Ытыктыыр киһибит, хомус уһулуччулаах пропагандиһа,
«Дьүрүл» хомусчуттар норуодунай ансаамбылларын төрүттээччи
Дмитрий Иванович Кривошапкин
бу дьыл ахсынньы 13 күнүгэр ыарахан ыарыыттан күн сириттэн барбытынан бары аймахтарыгар, үөлээннээхтэригэр, биир идэлээхтэригэр дириҥ кутурҕаммытын биллэрэбит, аһыыгытын тэҥҥэ үллэстэбит.
Кини эркээйилээбит олоҥхотун, тойугун, ырыатын, алгыһын, оһуохайын, хомуһун утумнуур кэнчээрилэрэ «Дьүрүллэртэн» тахсыбыттара. Саха норуотун духуобунай култууратыгар киллэрбит сүдү кылаатын дьон-сэргэ умнуо суоҕа. Дмитрий Иванович сырдык мөссүөнэ биһиги өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр куруук тыыннаах сылдьыаҕа.
Аан дойдутааҕы Хомус түмэлин уонна киинин кэллэктиибэ