Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Хомус күнүн 31 сылын бэлиэтиир бырааһынньыгын чэрчитинэн, ахсынньы 9 күнүгэр Аан дойдутааҕы хомусчуттар уопсастыбаларын сүбэһитэ, виртуоз-хомусчут, Монголия култууратын туйгуна С. С. Шишигин хомуйан оҥорбут «Үрүҥ уус анал хомустара» кинигэтин биһирэмэ куйаар ситимин нөҥүө буолан ааста.
Айылҕаттан талааннаах саха мындыр ууһа Колодезников Иван Кононович-Үрүҥ уус айан хаалларбыт хомустарын үйэтитэргэ, кини сырдык кэриэһигэр анаммыт кинигэ бу дьыл сэтинньи ыйыгар бэчээттэнэн таҕыста.
Иван Кононович Колодезников – Бүлүү улууһун тимир ууһа, Аан дойдутааҕы VII кэҥгириэс-бэстибээл, «Амынньыкы мичээрэ» Аан дойдутааҕы интерактивнай күрэхтэр чыпчаал кыайыылааҕа этэ.
Кинигэҕэ Үрүҥ уус анабыл хомустарын өйдөбүнньүк гынан илдьэ сылдьар хомусчуттар, хомус муусукатын сэргээччилэр-сэҥээрээччилэр ахтыылара таҥыллан киирбит. Спиридон Спиридонович кинигэ аан тылыгар суруйарынан: «Хомус тустаахха ананан охсуллубут буоллаҕына, тулалыыр эйгэҕэ үтүөнэн-үчүгэйинэн дьайыыта өссө күүһүрэр, дириҥиир. Хомус ити дьиктитин ис-иһиттэн ылыммыт, өйдөөбүт уонна күүскэ сайыннарбыт ууһунан Колодезников И. К.-Үрүҥ уус буолар. Кини хомусчуттарга анаан оҥорон хаалларбыт анабыл хомустара киһи сөҕүөн курдук кэрэлэр, тус-туспалар, маарыннаспат тойуктаахтар, дьону-сэргэни сынньатар-уоскутар, үөрдэр-көтүтэр, эмтиир даҕаны аналлаахтар. Ол иһин биһиги, хомусчуттар, киниэхэ махталбыт муҥура суох, кини туһунан үтүө өйдөбүлбүт хаһан да сүтүө суоҕа», – диэн иһирэхтик ахтар.
Кинигэ биһирэмигэр Үрүҥ уустуун алтыспыт, кини айар үлэтин сэҥээрэр, ытыктыыр дьон-сэргэ муһунна, тыл-өс эттэ, ахтан-санаан ааста.
Алексеев Иван Егорович, тыл билимин дуоктара, Аан дойдутааҕы Хомус түмэлин бэрэсидьиэнэ.
«Анабыл хомустар урут-уруккуттан оҥоһуллар этилэр. Ылан көрүөҕүҥ И. Ф. Захаров-Кылыадьы ууһу. Кини «Г. И. Чиряев», «Кыайыы 40 сыла», «Бүлүү», «П. А. Ойуунускай», «Кыбыгыдьаан өтөҕө» о. д. а. кэрэ оҥоһуулаах хомустара Хомус түмэлигэр көрдөрүүгэ тураллар. Оннук анабыл хомустар өссө айымньыларга, чуолаан, Суорун Омоллоон «Күкүр уус» драматыгар, Кындыл хоһоонугар, Моисей Ефимов айымньытыгар анабыл хомустар тустарынан ахтыллар», – диэн тэрээһини саҕалаата. Талааннаах хомус ууһа И. К. Колодезников-Үрүҥ уус анабыл хомуһа киниэхэ 2011 сыллаахха тиксибит. Ол хомус VII кэҥгириэскэ Гиннесс кинигэтин өрөкүөрдүн олохтуурга «айааһаммыт». Иван Егорович этэринэн, уустар айар үлэлэрин туһунан суруйуулары Хомус түмэлин үлэһиттэрэ салгыахтаахтар. Онуоха Спиридон Спиридонович сүбэһит-амаһыт, ыйааччы-кэрдээчи быһыынан ананыаҕын туһунан бэйэтин санаатын эттэ.
Франц Кумпл, Аан дойду хомусчуттарын президенэ (Австрия) ахтыытын видеонан ыыппыт. Аан дойдутааҕы хомусчуттар уопсастыбаларынан сирэйдээн туран, Үрүҥ уус туһунан кинигэ идиэйэтинэн уонна ол кинигэ бэчээттэнэн тахсыбытынан С. С. Шишигини эҕэрдэлээтэ. Үрүҥ уус хомуһун тутаат, саамай сөбүлээн тардар хомуһа буолбутун маннык тылларынан бэлиэтээн эттэ: «Хомус высочайшего качества и звучания. Неслучайно, что 2011 г. в Международном конгрессе-фестивале «Хомус в культурном пространстве мира» хомус Колодезникова И. К. занял второе почетное место на конкурсе «Лучший хомус мира», – диэн баран Үрүҥ ууска дириҥ ытыктабылын биллэрэн, хомуһугар сэмэй охсуулары тардан көрдөрдө.
Лео Тадагава, Дьоппуонньуйа хомусчуттарын уопсастыбатын салайааччыта.
Саха бастакы хомуһун Үрүҥ уустан 1991 сыллаахха ылбыт. «Оччолорго кини олус эдэр уол оҕо этэ», – диэн баран саха хомуһугар тардан көрдөрдө. Лео Тадагава 2019 сыллаахха Хампаҕа тиийэ сылдьан, Үрүҥ ууска таарыйан, тус бэйэтигэр анаан, ытыран туран тардар хомус охсоругар көрдөспүт. «Онон бу хомус миэхэ тус бэйэбэр эрэ аналлаах», – диэн маастар охсубут хомуһуттан астынарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ уонна Үрүҥ уус хомуһугар, сэрэйдэххэ, дьоппуон норуотун ырыатын матыыбын тардан көрдөрдө.
Альбина Михайловна Дегтярева, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыската, «Айархаан» бөлөх салайааччыта.
«Мин Иван Кононовиһы саҥа хомуһу охсор буолуоҕуттан ыла билэбин. Бүлүүгэ Хомус сэминээригэр эдэркээн уол тиийэн кэлэн, «Уважаемой Альбине Михайловне» диэн суруктаах, суулаах тугу эрэ сэмэй баҕайытык туттаран кэбиспитэ уонна: «Дьокуускайга тиийдэххинэ биирдэ арыйан көрөөр», – диэбитэ. Дьокуускайга кэлэн көрбүтүм, олус үчүгэй оҥоһуулаах, ыраас баҕайы туттуулаах уонна суруктаах хомус эбит этэ. Онтон ылата Иван Коновиһы кытары хомус дорҕоонун өссө хайдах тупсарар, ханнык дорҕоонноох хомуска баҕарарым туһунан куруук кэпсэтэр, сүбэлэһэр буолтум. Тус бэйэбэр, бөлөҕүм оҕолоругар анаан элбэх хомуһу охсубута. Иван олус толкуйдаах, бэйэтигэр олус ирдэбиллээх этэ. Хомус тыаһын эрэ буолбакка, «тас көстүүтэ сөп түбэһэр буолуохтаах» диэн кичэйэн оҥорор этэ. «Кынаттыыр» хомуспун айаммын, чертеһун хас да ууска көрдөрбүтүм. Ол гынан баран сорохтор ылса охсубатахтара. Бастакынан «кынаттыыр» хомустары Г. Г. Бурцев уонна И. К. Колодезников оҥорбуттара. «Ааптар буоларбыт быһыытынан бырааппытын көмүскүөхтээхпит», – диэн патеннаппыппыт.
Кынаттыыр хомус оҥоһуллуута – хомусчут айымньытын ис хоһоонун арыйарга уонна сценаҕа хайа баҕарар көҥүл хамсана сылдьан тардарга табыгастаах буоллун диэн толкуйдаммыта. Ол – кыахпытын кэҥэппитэ. Хас биирдии хомуһум хаачыстыбата тупсарыгар бииргэ үлэлэспиппит. Иван Кононович аата дьон өйүгэр-санаатыгар сырдык сыдьаай буолан сырыттын», – диэн баран, Үрүҥ уус үс араас көрүҥнээх «кынаттыыр» (хохуората тас өттүгэр, хохуората ис өттүгэр, икки өттүнэн хохуоралаах) хомустарыгар тардан иһитиннэрдэ. Онуоха утуу-субуу добун дорҕооннор кутуллан бардылар.
Чемчоев Реворий Гаврильевич – куосумас куйаарыгар көппүт хомус ааптара, Аан дойду таһымнаах хомус ууһа.
«Үрүҥ уус туһунан бэрт истиҥ ис хоһоонноох кинигэни Испирдиэн Испирдиэнэбис таһаартарбыт. Махтал. Иван Коновиһы кытта 9-с кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, билсэн турабын. Хомус охсубутун көрөн баран, «үчүгэй туттуулаах-хаптыылаах уус тахсыыһы» диэн үөрэ санаабытым. Оскуоланы бүтэрбитин кэннэ, быыстапкаларга бииргэ сылдьар буолбуппут. Айылҕаттан айдарыылааҕа чуолкай этэ. Киһиттэн ураты көрүүлээх, туспа өйдөөх-санаалаах, буочардаах уус тахсан испитэ. Күн аайы кэриэтэ билсэ олорбуппут. Санаабытын үллэстэн, ким тугу оҥорбутун, хайдах буолуохтааҕын, үчүгэй баҕайытык ыпсаран кэпсиир буолара. Кинини кытта хаста да куска сылдьыбыт дьоллоохпун. Онно сылдьан куска-булка мындырын чахчы сөхпүтүм».
Бястинов Дмитрий Дмитриевич, Хомус Аан дойдутааҕы түмэлин дириэктэрэ.
Бүлүүгэ тиийэ сылдьан, Иван Кононовичтыын алтыһыыбар булка бэриниилээҕин, «булт» диэтэххэ хараҕа умайарын бэлиэтии көрбүтүм. Үрүҥ уус олоххо-дьаһахха сүрдээх ирдэбиллээх, бириинчик буолан, охсубут хомустарын тыастара ураты, нарылаабыт, уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах, оҥоһуулаах хомустары охсон ситиспит эбит. Ол кини киһи быһыытынан хаачыстыбатын, бэйэтигэр ирдэбиллээҕин туоһулуур. Иван Кононович анаан оҥоһуунан идэтийбит, күүскэ үлүһүйэн туран дьарыктаммыт эбит. Онон кинигэ «Үрүҥ уус анабыл хомустара» диэн ааттаммыта саамай сөптөөх. Үрүҥ уус диэн уу сахалыы аатын ылыныытыгар Николай Спиридонович Шишигин сыһыаннаах дии саныыбын. Кини хомус охсор уустарга барыларыгар кэриэтэ сахалыы ааты иҥэрэр идэлээҕэ. Хомустара уурбут-туппут курдук оҥоһуулаахтара сахалыы аатыгар дьүөрэлии. Иван Кононович түгэх өбүгэлэрин туһунан бастакы суруйуулары Рево Петрович Будищев «Эргиллиэм алааспар» диэн кинигэтигэр киллэрбитэ. Онно Үрүҥ уус аҕатын өттүнэн өбүгэтэ Кутаама уустара Таатта Баайаҕатыттан төрүттээхтэрэ суруллубут этэ. Бүлүү уонна Таатта икки ардыгар былыр да маннык ситим баарын сөҕө санаабытым. Иван Кононовичтан ол туһунан кэлин ыйыталаһан турабын. Онуоха кини ити чахчытын бигэргэтэн: «Кэргэним Галя – Таатта, Эллээһин уус кыыһа», – диэбитэ. Онон, Дьылҕа Хаан ыйааҕынан Бүлүү – Таатта уустарын ситимэ кинилэри бииргэ ситимнээн, дьиэ кэргэн оҥорбута дьикти.
Данилова Мария Ивановна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, импровизатор-хомусчут, «Ытыс ымыыта» үһүс көлүөнэ хомусчуттарын салайааччыта.
Бүгүн биһиги бэртээхэй кинигэ туһунан кэпсэтэбит. Мин санаабар, кинигэ сүрдээх хаачыстыбалаахтык оҥоһуллубут. Ааптар элбэх бириэмэтин, сыратын-харатын биэрэн туран матырыйаалын хомуйбут буолуохтаах. Үрүҥ уус талааныгар сүгүрүйэр дьон бу кинигэттэн тиксибэтэх буолуохтарын сөп. Онон эбэн-сабан, хос таһаартарыан сөп. Миэхэ уус үс хомуһа баар. Иван Кононович хомустарыгар быа угарга аналлаах тимиринэн биэтилэ оҥортуур. Атын хомустарга оннук суох, ол иһин тылыттан дуу, тиэрбэһиттэн дуу иилэргэ тиийэҕин. Оннук түгэҥҥэ хомус этигэнэ намтыыр. Онон Үрүҥ уус хомусчукка барыта табыгастаах буоларыгар анаан үлэлэспитэ диэххэ наадалаах. Спиридон Спиридонович хомус туһунан хас да кинигэлээх. Мин санаабар, кини атын уустар тустарынан суруйар үлэтин салгыан диэн. Биһиги, хомусчуттар, ону кэтэһэбит. И. К. Колодезников-Үрүҥ уус туһунан ыраас өйдөбүлү өйбүтүгэр-санаабытыгар илдьэ сылдьыахпыт.
Борисов Ким Александрович, Илин Сибииргэ Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, виртуоз-хомусчут.
Спиридон Спиридоновичка махтаныахпын баҕарабын. Кини сүүрэн-көтөн, барыбытын хамсатан, Иван Кононович хомустарын туһунан үчүгэй ис хоһоонноох кинигэ таҕыста дии саныыбын. Анабыл хомустаахтар ахтыылара олус кэрэхсэбиллээх. Иван Кононович элбэх хомус охсон хаалларбыт эбит. Анал хомустаахтар ону төһө кыалларынан харыстаан, ытыктаан илдьэ сылдьыахпыт дии саныыбын. Иван Кононовичтыын Германияҕа кэҥгириэс-бэстибээлгэ барыах иннинэ билсиһиибит саҕаламмыта. Миэхэ анал хомус охсубута. Ол хомуһу Тауха куоракка буолбут бэстибээлгэ тардыбытым. Уһун тыыннаах хомуһу сакаастаабытым. Үрүҥ уус хомуһун ханна баҕарар илдьэ сылдьабын. Бүлүү Хампата – хомус охсор уустардааҕынан биллэр сир.
Бурцев Николай Николаевич, Арктикатааҕы агротехническай университет дьассыана, физическэй-техническэй билим хандьыдаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уустарын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ, норуот маастара.
Үрүҥ уус туһунан ахтыы-кинигэ тахсыбыта кэрэхсэбиллээх. Спиридон Спиридонович сүрдээх наадалаах хайысханы тутуһан, кинигэ таһаарбыта махталлаах. Маннык үлэ салҕанан бара туруо дии саныыбын. Хомус түмэлэ бииргэ алтыһан үлэлииргэ, усулуобуйа тэрийэн үлэлэтэрэ кэрэхсэбиллээх. Үрүҥ уус эдэр, чулуу ууспут этэ. Бүлүү эҥээр уустар сүрдээх түмсүүлээхтэринэн, бэйэ-бэйэлэригэр үгэс курдук сатабылларын биэрэллэригэр, этэргэ дылы, атын улуустартан чыҥха атыннык тураллар. Холобур, Бүлүү улууһун кырдьаҕас уустара эдэр уустарга уопуттарыттан бэрсэн, ити курдук ситим баран иһэр. Үрүҥ уус хомустара үрдүк хаачыстыбалаахтарынан уонна уһулуччу этигэннэринэн биллэр. Кини айбыт үлэтин биһиги ситэ-хото билэ, сыаналыы иликпит. Кинигэ аҕыйах ахсаанынан тахсыбыт. Мин санаабар, өссө даҕаны санааны үллэстэр дьоннор бааллара буолуо. Хос эрэдээксийэлээн, иккистээн тахсыан наада диэн этэбин. Биһиги уустарбыт элбэх айымньыны оҥордулар. Сүрдээх чулуу уустардаахпыт. Онон кинилэр үлэлэрин киэҥ эйгэҕэ таһааран, билиһиннэрэр наадалаах буолуо диибин. Хомус түмэлэ, Спиридон Спиридонович уонна атын да ааптардар ону кыайыахтара дии саныыбын. Иван Кононович хомуска араас саҥаны киллэрэбит ньымалара хомус тутулун бөҕөргөтөр уонна тыаһын тупсарар аналлаахтар.
Кривошапкина Юлиана Виссарионовна, виртуоз-хомусчут, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна.
«Айархаан» бөлөхтөн арахсан, тус айар суолбун тобулар кэммэр Үрүҥ уус хомуһугар түбэһэ түспүтүм. Хампаҕа «Далбар» диэн ансаамбылга хомуска маастар-кылаас биэрэ тиийбиппэр, биир саастаах дьахтар кэлэн: «Тукаам, бу хомуска оонньоон иһитиннэр эрэ», – диэн көрдөстө. Хомуһу ылан, биирдэ эрэ оҕустум. Арай, хомуһун тыаһа ыллаабытынан барда. Долгуйдум. «Маннык үчүгэй тыастаах хомуһу хайалара оҥороруй?» – диэн ыйыттым. Онуоха далбар хотуттар: «Маннааҕы бэйэбит оҕобут», – диэтилэр. Тута Иван Кононовичтаахха тиийэн хомус сакаастаатым. Онтон ыла Иван Кононовиһы кытта бииргэ алтыспытым. Бастакы бэлэх ууммут хомуһа – кыталык киэргэтилээх хомус буолар. Миэхэ анаан охсубут хомустара элбэхтэр. Билигин даҕаны кини хомустарыгар дьүрүһүтэбин. Үрүҥ уус хомустара мин айар суолбун ыйан-кэрдэн биэрбиттэрэ. Бэйэм буочарбын кини хомустарынан булбутум. «Биир охсууттан дорҕооно тохтоло суох ыллаан-туойан бара турар, ити долгураҥ тыас арай илии хамсаныытынан үҥкүүлээн, үҥкүү быһыытынан эмиэ көстөрө эбитэ буоллар, интэриэһинэй буолуо эбит дии», – диэн санааммын, илиибин хамсатан-үҥкүүлэтэн, араастаан охсон, 2011 сыллаахха виртуоз-хомусчут буолан турабын. Иван Кононович хомустарын харыстаан илдьэ сылдьыам, өссө элбэх дьоҥҥо кини хомуһун тыаһын бэлэх уунуом диэн бигэ эрэллээхпин. «Өбүгэлэрим этитиилэрэ» диэн альбоммар Иван Кононович хомустарынан оонньотолообутум. Манна хомус ыраас тыастара киирбитэ.
Степанова Тамара Прокопьевна, Бүлүү улууһун Норуот айымньытын киинин уонна сайдыытын үлэһитэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Аан дойду таһымыгар биллэр аар-саарга аатырбыт ууспут Иван Кононович сырдык аатын үйэтитэр кинигэ тахсыбытынан Бүлүү дьонун-сэргэтин аатыттан махтанабын. Култуура эйгэтигэ уустары кытта үлэлэһэр эппиэттээх үлэҕэ сылдьарым быһыытынан, кинини олус сэмэй уонна бэйэтэ туһунан суоллаах-иистээх хомус ууһун быһыытынан сыаналыыбын. Иван Кононович орто бараан дойдуга сирдээҕи аналын көрсөн, дьиэ-уот тэринэн, оҕо-уруу төрөтөн, кэнчээри ыччаты хаалларан барда. Кини, кырдьык, сиэрийэнэн таһаарбакка, анабыл хомустары оҥортообутун үрдүктүк сыаналыыбыт. Бүлүү улууһун уустара Иван Кононович сырдык аатын үйэтитэргэ быстыспат ситимнээхтик үлэлииллэр. Былааннах үлэлэри оҥороммут, кини аата ааттана турарыгар баҕарабыт. Дьиҥинэн, бу хамсык ыарыы бүрүүкээбэтэҕэ буоллар, Спиридон Спиридоновиһы Бүлүү сиригэр ыҥыран, Иван Кононович төрөөбүт-үөскээбит Хампатын сиригэр кинигэ тахсыытын сүрэхтиир тэрээһини тэрийиэхтээх этибит. «Суруллубут суоруллубат» диэн мээнэҕэ этиллибэт, биһиги Үрүҥ ууспут сырдык аата үйэлэргэ ааттана тутарыгар кылаат киллэрбиккитигэр махтанабыт.
Евсеева Августина Платоновна, Бүлүү улууһун «Алгыс» сынньанар киин уус-уран салайааччыта.
Иван Кононович хомустарын үйэтитии тэрээһиниттэн долгуйдум. Үрүҥ ууһу кытта бииргэ үлэлээбитим ыраатта. 1990-с сыллартан уустар күрэхтэрин ыытар этибит. Кинигэ «анабыл» диэн ааттаммыта саамай сөптөөх. Иван Кононович хомус оҥордоҕун аайы: «Дьэ, Платоновна, хомус тыаһын истээр эрэ», – диэн куруутун билсэ турар этибит. Хас биирдии хомуһун оһуордаан-ойуулаан охсоро. Кини хомустара өссө да дьүрүһүйэ туруохтара. Үтүө күннэр турдаллар, «Үрүҥ уус хомуһугар күрэх ыыппыт киһи», – диэн санаалар киирэллэр. Муһуой бастакы дириэктэрэ К. Д. Уткин саҕаттан бииргэ түмсүүлээхтик үлэлиирбит олус айымньылаах буолла. Түмэли олус чугастык ылынабын. Иван Кононович айар үлэтин туһунан икки биэриини оҥорон турабыт. Өссө биир улахан биэриини оҥорор былааннаах этибит. Кини хомустара дьүрүһүйэ турдуннар…
Шишигина Наталья Романовна
Үрүҥ уус саха хомуһун сайдыытыгар уонна Аан дойдуга билиниллиитигэр улахан үтүөлээх-өҥөлөөх. Николай Спиридоновичтыын бииргэ тапсан үлэлээһиннэрэ саха хомуһа аар-саарга аатырыытыгар улахан суолталаах.
Колодезников Конон Кононович, Үрүҥ уус убайа, ХИФУ преподавателэ.
Быраатым туһунан ахтыы истиҥ-иһирэх биэриитин истэн астынным. Оҕо эрдэҕиттэн тугу толкуйдаабытын оҥорон таһаарар уһулуччу талааннаах этэ. Айылҕаҕа олус чугас сыһыаннааҕа. Мин киниттэн икки сыл аҕабын. Ол эрээри биирдэ өйдөөбүтүм, кини миигин салайа сылдьар буолара. Бастакы охсубут хомустарын бииргэ төрөөбүттэригэр бэлэхтээбитэ. Кини хомустара Аан дойдуга билинэллэриттэн, кини туһунан кинигэ тахсыбытыттан бииргэ төрөөбүттэрэ, аймахтара үөрэбит.
Колодезникова Галина Захаровна, Үрүҥ уус кэргэнэ.
Кэргэним анабыл хомустары оҥороругар саҥа сүүрээннэри киллэрэрэ. Холобур, быа иилэр иилэҕэһэ хомусчукка олус наадалааҕын билэр буолан, итинник оҥорбута. Өссө биир саҥа сүүрээнэ – мельхиорунан, эриэхэ маһынан быа сүүрэрдээх гына оҥорон, хомусчут тутарыгар-хабарыгар табыгастаах буолар курдук гына оҥороро. Хомус сакаастаан оҥорторор буоллахтарына, ис дууһатын ууран, хайдах тыастаах, ойуулаах-бичиктээх буолуохтааҕын ыйыталаһан, чуолкайдаан эрэ баран оҥорор этэ. «Кынаттыыр» хомуһу А. М. Дегтярева, Г. Г. Бурцев уонна Иван буолан патеннаппыттара. Кинигэҕэ саамай талыы хомустара киирбиттэр. Эдэр хомусчуттарга араас киэргэллээх (хотой, дүҥүр) хомустары хайдах сакаастыылларынан оҥороро. Биһиги аҕабыт аатын үйэтитэр кинигэ тахсыбытынан Спиридон Спиридоновичка махталбын тиэрдэбин.
Жиркова Агния Спиридоновна, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин үөрэҕириитин туйгуна, «Этигэн хомус» норуодунай ансаамбыл салайааччыта.
Хомуска уһуйар оҕолорум И. К. Колодезников охсубут хомустарыгар бэркэ диэн табыллан айымньыны таһаараллар. Ол курдук, Венера Николаева, Настя Петрова. Кыргыттар оскуоланы бүтэрэллэригэр «импровизатор-хомусчут» буолбуттара. Онуоха Иван Кононович хомустара улахан оруоллаахтар дии саныыбын. Оҕо хомуһу таптыырыгар уус охсубут хомуһа төһүү буолар. Мила Алексеева диэн үөрэнээччим Иван Кононович туһунан реферат суруйбута. Спиридон Спиридонович кинигэ таһаарбытыттан астынабын. Николай Спиридонович Үрүҥ ууска сахалыы аат иҥэрбитин эмиэ үөрэ истэбин. Атын да уустарга иҥэрбит ааттарын ылынан илдьэ сылдьаллара эмиэ астыннарар. Мин хомус уһуйааччыта буоллахпына, убайым Спиридон Спиридонович Аан дойду үрдүнэн хомус пропагандиһа буолар. Шишигиннэр дьиэ кэргэннэрэ хомус эйгэтигэр чугас дьоммут. Үрүҥ уус дьиэ кэргэнигэр этэҥҥэ буолууну баҕарабын. Үрүҥ ууспут ыччаттан ыччакка үтүөкэн уус быһыытынан кэпсэнэ сылдьыахтын.
Ким Кимэн Александр Николаевич, юридическай наука дуоктара, ХИФУ бэрэпиэссэрэ, АБ уонна СӨ үтүөлээх юриһа.
Үрүҥ уус туһунан кинигэ биһирэминэн Сахауспуорт уонна Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрсиэт аатыттан куйаар ситимин нөҥүө эҕэрдэлээтэ.
Шишигина Лена Николаевна
Аҕам, Николай Спиридонович куруук этэр буолара: «Хомус – аныгы киһи олоҕун аргыһа», – диэн. Хомуска ытыктабылбын аҕам иитиэхтээбитэ. Онтон ыла хомуспун бэйэбиттэн араарбакка илдьэ сылдьабын. Спиридон Спиридонович Үрүҥ ууска ытыктабылын бэлиэтин кини айбыт үлэтин туһунан кэпсиир кинигэни хомуйан оҥорбута буолар. Аҥаардас тас ойуутуттан саҕалаан, өйдүөххэ сөп бу кинигэ ис хоһооно дириҥин. Хомус кэллиэксийэтигэр Үрүҥ уус хомуһа баар буоллаҕына, ол сиппит кэллиэксийэ диэххэ сөп буолуо. Аҕам хомуһун кэллиэксийэтигэр Үрүҥ уус хомуһа баарын кичэйэн харайа, көрө-истэ сылдьабын.
Түмүккэ, С. С. Шишигин Үрүҥ уус бары хомустарын хомуйан, компакт-диискэ сыһыарыылаах хос тахсыан баҕарарын эттэ. Ити кыаллар дьыалатын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Дьон-сэргэ үтүө тылыгар махтанна.
Тэрээһин Үрүҥ уус анабыл хомустарынан Алиса Долгунова, Вероника, Лиза Лыткиналар, Андрей Колодезников, Нарыйа Ренанто, Артур Семенов, Сахаайа Колодезникова, Алдан Рожин куйаар ситимин нөҥүө эҕэрдэлэринэн түмүктэннэ.