Саһарбыт хаартыска тугу кэпсиир?
«1957 с. Москваҕа сылдьыбыт хомус ансаамбылын кыттыылаахтара» хаартысканан сирдэтэн көрөн оҥоһулунна.
Хаҥас кынат. Хаҥастан уҥа олороллор:
- Протодьяконова (Полятинская) Татьяна Никитична 1930 сыллаах төрүөх. Оччолорго «Ленин» аатынан колхоз комсомольскай тэрилтэтин босхоломмут сэкэрэтээрэ. Саккырыырга комсомол райкомугар отдел сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1958 сыллаахха Дьокуускайдааҕы советскай партийнай оскуолаҕа киирэр. Онно үөрэнэ сылдьан кэргэн тахсар. Үөрэҕин бүтэрээт, кэргэнин дойдутугар Кэбээйигэ тиийэн, совхозка зоотехнигынан, онтон Тыайаҕа биригэдьиир-зоотехнигынан үлэлиир. Республикатааҕы тыа хаһаайыстыбатын специалистарын бастакы съеһин делегата, саһыл ферматын сэбиэдиссэйинэн таһаарыылаахтык үлэлээн, коллективка «Коммунистическай үлэ ударнига» аата иҥэриллэр. Партийнай кэмитиэт сэбиэдиссэйинэн эмиэ үлэлиир. Норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Кэбээйи улууһун бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ. Оҕолоро:
а) Протодьяконов Михаил Александрович, 1953 сыллаах төрүөх. Саха государственнай университетын саха салаатын бүтэрбитэ. Тааттаҕа Игидэй нэһилиэгин олохтоох сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, нэһилиэк баһылыгынан, СПТУ дириэктэринэн (1994-1999) үлэлээбитэ. 1999-2000 сылларга Таатта улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы, улуус норуот депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. 2002-2012 сылларга Таатта улууһун баһылыга, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин, культуратын уонна профессиональнай техническэй үөрэхтээһин туйгуна. Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо. Билигин пенсияҕа олорор.
б) Полятинскай Иван Михайлович, 1960 сыллаах төрүөх. Саха тылын уонна литературатын учууталынан, кэлин суоппарынан үлэлээн баран, билигин урбаанньыт. Дьокуускайга олорор.
в) Слепцова Наталья Михайловна, 1962 сыллаах төрүөх. 3 №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа лучевой диагностика отделениетын сэбиэдиссэйэ, үрдүк категориялаах рентгенолог быраас, медицинскэй наука кандидата. СВФУ медицинскэй институтун доцена, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх бырааһа, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин доруобуйа харыстабылын туйгуна. Дьокуускайга олорор.
г) Полятинская Анна Михайловна, 1965 сыллаах төрүөх. Нуучча тылын уонна литературатын 1-кы категориялаах учуутала. 26 сыл оскуолаҕа учууталынан үлэлээбитэ. Билигин оҕо уһуйааныгар тьюторынан үлэлиир. Дьокуускайга олорор.
д) Полятинскай Михаил Михайлович, 1968 сыллаах төрүөх. «Алмааһы кырыылааччы» (Огранщик алмазов в бриллианты) дипломнаах. Саха сирин алмааһы кырыылыыр собуотугар үлэлээбит. Билигин Москва куоракка вахтовигынан үлэлиир. Дьокуускайга олорор.
2. Захарова Мария Гаврильевна, 1936 сыллаах төрүөх. «Труд» холкуос үлэһитэ. Соҕотох уола Сокольников Василий Егорович авиация үөрэҕи бүтэрэн баран, ханна эрэ хоту оруйуоҥҥа үлэлии барбыта. Манна кэлбэтэх.
3. Луковцева Февронья Егоровна, 1929 сыл төрүөх. Сэрии инбэлиитин огдообото, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин II-с Наахара нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо. Кулууп, библиотека, оҕо саадын сэбиэдиссэйдэринэн Тааттанан, Мэҥэ Хаҥалаһынан үлэлээбитэ. Үйэтин тухары общественнай үлэ кини санныттан түспэт этэ: дьахтар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, норуодунай хонтуруол кэмитиэтин чилиэнэ, олохтоох сэбиэт дьокутаата, кырдьаҕастар кулууптарын салайааччыта курдук үлэлэргэ хамнастаах үлэтин таһынан үлэлиирэ. Коммунистическай баартыйа чилиэнэ, уус-уран самодеятельность актыыбынай кыттыылааҕа, ырыаһыт бастыҥа, испэктээктэргэ оонньуура, хомусчут бэрдэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах кырдьаҕаһа бэлиэ хаһаайката, өрөспүүбүлүкэ култуураҕа, үөрэхтээһиҥҥэ министиэристибэлэрин бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта. Оҕолоро:
а) Кривошапкина (Луковцева) Людмила Иннокентьевна — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Рыбнадзор салалтатын уонна айылҕа харыстабылын министиэристибэтин кадрга отделыгар түөрт уон алтыс сылын үлэлиир. Дьокуускайга олорор. Айылҕа харыстабылын туйгуна, бэтэрээнэ, бочуоттаах үлэһитэ.
б) Степанова Октябрина Иннокеньевна — юрист, финансист, Мэҥэ Хаҥалас ЖКХ салалтатын кадрга отделын начальнигынан үлэлээбитэ, ЖКХ, профсоюз үлэтин бэтэрээнэ, Дьокуускайга олорор.
4. Тихонова Лидия Ивановна, 1938 сыллаах төрүөх. Үйэтин тухары балыыһаҕа медицинскэй сиэстэрэнэн үлэлээбитэ. Бастаан Чөркөөххө, онтон Ытык Күөлгэ олорор. ССРС культуратын туйгуна. Кэлин улуус бэтэрээннэрин хорун кэллэктиибигэр киирэн үҥкүүлээбитэ. Оҕолоро:
а) Тихонова Галина Пантелеймонова — оҕо саадын сэбиэдиссэйэ. Ытык Күөлгэ олорор.
б) Мартынов Иван Пантелеймонович – МВД подполковнига, пенсионер. Дьокуускайга олорор.
в) Мартынов Геннадий Пантелеймонович полицияҕа үлэлээбит. Билигин пенсионер, быстах суоппардыыр. Ытык Күөлгэ олорор.
5. Афанасьева Мария Алексеевна, 1933 сыл төрүөх. Эдэригэр Ытык Күөллээҕи промкомбинат столяра. Сааһыран баран улуус, нэһилиэк дьаһалталарыгар түүҥҥү харабыл буолар, атах таҥаһын тигээччи, тыыл, үлэ, сцена бэтэрээнэ.
а) Афанасьев Афанасий Дмитриевич – артыыс, үҥкүүһүт. Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа. Саха судаарыстыбаннай циркэтин хореографа. Дьокуускайга олорор.
б) Афанасьева Валентина Дмитриевна – Табаҕа музыкальнай оскуолатын хореограба.
в) Афанасьев Дмитрий Дмитриевич — Ытык Күөлгэ олорор, хачыгаар.
6. Афанасьева Евгения Петровна, 1938 сыллаах төрүөх. Кэлин «Абырал» санаторийга администраторынан үлэлээбитэ. Дьокуускайга олорор. Биир уоллаах сурахтааҕа. Ханна үлэлиирин, аатын билбэппин. Сибээстэспэппит.
Иккис эрээккэ тураллар, хаҥастан уҥа:
- Егоров Арастал Гаврильевич, 1938 сыллаах төрүөх – МТС тырахтарыыһа. Оҕолоро:
а) Дедюкина Наталья Арасталовна — 1961 сыллаах төрүөх. Атыыһыт, Ытык Күөлгэ олорор.
б) Большакова Марианна Ивановна — 1960 сыллаах түрүөх. Саха телекомҥа үлэлээбитэ, билигин предприниматель, Ытык Күөлгэ олорор.
в) Софронова Сардана Арасталовна — Россельхоз банк кассира. Ытык Күөлгэ олорор.
г) Егорова Айталина Арасталовна – МЧС баһаарынай часть диспетчэрэ. Ытык Күөлгэ олорор.
2. Сосин Дмитрий Спиридонович, 1934 сыллаах төрүөх – Кулууп директора. Оҕолорун билбэппин.
3. Варламов Иван Николаевич, 1937 сыллаах төрүөх. «Ленин» аатынан холуос оробуочайа.
а) Варламов Дмитрий Иванович – ЖКХ хачыгаара, Ытык Күөлгэ олорор.
б) Варламова Матрена Ивановна – Ытык Күөл киин балыыһатын санитарката, Ытык Күөлгэ олорор.
в) Варламов Егор Иванович – Бааһынай хаһаайыстыба үлэһитэ, Кыйыга олорор.
г) Варламов Иван Иванович – Кыйыга олорор, сылгыһыт.
4. Мурунов Егор Дмиртиевич, 1925 сыллаах төрүөх. Ытык Күөл орто оскуолатын учуутала . Намҥа олорон, олохтон туораабыта.
а) Баишева (Мурунова) Наталья Егоровна — Дьокуускайга ханнык эрэ колледж преподавателэ.
б) Васильева (Мурунова) Людмила Егоровна – Намнааҕы И. Е. Винокуров аатынан оскуола учуутала.
в) Мурунов Анатолий Егорович – Полярнай авиалиния үлэһитэ.
5. Андросов Андрей Андреевич, 1936 сыллаах төрүөх. Оччолорго Дьохсоҕон нэһилиэгин кулуубун сэбиэдиссэйэ, кэлин Ытык Күөлгэ музыка оскуолатыгар баян кылааһын преподавателэ, кулууп баяниһа, СССР култууратын туйгуна.
а) Бойлохова (Андросова) Любовь Андреевна – Үөһээ Бүлүүгэ математика учуутала, пенсионерка.
б) Попова (Андросова) Надежда Андреевна – Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрсиэт Култуурунай киинигэр хореограф. Дьокуускайга олорор.
в) Андросова Вера Андреевна – иистэнньэҥ, пенсионерка. Ытык Күөлгэ олорор.
г) Андросова Лира Андреевна – Ытык Күөл эт-үүт кэмбинээтин, ЖКХ кадровай отделын салайааччыта, билигин атыыһыт. Ытык Күөлгэ олорор.
6. Жегусов Иван Иванович, 1937 сыллаах төрүөх. «Ленин» аатынан холкуос оробуочайа, киномеханик.
а) Жегусова Туяра Ивановна — учуутал, Дьокуускайга олорор.
б) Большакова Александра Ивановна – Чөркөөххө олорор, оҕо уһуйааныгар техническэй үлэһит.
7. Андросова Мария Степановна, 1936 сыллаах төрүөх – РК ВЛКСМ уопсай отделын салайааччыта, алын кылаас учуутала, Таатта олохтоох сэбиэтин сэкэрэтээрэ. Өр сылларга Таатта улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэтэрээнэ.
а) Бойлохова (Андросова) Любовь Андреевна – Үөһээ Бүлүүгэ математика учуутала, пенсионерка.
б) Попова (Андросова) Надежда Андреевна – Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрсиэт Култуурунай киинигэр хореографтыыр. Дьокуускайга олорор.
в) Андросова Вера Андреевна – иистэнньэҥ, пенсионерка. Ытык Күөлгэ олорор.
г) Андросова Лира Андреевна – Ытык Күөллээҕи эт-үүт кэмбинээтин, ЖКХ кадровай отделын салайааччыта, билигин атыыһыт. Ытык Күөлгэ олорор.
8. Турнин Лука Николаевич, 1917 сыллаах төрүөх. Култуура дьиэтигэр инструктар. Бу иннинэ хоту оруйуоннарга үлэлээн, хотугу норуоттар култууралара сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаах. «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьан кавалера, Өрөспүүбүлүкэ култуураҕа үтүөлээх үлэһитэ. Оҕолоро:
а) Турнин Валентин Лукич – электрик идэлээх, пенсионер, Ытык Күөлгэ олорор.
б) Соломонова (Турнина) Ираина Лукинична — Дьокуускайга олорор, үлэлиир.
Уҥа кынат бастакы эрээт, хаҥастан уҥа:
- Турнина Анастасия Ильинична, 1931 сыллаах төрүөх. Оройуоннааҕы балыыһаҕа биэлсэринэн үлэлээбитэ. Элбэх бэстибээллэр кыттыылаахтара, СССР култууратын туйгуна . Оҕолоро:
а) Колпашникова Любовь Титовна — Дьокуускай куоракка олорор, донордартан хаан ылааччы сиэстэрэ.
б) Колпашникова Ньургустана Титовна – урут Райпо бэрэдэбиэһэ, пенсионерка, аҕатын көрөр .
в) Нестерова Сардана Титовна – Ытык Күөлгэ балыыһа лабораториятыгар лаборант. Ытык Күөлгэ олорор.
2. Федорова Мария Романовна, 1936 сыллаах төрүөх. Оччолорго Уус-Амма олохтоох сэбиэтин сэкэрэтээрэ этэ. Бэстибээл кэнниттэн ханна эрэ хоту оройуоҥҥа барбыт. Оҕолорун, кэнники олоҕун билбэппин.
3. Амма оройуонун тетята. Аатын-суолун билбэппин. Наар биһиги ансамбылбытыгар кыттыһа сылдьааччы.
4. Муксунова (Кладкинова) Евдокия Александровна, 1936 сыллаах төрүөх. Оччолорго «Ленин» аатынан холкуос ньирэй көрөөччүтэ. Кэлин оҕо уһуйаанын иитээччитин үөрэҕин бүтэрэн, Муомаҕа оҕо саадын сэбиэдиссэйинэн, иитээччитинэн үлэлээбит. Онтон Дьокуускайга кэлэн баран олохтон туораабыта. Оҕолоро:
а) Муксунов Дмитрий Дмитриевич – врач офтальмолог, Свердлова уулуссаҕа турар №45 Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа дириэктэрин солбуйааччы. Дьокуускайга олорор.
б) Муксунов. Өссө биир уол баар буолуохтаах, ону билбэтибит.
Иккис эрээт, хаҥастан уҥа тураллар:
- Байбаллыков Константин Михайлович, 1927 сыллаах төрүөх. Таатта тыатын хаһаайыстыбатын лесничэйэ, сэрии бэтэрээнэ. Дьокуускайга олорбута. Оҕолоро:
а) Байбаллыков Семен Константинович. Дьокуускайга олорор. үлэтин билбэтим, электроинженер этэ.
б) Байбаллыков Александр Константинович – суоппар, Дьокуускайга олорор.
- Егоров Августин Васильевич, 1937 сыллаах төрүөх. МТС-ка тырахтарыыс этэ. Кэлин үөрэнэн, «Холбоско» үлэлиир сурахтааҕа. Сибээспит суох. Куоракка олорор этэ.
- Решетников Лука Михайлович, 1929 сыллаах төрүөх. Техник-тутааччы. Кэлин ханна олорбутун, ханна үлэлээбитин, хас оҕоломмутун билии суох.
- Салгынов Семен Федотович, 1934 сыллаах төрүөх. Үйэтин тухары Ытык Күөл промкомбинаын оробуочайа. Оҕолоро:
а) Салгынов Станислав Семенович – Ытык Күөл 1 №-дээх орто оскуолатын музыкаҕа учуутала.
б) Салгынов Федот Семенович – Ытык Күөл 2 №-дээх оскуолатыгар машиноведение учуутала.
в) Салгынова Мария Семенович – ханна баарын билбэтим.
Хаартыскаҕа киирбэтэхтэр:
- Кысалгинов Григорий Лукич, 1935 сыллаах төрүөх. «Коммунизм» холкуос үлэһитэ. Оҕолоро:
а) Кысалгинова Мария Григорьевна — арааһынай үлэлэргэ үлэлээн баран, пенсияҕа тахсан, Дьокуускайга олорор.
б) Алексеева (Кысалгинова) Анисия Григорьевна – кулууп үлэһитэ этэ, билигин бааһынай хаһаайыстыбаҕа үлэлиир. Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгэр олорор.
в) Степанида Григорьевна – медицинскэй сиэстэрэ, Дьокуускайга олорор.
2. Макаров Василий Дмитриевич, 1933 сыллаах төрүөх. Оччолорго култуура отделын инспектора этэ. Дойдутугар Чурапчыга барбыта, онтон ыла сибээс суох.
3. Матаннанов Перт Семенович, 1939 сыллаах төрүөх. Петр Алексеев аатынан колхоз ыанньыксыта. Кэлин кулуупка үлэлээбитэ. Кэргэнэ, оҕото суох.
4. Постникова Анна Яковлевна, 1930 сыллаах төрүөх. Октябрьскай нэһилиэк библиотекатын сэбиэдиссэйэ. Үйэтин тухары библиотекаҕа үлэлээбитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, норуот маастара (иистэнньэҥ). Оҕолоро:
а) Хоютанова Оксана Прокопьевна — Дьокуускай куорат №31 оскуолатыгар биолог учууталынан үлэлээбит, пенсионер. Билигин ийэтин туйаҕын хатаран иистэнэр. Дьокуускайга Рыдзинского уулусса 18/8, под. 2, кв. 7 олорор.
б) Маркова Саргылана Прокопьевна – Дьокуускай куорат №20 оскуолатыгар учууталлаабыт. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна. «Таатта улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайката. Дьокуускай ул. Якова Потапова, 19/1, кв 51.
5. Слепцов Игнатий Игнатьевич, 1924 сыллаах төрүөх. Наблюдатель, метеоролог, норуодунай театр артыыһа, режиссер, ырыаһыт, ырыа айааччы. Оҕолоро:
а) Слепцов Анатолий Игнатьевич – врач, хирург, Жиганскай оройуон сүрүн бырааһа.
б) Слепцова Вера Игнатьевна – почтальон, Ытык Күөлгэ олорор.
в) Слепцова Дария Игнатьевна – соҕуруу ханнык эрэ куоракка олорор, музыкальнай үөрэхтээх.
г) Слепцова Мария Игнатьевна – учуутал, РОНО-ҕа библиотека сэбиэдиссэйэ этэ, билигин пенсионерка. Дьокуускайга олорор.
6. Сосина Зинаида Георгиевна, 1939 сыллаах төрүөх. РДК уус-уран салайааччыта. Оҕолорун билбэтим. Кини билигин суох, олохтон туораабыта ыраатта.
Испииһэги оҥордо ансаамбыл кыттыылааҕа
Белина (Андросова) Мария Степановна
Ытык Күөл с., Таатта улууһа, олунньу 4 күнэ, 2022 с.