнэр Айыына, Владивостокка үөрэммит Аэлита, Саргылаана, Соҕуруу Кореяҕа Сайаана — ханна да сырытталлар хомустарын илдьэ сылдьан тардаллар, саха культуратын билиһиннэрэллэр, кэрэхсэтэллэр. Ыһыахтарга бэлэмнэнэргэ түмсэ түһэн эрчиллэбит эбэтэр төлөпүөнүнэн да сибээстэһэбит, сүбэлэһэн тугу толоруохтаахпытын быһаарабыт.
Улахан аймахха кийииттэр-күтүөттэр кэлэн хомуска толорор буолуулара баар дуо?
Кийииттэр, күтүөттэр даҕаны хомус тардан бардахпытына сэҥээрэн кытта тардыһан бараллар, сонургуу көрөн баран үөрэнэн толорорго кыттыһаллар.
Сыанаҕа кэтэр көстүүмнэргитин хайдах толкуйдуугут? Ким тигэрий?
Таҥаспытын үксүн биирдиилээн тиктэбит. Хара бастакыттан сыанаҕа тахсарбытыгар хас биирдии оһуорун-мандарын ойуулаан, моһуонун чочуйан элбэхтик оҥорбут, тикпит Бэрдьигэстээххэ үлэлиир дизайнер Галина Васильевна Дьячковская буолар. Сүбэлэтэн, быстаран баран атын иистэнньэҥнэргэ да тиктэрээччибит. Бэйэбит испититтэн саҥаспыт Раиса Афанасьевна Ефремова эмиэ элбэхтик тикпитэ. Кинилэргэ улаханнык махтанабыт.
Саамай табыллан толорбут түгэннэргит?
Туймаада ыһыахтарыгар табыллан толорооччубут уонна Гиннесс рекорда олохтоноругар 13 буолан кыттыыны ылбыппыт. Бу түгэн биһиэхэ сүрдээх истиҥ өйдөбүнньүк буолан сылдьар.
Саамай сөбүлээн толорор композицияҕыт?
Күрэххэ кытта сырыттахпытына Хомус Уйбаан – Иван Егорович Алексеев «Ийэҕит тардарын курдук тарда үөрэннэххитинэ, сыыйа тардыыны баһылаатаххытына, ону сатаатаххытына, ону кыайдаххытына ол улахан ситиһиигит буолуо,”- диэбитэ. Ону ылынан ийэбит сыыйа тардыытыгар өр кэмҥэ үөрэннибит, билигин даҕаны толору баһылыы иликпит эрээри, саамай табыллан норуот ырыаларын сыыйа тардан толорорбутун сөбүлүүбүт.
Хомус иитэр-үөрэтэр суолтатын туһунан өр сыллаах уопуккутун үллэһиннэххитинэ туох санаалар баалларый?
Саха киһитэ төрөөбүт норуотун култууратын, үгэстэрин билиэхтээҕин быһыытынан, хомус сүрдээх улахан иитэр суолталаах. Хомуһу илдьэ сылдьан тардар, араас тэрээһиннэргэ толорор үөрүйэхпитинэн үгэһи тарҕатааччы дьону – ыччаппытын уһуйабыт. Күннээҕи олохпутугар төрөөбүт күннэргэ хомус бэлэхтэһии үгэһэ баар, ону оҕолорбут саамай күндү бэлэх курдук ылыналлар. Дьиэ кэргэҥҥэ хомус эйгэлээх буоламмыт, кини кэрэҕэ угуйар улахан уонна дириҥ суолтатын өйдүүбүт. Ийэбит Ефремова Варвара Григорьевна аатын үйэтитээри уонна саха үтүө үгэһин тарҕатаары Горнай улууһугар “Дьүрүһүй, хомуһум” күрэҕи тэрийэн ыытабыт. Бириистэри бэйэбит туруорабыт, бастыҥ бириис — иистэр массыына буолар.
Барҕа махтал буолуохтун, хомус куттаах сайдам саха ыалыгар Ефремовтарга, кэлэр да кэмнэргэ саха хомуһун дьүрүһүтэ тардан үтүө үгэһи үйэтитэ, холобур буола туруҥ.