Саастан саас чопчуттан тохтор таммахпыт тыаһа, сир ньууругар дьэҥкэрэ сыккырыыр хаарбыт уутун сэргэх сүүрээнэ барыта сүрэҕи үөрдэр, санааны сайар сылаас илдьитэ муус устар ый буолар. Бу дьикти илдьити сахам хомуһа үкчү үтүктэр үрдүк мэҥэ халлаан Айыыларыттан айдарыылааҕын Дархан Тойон уустарбыт уһаарбыттара астыгыан. Дириҥ айдарыылаах тэрил айыллыаҕыттан Айыыһыт тартарар араас туомнары толорор буолтара биллэр. Ол эрээри, ардыгар дьиҥнээх олоххо буолбут түгэннэртэн саха хомуһа хомуһуннааҕын өйдүөххэ сөп. Оннук биир түгэни истэн ааспыттаахпын. Ол 60-с сылларга этэ. Намҥа үөрэнэ сырыттахпына, улуус аатыттан фестивальга хомустатаары арай икки тыллаах эргэ хомуһу уларсан аҕалан биэрдилэр. Икки тыллаах хомуһу көрөн дьиктиргээтим да, оонньуур баҕаттан ыллаҕым дии. Син араастык үөрэтэн икки тарбаҕынан оонньуурга үөрэнэн астыммытым аҕай. Онтум баара кыттан бүтэрбин кытта биир тыла тостон хаалаахтаабыта. Дьэ онно, уларсан ылбыт дьонум хомустарын хайдах төннөрөллөрүттэн куттанналлар да илдьээхтээбиттэрэ. Кэлин миэхэ хайдах ылбыттарын, тугу истибиттэрин кэпсээбиттэригэр биирдэ эрэ кырдьаҕас хомуспун олус аһынан ылбыппын умнубаппын…

Икки тыллаах хомус ол ыаллар эбээлэриттэн хаалбыт кэриэс маллара эбит. Эбээлэрэ соҕотох биир уоллааҕын сэриигэ атааран баран, сылы быһа суол төрдүн одуулаһан оҕотун кэтииригэр икки хараҕыттан матаахтаабыт. Ол да буоллар оҕото кэлэрин кэтиир кэмигэр аны икки тыллаах хомуһу оҥорторон оонньуур идэлэммит. Син балайда уһуннук оонньуу түһэн баран: «бу хомуһум биир тыла оҕом саҥата, биирэ бэйэм тылым курдук наар кэпсэтэбит ээ. Оҕом кэлэрэ олох чугаһаан иһэр» — диир буолбута үһү. Ол курдук оронугар олорон эрэ да оонньоотор сылы быһа суол төрдүгэр кэтэһээхтээбитин курдук: «Ычча, өр да күүттүм, дьагдьайдым» — диэт оргууй саптаат утуйаахтыыр буолбута үһү. Оннук биир да күнү көтүппэккэ кэпсэтэрдии оонньуу-оонньуу утуйан, кыһыары саас ол «дойдуга» утуйа сытан бараахтаабыт. Онтон уола буоллаҕына, ол сааһыгар баттыктаах эргиллибитин кэпсээбиттэр. Ону истэн баран, хайдах эрэ дьэ буруйдаах курдук санаммытым, тостубут хомуспун ахта, аһына санаабытым. Ол оннук аастаҕа дии.

Сыллар устан истэхтэрин ахсын оонньообут хомустарым элбээн истилэр. Хомустар дорҕооннорунан уратылаахтарын таһынан, араас түгэннэргэ анаарсыһар кыахтаахтарын сөҕөбүн эрэ. Сахабыт хомуһа ол ийэ барахсан ахтылҕаннаах дууһатын курдук күүстээх куттаах, алгыыр, анаарар аараҕай кыахтаах тэрилбит эбит. Хомус оннук оҥкула ордук сахалыы- традиционнай ньыманан оҥоһуллубут кыаҕар сытарын өйдүөхпүтүн наада. Ол инниттэн үгүс үйэлэри туораабыт былыргылыы тардыы диэн көйгөтүппэккэ дьиҥ сахалыы уһаарыллыбыт хомустарынан сыыйа тардан санаабытын Аан дойдуга тиэрдэн сайдан истэрбит.

Муус устарга муус устубатын, чопчуттан тохтор чоккурас таммахтар үөһээттэн үөтэн үөрсүһэллэрин тиэрдэр — Хомус эрэ!

Саха тимири уһааран ыллаппыт хомуһа омукпут олоҕор сиэр-туом ситэрсиһэн, сирдээҕи салгынныын сипсиһэ сырдыыра сааскы күммүтүнүү күндүтүйэ туруохтун. Саха хомуһа муус устар ыйбыт кэриэтэ сылаас тыына уһуу турдун, хомус ыйынан хоһуйсан үөрдүн!

Муус устар — Хомус ыйа дэтэн сахалыы санаа көмүс дорҕооно буолан сирбэр сириэдийэ кутулуннун! ДОМ!!!

Дьүрүскээнэ

Чычымах, Таатта

2011 с.

[svgallery name=»2011-04-15-mesyac khomusa»]

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *