— “Муусука барыбытыгар” бырайыагыҥ туһунан.

— Норуоту хайдах чөлүгэр түһэриэххэ? Төрүт култуураны сөргүтэр наадата тирээбитэ. Иван Алексеев-Хомус Уйбаан хомус туһугар туруулаһан, бэртээхэй хомус мусуойун тэрийбитэ. Александр Жирков олоҥхо туһугар, кини ­идиэйэтинэн ассоциация тэриллибитэ. Ыһыахпыт – баарбыт-суохпут. Дьон хараҕа уоттаммыта. Саха тыла судаарыстыбаннай буолбута. Муусука эрэ буолбатах, балет, циркэ… Үгүс оҥоһуллубута. Эбэтэр үрдүк технологиялары да ылан көрүөҕүҥ. Майтона, Индрайвер. Норуоппут хайдах курдук та­­лааннааҕый, өйдөөҕүй, үлэһитий! Судаарыстыбаннай суверенитет туһунан декларацияны сайдыыга быраабы ылыы курдук саныыбыт.

источник: https://dnevniki.ykt.ru/NikBara/1163105

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *