Томпо улууһун Кириэс Халдьаайытыгар олохтоох Сахасталина Гаврильевна Колесоваҕа Хомус түмэлин үлэһиттэрэ аат-ааттаан, экэспэдьииссийэ тэрийэн, 2018 сыл ахсынньытыгар айаннаабыппыт. Эрдэ болдьоспуппут быһыытынан, Сахасталина Гаврильевна Кириэс Халдьаайыттан Хаандыгаҕа киириэхтээҕэ. Л. М. Борисова тэрийэр тэрээһинигэр кыттыахтааҕа. Дьэ ол тэрээһиҥҥэ түбэһиннэрэр гына эрдэттэн кэпсэтии ыыппыппыт. Дьокуускайтан сарсыарда эрдэттэн турунан баран, Хаандыгаҕа күнүс 3 чаас диэки тиийбиппит. Устар бөлөх чааһынай гостиница биир хоһугар бэлэмнэнэн, камерабытын туруоран, олохпутун оҥостон, Сахасталина Гаврильевна кэпсээнин устан саҕалаабыппыт.
Сахасталина Гаврильевна оччолорго Кириэс Халдьаайы интэринээтигэр сэбиэдиссэйдиир этэ. Үнтөрбүүнү камераҕа Э. П. Алексеев устубута. Онон, Сахасталина Гаврильевна кэпсээнэ, ырыата-тойуга, хомуһа видеоҕа хайдах уһуллубутунан сурукка тиһилиннэ.
Олоҕун кэпсээнэ. 1934 сыллаахха сэтинньи 25 күнүгэр төрөөбүтүм. Билигин 84 саастаахпын. Былыр мин оҕо эрдэхпинэ, биһигини кытта Кириэс Халдьаайыга ыаллыы оҕонньордоох эмээхсин олорбуттара. Дьадаҥы баҕайы этилэр. Биирдэ ыалбыт эмээхсин биһиэхэ киирэн, сыҥаһа ороҥҥо олордо. Мин 7 саастаахпын. Бэйэтэ тикпит кыһыл халадаай ырбаахытын сиэбиттэн, хомус таһааран тыаһатта. Тугу тардыбытын өйдөөбөппүн. «Тимири хайдах охсоро эбитэ буолла?» – диэн интэриэһиргээн көрөбүн. Чэйдээн баран тахсыбыта. Бу ыаллар сотору соҕус буолан баран, баһаарга өлөөхтөөбүттэрэ. Билигин ол хомус ханна тиийбитин билбэппин. Ол кэнниттэн кэлин, улаатан баран, 19 сааспар хомус баарын билбитим. Мин төрдүм ууһун атын омуктартан саҕаламмыт. Аҕам Баайаҕаттан төрүттээх эбит. Репрессияҕа түбэһэн, хаайыыга барбыт. Ийэм ол кэннэ сотору өлбүт. Онон тулаайахпын. Ийэм эдьиийигэр иитиллибиппин. Эдьиийим кэргэнэ күөртэнэн хайаан уһанара. Ити 1945-1946 сыллардаахха. Мин төрүттэрбэр хомусчуттар суохтар. Ийэм ыарыһах буолан, хомустаабат этэ. Биһиги диэки тимир уустара бааллара эрээри хомуһу охсоллорун билбэппин. Атын туттар тэриллэри, тиэхиньикэни оҥорор этилэр.
Хомуска бастакы уһуйуллуу. Мин Лука Турнины 1953 сыллаахха көрбүтүм. Оччолорго 19 саастаах этим. Кини Кириэс Халдьаайы олохтоох кулуубугар худругунан үлэлии кэлбитэ. Оччолорго таҥас-сап да суоҕа. Эгэ хомус кэлиэ дуо?! «Самодеятельноска кытын», – диэбиттэрэ. Лука Турниҥҥа эрэ хомус баара. Онтон хантан эрэ хомус булан аҕаллылар. Лука Турнин хайдах тутарга, хайдах охсорго үөрэттэ. «Хомуһу тииһиҥ икки ардыгар тутан баран охсуохтааххын, бастаан тыас таһаарыахтааххын», – диэн үөрэттэ. Бэйэтэ ыллаабыт ырыаларын, оһуохайын тылын лиискэ суруйан биэрбитэ. Бастаан утаа ырыа матыыбын үөрэтэн эрэ баран, тардан барбыппыт. «Бытааннык сыыйа, ырыа тыла иһиллэр гына тардыахтааххыт», – диирэ. «Хомус биһилэхтээх, тыллаах, чыычаахтаах», – диэн хомус чаастарын үөрэппитэ. Тиит хаппыт лабахайыттан (дабархай) ыас ыстаан баран, чыычааҕын төбөтүгэр сыбаатахха, тыаһа уларыйар диэн көрдөрөр, сүбэлиир этэ. Били оҕо сылдьан көрбүт, хомуһун тыаһын истибит эмээхсиммэр хомуһун чыычааҕа ыастаах этэ. Дьэ ити курдук үөрэнэн, хомуспутугар ырыаны-тойугу таһаарар буоллубут. Алдан өрүһү туораан, Мэҥэ Алдаҥҥа, Саһыл учаастагар, отчуттарга кэнсиэр көрдөрө бардыбыт. Эбиэттэрин кэмигэр олорор дьиэ кэнниттэн тахсан, кэнсиэр көрдөрөбүт, байаана суох ыллыыбыт. Кыһынын тулуупка суулунан баран эмиэ нэһилиэктэринэн кэнсиэр көрдөрө айанныыбыт. Кыһын агитбиригээдэҕэ элбэх буолабыт. 10-нуу хонукка, нэдиэлэ устата барабыт. 1953 сылтан билиҥҥэ дылы агитбиригээдэҕэ кыттан кэллим.
Л. Н. Турнин хомуска үөрэтэр ньымата. Билигин даҕаны Лука Турнин үөрэппитинэн эрэ хомуска тардабын. Хомуска тардаргар тылгын араастаан хамсатан: таҥалайга таарыйан, икки омурдугар хардары-таары тиэрдэн, тылгын иннинэн-кэннинэн хамсатан оонньуугун. Дьүрүһүтүүнү таһаарарга ии-ии-ии, оо-оо-оо, ля-ля-ля, ло-ло-ло дорҕооннору таһааран тардаҕын.
Л. Н. Турнин ырыалара. Олус үчүгэйдик ыллыыра. Хайдах эрэ илигирэс куоластаах этэ. «Татыйык», «Тус илин» диэн ырыалары ыллыыра. «Тус илин, тус илин Тумаракам туллуга, Тус илин, тус илин» диэн тыллардааҕа. Өйдөөн хаалбытым ити эрэ. «Тус илин» диэн ырыатын анаан-минээн үөрэппэтэҕим. Оттон «Татыйык» ырыаны маннык ыллыыра:
Килбиэн күөхтээх ойуурга
Көрдөөх ырыа күөрэйдэ,
Мотуок солко мутукча
Нуоҕалдьыйа хамсаата.
Кэрэ дойду чыычааҕа
Чопчу саҕа бэйэтэ
Намчы-намчы лабааҕа
Тырыбынаан түспүтэ .
Тардыы көмүс кынатын
Тырып-ирип хомунна.
Хардастыгас тумсунан
Хамсыы-хамсыы ыллаата.
Татыйыгым чыычааҕым
Дьыдьыгырас куоластаах,
Чопчу саҕа бэйэтэ
Кэпсээн кэпсиир быһыылаах.
Ааҕааччыга туһаайан быһаара түһэр буоллахха, «Татыйык – талаҕым чыычааҕа» диэн Михаил Доҕордуурап тылыгар, Лука Турнин матыыбыгар ырыа урут киэҥник биллэр ырыалар ахсааннарыгар киирэрэ. Бу ырыаны 1939 сыллаахха композитор Марк Жирков нотаҕа түһэрбитэ биллэр. 1947 сыллаахха Татьяна Полятинская Чөркөөххө Лука Турнинтан истибитин ахтыытыгар маннык суруйбута: «… Ис-иһиттэн долгуйан ыллыы турдаҕына, аттыгар үөккэ араҕас түөстээх талах чыычааҕа, быыкаа бэйэтэ айаҕын ата-ата, «чыып-чаап» диэбитин наһаа дьиктиргээбиппит. Лука Николаевич ону истэн, чыычааҕы көрө-көрө кыҥначчы туттан туран ырыатын ыллаан бүтэрбитэ. Чыычааҕа тута «чырып» гынаат, көтөн хаалбыта. Хайдах эрэ дьикти баҕайы этэ», – диэбиттээх.
Оһуокай. Сахасталина Гаврильевна норуот ырыатын, оһуокайы таһаарар чөллөркөй, ыраас, күүстээх куоластаах ырыаһыт. Бэйэтэ бэлиэтээн ааспытын курдук, эдэр эрдэҕиттэн ырыаһыт, оһуокайдьыт. Урут араадьыйаттан эбэтэр магнитофонтан тойугу, оһуохайы үөрэтэр эбит. Онон, оһуокай тылын биэрэбит.
Саргы-дьаалы аргыстаах
Саха омук үҥкүүтүн
Оһуокайдыыр оонньууну
Олохтуоҕуҥ, доҕордоор!
Доҕуһуоллаах тойукпут
Тумул аайы чоргуйдун,
Үтүө ыалдьыт дьоммут
Үөрүүлэрэ үксээтин.
Өбүгэлиир дьоннорбут
Үгүс элбэх үйэлээх
Үгэстэрин үөдүтэн,
Оһуокайдыыр оонньууну
Олохтуоҕуҥ, доҕоттоор!
Эһиэкэйдиир оонньууну
Сайыннарыах, доҕоттоор!
Оһуон-оһуон оһуокай,
Олохтоннун оһуокай,
Эһиэн-эһиэн эһиэкэй,
Элэстэннин эһиэкэй.
Хомус туһунан. Мин өйдүүрбүнэн, хомус охсор уустар эрдэ суохтара. Лука Турнин баарына үс хомуһу Кусчуутап диэн киһи буускап хотуур элэйбит биититтэн быһан ылан тыллыыр этэ. Билигин Мэҥэ Алдаҥҥа Рудых Александр хомус охсор. Урут хомус чыычааҕар ыас сыбыыллар этэ. Оччоҕо тыаһа уларыйар. Билигин мас ыаһын ыстыыр киһи суох. Билиҥҥи хомуһу үрдүк эбэтэр намыһах тыастаах гына оҥороллор. Мин: «Өбүгэлэрбит үгүс элбэх үгэстэрин үйэтитиҥ», – диэн алҕаан туран сиэннэрбэр кэлиҥҥи хомустары атыылаһан ылан бэлэхтээбитим.
«Хомус эмтээх», – диэн этэллэрин истэрим. Ньиэрбэҕин уоскутар, ис уоргаҥҥар дьайар диэни. Билигин хомус олус сайынна, сири-сибиири бараата, үйэтэ уһаата. Ытыс иһиттэн тахсан, ыраах тэлэһийэн, эйгэтэ кэҥээтэ. Дорҕооно өспөт диэн өйдүөххэ наада. Хомуска үлүһүйэн туран оонньуохха наада. Мин 1953 сылтан ылата ансаамбылга киирэн кыттабын. Соҕотоҕун оонньообоппун. Л. М. Борисова ахсыс кылааска сылдьан, 15-16-ҕар миигиттэн хомус тардарга үөрэммитэ. Кини Кириэс Халдьаайы оскуолатын саха тылын учууталын Гаврил Кириллович Павловы үөрэппитэ. Онтон кини элбэх оҕону хомуска уһуйбута. Ити курдук салҕанан бара турдаҕа. Былыр хомуска дьахталлар эрэ тардаллара. Эр дьоннор бултаан-алтаан, тыанан-таһырдьанан сылдьан үлэлиир буоланнар, хомус тардыбат буолуохтаахтар диэн мин өйдүүбүн. Билигин эр дьоннор олус үчүгэйдик хомус тардаллар. Тыыннара уһун, үчүгэй буолуо.
Урукку хомус билиҥҥи курдук кылабачыгас буолбат, дьэбиннээх эҥин буолар. Били эмээхсин хомуһа намчы, кыра этэ. Улахан хомустары 1970-с сыллардаахха охсо сылдьыбыттара. Дьокуускай куораттан атыылаһан таһаарбыттара. Ону биһиэхэ уларсар буолаллара. Мас, икки тыллаах хомустар бааллар. Тыастара хойуу, тыла кытаанах буолара. Билигин тардар хомуһум тыаһын сөбүлүүбүн. Музыкальнай оскуолаҕа үөрэппит оҕолорум 75 сааспын туолар үбүлүөйбэр куораттан атыылаһан таһааран бэлэхтээбиттэрэ. Ким охсубутун билбэппин. Кэлин Кириэскэ Комиссаров Гаврил хомус охсоро. Музыкальнай оскуолаҕа үлэлии сылдьыбыта. Хомуһун тыаһа кэлин тупсубут.
Хомус охсор ураты ньыма. Иитиллибит дьоммор ыалбыт эмээхсин киирэн, сыҥаһа ороҥҥо олорон эрэ хомустуура диэтим. Оттон мин сыҥаһа орон баһыгар сыҥаахпынан өйөнөн олорон интэриэһиргээн истэрим. Били эмээхсин хомустууруттан өйдөөтөхпүнэ, арба, көхсүн этитэн охсоро (хомуһугар охсон көрдөрөр). Хм-хм диэн хомуһун тыаһын кытта тэҥҥэ көҕүс тыаһа иһиллэр этэ. Хомус этитэр диэн эмиэ баар эбит. Муодарҕаан иһиллиир этим. Ону мин сатаан үтүктүбэт эбиппин.
Хомус тардыыта. Искэр ыллыыр курдук тардаҕын. (Хомуска тардан көрдөрөр). «Оһуокайдыыр оһуокай… нуоҕалдьыйа хамсаата…», – диэн иһиллэр дии (хомуска тардар, ытыһын кырыытынан хардары-таары охсор). Табыгыратар этибит. Төттөрү-таары охсор этибит. Ол кэнниттэн ытыс кырыытынан охсоҕун. Бу курдук хардары-таары охсоҕун (охсон көрдөрөр).
Сиэрдиир аппын миинэммин,
Сэгэрдэрбэр тиийиэҕим,
Хара аппын миинэммин,
Хара тыаҕа тиийиэҕим,
Үөмэр-чүөмэр үктэнэн,
Үөрэ-дьүөрэ үктэнэн… (ырыа тылын салгыытын умнан кэбиспит).
Былыргы ырыа тылын хомуска тардан иһитиннэрэр.
Тапталы хоһуйсуу. Былыр бэйэ-бэйэлэрин хоһуйсаллара үһү. Холобур, «Маҥан баттах оҕонньор» туһунан ырыа кэрчигэ Лука Турнин туһунан Е. П. Чехордуна таһаартарбыт «Улуу хомусчут, ырыаһыт, үҥкүүһүт Лука Турнин» кинигэтигэр баар. Онно этиллэринэн, «Бу ырыаны Эдуард Алексеев сахалыы ырыа-тойук дорҕоонун дьүөрэтин наардааһыныгар эр киһи-дьахтар туойсарыгар холобур быһыытынан туһаммыт. Ырыа ис хоһооно үгэ-хоһоон быһыытынан кырдьан бүдүгүрбүт күтүөт киһиэхэ кини холооннооҕо буолуохтаах кыыс туһунан буолар» диэн этиллэр.
- Маҥан баттах оҕонньор
Маҥанныыра биэлэриҥ
Бараахтыыра буолла дуу?
- Барыахайа кэрэтин
Бакаайылааммын туттум, хотуок!
Бакаайылааммын туттум, хотуок!
Сахасталина Гаврильевна: «Мин бэйэм хоһуйан көрбөтөҕүм. Арай дьахталлар сэриигэ барбыт эр дьоннорун санаан, итинник ыллыылларын истэрим», – диэн бэрт сэдэх, умнуллубут ырыаны өйдүү сылдьарын ыллаан иһитиннэрдэ. Өссө: «Ити ырыаны хомуска тардабын», – диэн баран, хомуска тардан иһитиннэрдэ.
Күнүскү эбиэккэ
Көлүччэҥ уутугар
Күлүккүн-дьүһүҥҥүн
Көрөммүн хайҕаатым,
Эдэрбин-сэгэрбин
Эт туппут эбиппин.
Сэриигэ сылдьааччы
Сэгэрбин санаатым.
Өссө биир кылгас ырыаны билэбин эрээри, маннааҕы дьоннор иһиттэхтэринэ өһүргэниэхтэрэ дии саныыбын. Арай ханна да таһаарбат буоллаххытына, ыллыам. Онон, Сахасталина Гаврильевнаттан көҥүл ыламмыт, кылгас да буоллар, норуот дьикти-кэрэ түгэни дьээбэҕэ хоһуйан кэбиспит түгэнин сурукка тиһэн, эһиги дьүүлгүтүгэр таһаарабын.
Сэмэн сэгээр оҕото
Сэмэлдьитэр Сэмэнчик
Түннүгүнэн түспүтэ,
Түлүк уубун көтүттэ.
Сахасталина Гаврильевна күлэ түһэн баран: «Интэриэһинэй дуо? Ханна да таһаарымаҥ», – диэбитэ. Онтон тохтуу түһэн баран, иккис барыйаан курдук, өссө көннөрөн дуу, тупсаран дуу ыллаабыта:
Түүнүкүбүт оҕото
Сэгэлдьитэр Сэмэммит
Түннүгүнэн түспүтэ,
Түлүк уубун көтүттэ.
Ити ырыаны Ичигэс диэн пиэрмэҕэ дьахталлар, дайааркалар сэриигэ барбыт сэгэрдэрин хоһуйан ыллыылларын истибитим, төбөбөр хатанан хаалбыт.
Тополинайга ыһыахха тахса сылдьан, К. Д. Уткин тылларыгар, Тихонова матыыбыгар «Ыллыы сылдьыах» диэн ырыаны ылаабытым. Ол ыһыахха К. Д. Уткин тахса сылдьар этэ. Миэхэ сүүрэн кэлэн: «Мин ырыам», – диэбитэ.
Ымыы курдук
Ыллыы сылдьыах,
Ыраах-чугас
Дайа-көтүөх,
Күлэн-оонньоон
Көҥүл туойан,
Күөххэ тахсан,
Күнү сырсыах.
Эйэн-тэбэн,
Ойон-тэбэн
Оһуор анньан,
Оһуокайдаан бара туруох,
Эгий-дугуй үктэнэн
Эһиэкэйдээн бара туруох.
Саргы курдук
Сырдыы сылдьан,
Сахам сирин
Ыллыы сылдьыах…. (салгыы тылын умнубут).
Хомус ансаамбылыгар тардыы уратыта. Ансаамбылга оонньуурга бастаан саҕалыыр киһи биирдэ эбэтэр иккитэ охсон бэлиэ биллэрэр, оччоҕо атыттар сыыйа киирэллэр. Урут хомус ансаамбылыгар ырыалаах буолара. Холобур:
Сарсыарда саһарҕа
Сандааран дьэргэйдэ,
Ырыалар-тойуктар
Ытыллан бардылар.
Эһиэкэй-оһуокай,
Эһиэкэй-оһуокай.
Ансаамбылга мин сололыыбын, атыттар тэҥҥэ охсоллор. Оччоҕуна наһаа үчүгэйдик иһиллээччи (хомуска ити ырыаны тардан иһитиннэрэр). Билигин ырыата суох, наар хомуһунан тардаллар. Ырыа тыла суох эмиэ оонньуугун. Ону куолайгын хамсатан тардаҕын.
Былыргы ырыа-тойук. Лука Турнин бу ырыаны ыллыыр этэ. Аата «Киэһэ дьиэбэр таарыйан» диэн. Бастаан ити ырыаны хомуска оонньуур этибит.
Киэһэ дьиэбэр таарыйан,
Киирэн кэллэ Даарыйа.
Кэрэ-сонун бэрт элбэх
Кэпсиим, олор, кэл, бэттэх.
Күлэр-үөрэр хараххын
Көрөн күүскэ таптаатым,
Толбон көмүс баттаххын
Туран оргууй тараатым.
Ини и-о-о, ини и-о,
Ини и-о-о, ини и-о,
Ини и-о-о, ини и-о,
Ини-и-о-о, ини и-о.
Марина Попова ырыатын магнитофонтан үөрэтэммин эмиэ ыллыырым.
Үрүҥ күн күлэрин тухары,
Үс саха үөскүүрүн тухары
Дьоллордоох-соргулаах,
Сүрэхпэр ырыалаах
Хайаан да мин манна кэлиэҕим,
Хайаан да мин манна кэлиэҕим.
Көмүс күн муораттан тахсыыта,
Күөх чэчир чэгийэ тыллыыта,
Мин хомус тутуурдаах,
Мин ырыа кынаттаах
Хайаан да мин манна кэлиэҕим,
Хайаан да мин манна кэлиэҕим.
Толбурҕа (добдурҕа) ыытылла да турдун,
Ардах уу сукулла тоҕуннун
Кэнчээри ыччаты,
Кэскилгэ ааҕаары
Хайаан да мин манна кэлиэҕим,
Хайаан да эргиллэн ааһыаҕым.
«Толуу астаах туораҕым» диэн өрдөөҕү ырыаны билэбин», – диэн баран ыраас куолаһынан ыллаан барар:
Илгэ төрдө буолаары
Ийэ буорга түһэҕин,
Дьоллоноору-үөрээри
Мин эйигин ыһабын.
Толуу астаах туораҕым,
Толуу астаах туораҕым.
Сирин сиигин иҥэрэн
Ситэн-уһаан тахсыаҕыҥ,
Күлүм күҥҥэ тардыһан,
Күөх да киистэ тардыаҕыҥ
Толуу астаах туораҕым,
Толуу астаах туораҕым.
Онтон аны куолаһыҥ
Арыы саһыл ас кутуо,
Көмүс муора бу манна
Күөгэлдьийэ долгуйуо.
Толуу астаах туораҕым,
Толуу астаах туораҕым.
Онно саҥа санааны
Саҥа күүһү сомсуохпут…
Сахам сирин сайынын
Үлэ дьолун туойуохпут.
Толуу астаах туораҕым,
Толуу астаах туораҕым.
Толуу астаах туораҕым,
Толуу астаах туораҕым.
Дьэ ити курдук, Байаҕантай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Үөрэҕирии бочуоттаах бэтэрээнэ, саха ырыатын-тойугун, хомуһун, оһуокайын алгыстаах уһуйааччыта Сахасталина Гаврильевна Колесованы кытта көрсүһүү 2018 сыллаахха буолбута. Онуоха кини норуокка умнуллан эрэр, сэдэх, былыргы ырыаны-тойугу, туойсууну билэрэ, ону истээччигэ сатабыллаахтык, ис санаатыттан тиэрдибитэ, биһиэхэ, чинчийээччилэргэ, сомоҕо көмүһү булбут курдук сананарбытыгар төрүөт буолар. Маны таһынан, кини 1972 сыллаахха Күөх экраҥҥа уһуллубут хаартыскаларын, үөрэнээччилэриттэн бэлэхтэппит хомуһун, өр сыллаах ахтыытын кытта барытын холбуу тутан, Хомус түмэлигэр бэлэхтээбитэ. Ол матырыйааллар кэмиттэн-кэмигэр Хомус түмэлин сүрүн пуондатыттан дьон-сэргэ билиитигэр-көрүүтүгэр тахсан иһиэхтэрэ.
Слепцова Е. П., Хомус түмэлин үлэһитэ
Дьокуускай, 09.02.2022 с.